РФ бэрэсидьиэнэ Владимир Путин Арассыыйа үрдүнэн эбии хомуур барбатын туһунан иһитиннэрдэ бэҕэһээ, ахсынньы 7 күнүгэр, Уопсастыба уонна киһи быраабын сэбиэтин мунньаҕар.
Владимир Путин мунньах кэмигэр бу Сэбиэт дойду үрдүнэн тирээн турар боппуруостары ырытыыга, ол иһигэр анал байыаннай эпэрээссийэҕэ сыһыаннаах боппуруостары киэҥ эйгэҕэ таһаарыыга, биир сүрүн миэстэни ыларын эттэ.
— Сэбиэт үөрэҕи, доруобуйа харыстабылын, экологияны, киһи, ол иһигэр оҕолор бырааптарын көмүскээһини, үлэни-хамнаһы сыыппараҕа көһөрүүнү, о.д.а. тыын боппуруостары болҕомто киинигэр тута сылдьар. Киһи быраабын, көҥүлүн харыстааһын боппуруостарын сыыппараҕа көһөрүү концепциятын, былаанын оҥорон бүтэрдэ. Сэбиэт киллэрбит үгүс этиитин билигин бырабыыталыстыба да, эрэгийиэннэр да үлэлэригэр туһана сылдьаллар. Анал байыаннай дьайыыга сыһыаннаах боппуруостар Сэбиэт үлэтигэр биир сүрүн миэстэни ылаллар. Исписэлиистэр анал байыаннай эпэрээссийэ тоҕо ыытылларын, сыалын-соругун киэҥ араҥаҕа кэпсииллэр, дьоҥҥо-сэргэҕэ быһааран биэрэллэр, көмөҕө наадыйар дьоҥҥо быһаччы көмөлөһө олороллор. Ити кырата суох үлэ, — диэн иһитиннэрэр бэрэсидьиэн.
Эбии хомуур туһунан этэригэр Владимир Владимирович Арассыыйа сэбилэниилээх күүстэригэр сөптөөх хомуур ыытыллыбытын бэлиэтиир.
— Анал байыаннай эпэрээссийэҕэ диэн 300 тыһыынча киһи хомуллубута. Кинилэртэн аҥаардара эрэ байыаннай дьайыыларга кытталлар, аҥаардара иккис, үһүс зоналарга, ону таһынан бэлэмнэниигэ сылдьаллар. Онон билигин эбии хомуур туһунан боппуруос турбат. Судаарыстыбаҕа да, Оборуона министиэристибэтигэр да хомууру ыытыы билигин наадата суох, — диэн этэр кини.
Владимир Путин анал байыаннай эпэрээссийэ кэмигэр Арассыыйа түөрт эрэгийиэннэммитин, Азовскай муора Арассыыйа ис муората буолбутун бэлиэтээн эттэ.
— Анал байыаннай эпэрээссийэ түмүгэ кылгас кэм иһинэн быһаарыллыбат боппуруос буолуоҕа. Ол эрээри билигин биһиги көрөрбүтүнэн түмүгэ баар: Арассыыйа састаабыгар саҥа эрэгийиэннэр киирдилэр, Азовскай муора биһиги муорабыт буолла. Уонна саамай сүрүнэ – мөлүйүөнүнэн киһи Арассыыйаҕа олорон үүнүөхпүт-сайдыахпыт диэн санааларын эттилэр. Бу, мин санаабар, улахан боппуруос, — диэн этэр кини.
Үөһээ Бүлүү улууһун Баҕадьа сэлиэнньэтигэр оскуола-саад үлэҕэ киирдэ. Бүгүн өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн тоҕус социальнай эбийиэк аһылынна.…
Үрдүк үөрэхтэргэ уонна кэллиэстэргэ Биир кэлим эксээмэни туттарбакка үөрэххэ киирии туһунан сокуон барылын дьокутааттар бөлөхтөрө…
Амма улууһун Михайловка сэлиэнньэтигэр Норуот айымньытын дьиэтэ үөрүүлээх быһыыга-майгыга аһылынна. Бүгүн өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн тоҕус социальнай…
Ленскэй оройуонунааҕы ИДьМ дьуһуурунай чааһыгар маркетплейс бэрэстэбиитэлиттэн сайабылыанньа киирбит. Инвентаризация кэмигэр табаары биэрэр пуунтан 300…
Оҕуруоту, сибэккини олордууга сүбэлэр Сүрүннээн тохсунньуттан үүнээйини олордуу саҕаланар. Арктикатааҕы судаарыстыбаннай агротехнологическай университет ойуур комплексыгар…
Дьокуускайдааҕы ИДьМ салаатыгар дьахтар балыыһаҕа сылдьан тас таҥаһын уордарбытын туһунан иһитиннэрбит. Бу туһунан СӨ ИДьМ…