Эбии үөрэхтээһин педагогун күнэ
Алтынньы 8 күнэ – Эбии үөрэхтээһин педагогун күнэ. Бу күн “Арассыыйа мин устуоруйам” пааркаҕа бу эйгэҕэ үлэлиир дьон улуустан тиийэ кэллилэр, быыстапкаҕа, маастар-кылааска кытыннылар.
Тэрээһин үөрүүлээх чааһыгар үөрэх уонна билим миниистирин эбээһинэһин толорооччу Михаил Присяжнай бэлиэ күнүнэн эҕэрдэлээн туран эбии үөрэхтээһин педагогтара оҕо, ыччат талаанын, дьоҕурун арыйарга сүҥкэн суолталаахтарын ыйда. “Эбии үөрэхтээһин педагогтарыгар үөрэх дьыла хаһан даҕаны түмүктэммэт. Тоҕо диэтэххэ, оҕону хайдах, тугунан сэҥээрдэртэн улахан тутулуктаах. Бу эйгэ педагогтара бастакынан саҥаны киллэрэллэр, технологияны туһаналлар, онтон салгыы оскуолаҕа тарҕанар”, – диэн бэлиэтээтэ. Бу эйгэ бырагырамаалара аныгылыы хайысханан өссө тупсан, өрөспүүбүлүкэҕэ, дойдуга ирдэнэр идэлэри кытта ситимнэнэн иһиэхтэригэр эрэнэбит диэтэ уонна үрдүк наҕараадалары туттарда.
Ил Түмэн үөрэххэ, билимҥэ сис кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ Антонина Григорьева эбии үөрэхтээһин 176, 35 судаарыстыбаннайа суох тэрилтэлэригэр 176 тыһ. тахса оҕо дьарыктанарын, “Хас биирдии оҕо ситиһиитэ” бырайыак биһиги өрөспүүбүлүкэбитигэр 106 % туолла, үөрэнээччи 73,3 % эбии үөрэхтээһининэн хабыллар, быйыл 80 %, онтон 2030 сылга 82 % тириэрдэр сорук турар диэн иһитиннэрдэ. “Эһигинэн сирэйдээн Сахабыт сирин 3000 тахса эбии үөрэхтээһинин педагогун эҕэрдэлиибин. Саҥа ситиһиилэри, суоллары, күүрээннээх үлэни баҕарабын. Кэлин патриоттуу тыыҥҥа, үлэҕэ үөрэтии туһунан элбэхтик этэбит. Быйыл эһиги этиилэргитинэн оҕо сайыҥҥы сынньалаҥын, үлэтин туһунан саҥа сокуону ылыныахпыт” – диэн эттэ итиэннэ үүнэр көлүөнэни иитиигэ, сайыннарыыга сыраларын иһин Ил Түмэн наҕараадаларын туттарда.
Ханна да олордоллор оҕолор талааннарын таба тайанан сайыннарар дьон – эбии үөрэхтээһин педагогтара. Бу буолан ааспыт тэрээһиҥҥэ Чурапчыттан, Нерюнгриттан тиийэ кэлэн оҕолор бэйэлэрин сатабылларын, ускуустубаттан успуорка тиийэ туохха уһуйуллубуттарын көрдөрдүлэр, үөрэнээччилэр уонна педагогтар үлэлэринэн быыстапка туруордулар, маастар-кылаастары ыыттылар.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: