Салгыы
Баччаларга сэрэнэн-сэрбэнэн, чуумпутук сылдьарбыт

Баччаларга сэрэнэн-сэрбэнэн, чуумпутук сылдьарбыт

Ааптар:
15.01.2025, 15:50
СИА хаартыската
Бөлөххө киир:

Ааспыт үйэ 60 сылларыгар, оскуола диэни өссө да билэ илик кыра оҕо, эбээ тапталлаах сиэнэ аатыраммын, куруук батыһа сылдьар этим.

Төһө даҕаны мэһэй-таһай буолларбын, эбэм барахсан батыһыннаран илдьэ сылдьара, элбэҕи кэпсиирэ. Ыйытарым да элбэҕэ бэрт эбитэ буолуо. Ордук баччаларга, сүллүүкүттэр тахсыбыт кэмнэригэр, оҕолор мээнэ айдааралларын боборо. Таҥаһы таһырдьа хаалларбаттар этэ. Киирэр аан тутааҕар көлүнэр аппыт көнтөһүн ыйыыра, тымтыгынан кириэс оҥорон дьиэҕэ уонна хотоҥҥо түннүк, аан үрдүнэн кыбыта анньан кэбиһэрэ. Өссө мууска, сүөһү сиир отугар кытта кистии анньара. Мин ыйыттахпына, сүллүүкүттэр силлиэхтэрэ диир буолара. Маннык буоллаҕына кинилэр кириэстэн куттаналларын, ол иһин чугаһаабаттарын этэрэ. Эбэм, уопсайынан даҕаны оччотооҕу дьон, итинник туомнары кистээн кэриэтэ оҥороллоро. Тоҕо диэтэххэ, оччолорго эдэр дьон тугу да итэҕэйбэт, барыта сымыйа диэн тыыҥҥа иитиллэр кэмнэрэ буоллаҕа.

Билигин итэҕэлбит төннөн, былыргы дьыллар мындааларыттан урут сурукка, докумуоҥҥа тиһиллибиттэри булан хостоон таһааран, сөргүтэн, сахалар төрүт олохтоох түҥ былыргылыы итэҕэллээх кырдьаҕас омук буоларбыт дакаастанан турар.

Эбэм Марыына миэхэ ийэтин, төрүттэрин, аймахтарын тустарынан дьон истиэ диэн ботугураан кэпсиирин үөл-дьүөл өйдүүбүн. Аатырбыт Романовтар ыраахтааҕылаан олорбуттара 300 сыллаах үбүлүөйүгэр ыҥырыллыбыттарыгар, В.Никифоров этэн көрбүтүн, ийэтэ барсыбатаҕа үһү. Ити туһунан биир дойдулааҕым, ааттаах-суоллаах суруналыыс Уйбаан Уһунуускай биир кэмҥэ суруйа сылдьыбыта. Ааспыты аҕыннахха бэйэтэ тохтоло суох хостонон тахса туруох курдук, онон бэрт аҕыйах тылынан аҕыннахха итинник.

Оччолорго киэһээтин сороҕор бүлүүһэ сүүрдэрбит. Ордук эбээбит баарыгар үчүгэйдик сүүрэрэ. Дьиктитэ диэн, хаһыакка тарбаҕын ууруо эрэ кэрэх, бүлүүһэбит бэйэтэ сүүрбүтүнэн барара. Өссө миискэлээх ууга сыа уулларан кутарбыт.  Онтон да элбэх араас биттэнии-билгэлэнии барыта оонньоноро. Ол биһиэхэ, оҕолорго, барыта сонун курдук буолара.

Иван Сивцев — Бээди

+1
4
+1
0
+1
1
+1
0
+1
2
+1
1
+1
2
Бары сонуннар
Салгыы
15 января
  • -40°C
  • Ощущается: -47°Влажность: 67% Скорость ветра: 3 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: