Өбүгэ оонньуулара түөлбэ дьиэ кэргэттэрин сомоҕолоото
Бу күннэргэ Горнай улууһун Бэрдьигэстээх сэлиэнньэлэрин түөлбэлэрэ сыл устата ыытыллар күрэстэр чэрчилэринэн, өбүгэ саҕаттан оонньонор остуол оонньууларыгар күөн көрүстүлэр.
Тэрээһин туһунан Бэрдьигэстээх сэлиэнньэтин дьаһалтатын ыччат ааҕыныстыбатын пресс-сулууспатыттан Роман Дмитриев сырдатта:
— Бэрдьигэстээххэ түөлбэ үлэтэ араас хайысханан олус көхтөөхтүк ыытыллар. Хабылыкка уонна хаамыскаҕа күрэхтэһии ыытылыыта үгэскэ кубулуйда. Ол курдук, балаһыанньа быһыытынан хас биирдии түөлбэттэн хамаандаҕа оҕолор төрөппүттэрин эбэтэр эбээлэрин, эһээлэрин кытта кыттыыны ыллылар.
Тэрээһиҥҥэ “Эбэ”, “Үрдэл”, “Эйэ”, “Киин”, “ДРСУ”, “Сардаҥа”, “Мелиоратор”, “Сэттэ” түөлбэлэр бэйэлэрин хамаандаларын туруоран кытаанах киирсии буолла. Улахан дьон үгүстэрэ бу көрүҥнэргэ уопуттаах, инники оонньууларга кыттыбыт буоллахтарына, оҕолор үгүстэрэ хабылыкка, хаамыскаҕа аан бастакытын оонньоотулар. Онон кэнэҕэс өбүгэ оонньууларын салгыы сайыннарыыга көлүөнэ солбуйсуута баар буолсу диэн биһиэхэ, тэрийээччилэргэ, эрэл кыыма саҕылынна.
Түмүккэ 2-лии мүнүүтэ иһигэр түргэнник, хаачыстыбалаахтык оонньоон, элбэх очукуоламмыттар кыайыы үөрүүтүн биллилэр. Онон 1-кы миэстэ – “Үрдэл”, 2-с миэстэ — “Мелиоратор”, 3-с миэстэ — “Эйэ” түөлбэлэр буоллулар.
Дьиэ кэргэн уонна Оҕо сылыгар ыытыллыбыт өбүгэ ооньууларын тэрээһинэ түөлбэлэр дьиэ кэргэттэрин сомоҕолоон, биир тыыннаан, өссө да атын тэрээһиннэргэ көхтөөхтүк кыттарга кынаттаата.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: