Өбүгэ ситимэ
Өбүгэлэриҥ эмиэ тыыннаах киһи курдук үөрэллэр уонна хоргуталлар.
Өскөтүн эн ийэҕэр, аҕаҕар, бииргэ төрөөбүттэргэр, аймахтаргар үтүө, тапталлаах сыһыаннаах буоллаххына, төрүттэргин саныыр, билэр, ытыгылыыр буоллаххына, олус үөрэллэр. Хоргуттахтарына, көрөллөрө-истэллэрэ мөлтүүр, кинилэр нөҥүө бэриллэр өбүгэ күүһэ тохтуур, олох кыһалҕаларын кытта соҕотохтуу бэйэлээх бэйэҕинэн туран хаалаҕын, хара күүскүнэн суолгун солоноҕун.
Ол эрээри кинилэр эйигиттэн хаһан да тиэрэ хайыспаттар, син биир олоҕуҥ тутаах кэмнэригэр аттыгар бааллар. Бу сирдээҕи олоххо эрэ ийэ, аҕа тыыннаах оҕотуттан, оҕо тыыннаах төрөппүттэриттэн аккаастанара буолуо, оттон өбүгэлэрбит биһигиттэн — суох.
Күөрэгэй «Төрүччү: өбүгэ ситимэ, күүһэ, көмүскэлэ»
(«Бичик», 2019) кинигэтиттэн.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: