“Өбүгэ ситимэ” саха тыынын уһугуннарар
Уон биир саастаах МайКуота кыысчаан “Орленок” лааҕырга “Эдэр модельер” куонкуруска 1-кы миэстэни ылыаҕыттан ыла айыах-тутуох, тулалыыр дьонун киэргэтиэх баҕа санаата саҕыллыбыта.
Ол ымыы санаатын толорон, билигин МайКуота Ноговицына СӨ норуотун маастара, СӨ уус-уран оҥоһугун маастара, прикладной ускуустубаҕа РФ Худуоһунньуктарын сойууһун чилиэнэ буола үүннэ.
Былырыын күһүҥҥүттэн «Симэх» норуот ускуустубатын уонна уус-уран оҥоһуктарын национальнай киинин иһинэн “Өбүгэ ситимэ” диэн иистэнньэҥнэр түмсүүлэрин тэриммитэ. Соторутааҕыта ол түмсүү иистэнньэҥнэрин, кинилэр үлэлэрин кытта билистим.
Сэлэлээн хаамыы көҕүлүүр
– Түмсүүгэ 23 иистэнньэҥ симиэнэнэн кэлэн ииһинэн дьарыктанар. Икки өрөбүл күҥҥэ дьиэ арыандалыыбын. Онно нэдиэлэ устата дьиэҕэ сорудахтарын толорон кэлэн, эбии иис саҥа ньымаларын билэн бараллар, – диэн кэпсэтиибитин саҕалыыр МайКуота Васильевна. Иистэнньэҥнэр саха дьахтарын 19-с үйэтээҕи таҥаһын тигэн, бэйэлэрин маастарыстыбаларын үрдэтэллэр эбит. Үгүстэрэ иискэ үөрэхтээх дьон, ону сэргэ саха дьахтарын сонун кэмпилиэгин ымсыыра көрөн, саҥа тиктэн эрэр иистэнньэҥнэр эмиэ бааллар.
– Саха сирин маастардарын күнүгэр сэлэлээн хаамыыга, дьэ, биһиги түмсүүбүт “күннүүр”. Идэлээх бырааһынньыкпыт курдук ылынныбыт, – диэн кэпсиир МайКуота Ноговицына. Кырдьык, Норуот маастарын күнүгэр бууктаах сонноох, дьэндиискэлээх дьабака бэргэһэлээх, мааны бэйэлээх сиэдэрэй оҥоһуулаах үтүлүктээх Далбар хотуну көрдөҕүнэ, хайа саха дьахтара итинник таҥныан баҕарыа суоҕай!
“Халыма өҥө” – бэртээхэй көстүү
Түмсүү чилиэннэрэ өрөспүүбүлүкэ араас улуустарыттан төрүттээхтэр. Орто Халыматтан сылдьар Марианна Федорова түүлээҕинэн иистэнэр эбит. Кыһыҥҥы бууктаах сонугар урукку кэрэмэс саһыл бэргэһэлэрин саҥардан тигэн, бэртээхэй кыһыҥҥы кэмпилиэги балтараа сыл тиктэн бүтэрбит. Өҥүн бэркэ таппыт. Ол ону “Халыма өҥө” диэн ааттыыр. Сырдык ыраас сааскы халлаан күөҕэ өҥтөн саҕалаан, суһуктуйуу саҕанааҕы халлаан өҥүгэр тиийэ наардаммыт. Дьэ, табан тигэр да буолаллар эбит! Дойдутугар Марианна түүнү тигэр ательеҕа үлэлээбит. Онно ордор түү кырадаһынын бырахпакка мунньар эбит. Онон сүүс киис кутуругуттан бэргэһэтин киэргэппитэ – бэртээхэй баай көстүү!
Куораттар тыалартан хаалсыбаттар
Киин куорат төрүт олохтооҕо Лариса Григорьева тыа сирин улуустарыттан төрүттээх дьүөгэлэрин кытта бииргэ иистэнэн, кыһыҥҥы таҥаһын бэйэтэ тиктэ сылдьар. Эмиэ Дьокуускай олохтооҕо Лена Сидорова түмсүүгэ алтыс ыйын сылдьар. Икки сыллаах үөрэх устата кыһыҥҥы таҥас кэмпилиэгин тиктэн бүтэрэр санаалаах. “Саха-таҥас” пиирмэҕэ үлэлии сылдьыбытыгар хамнаһын оҕуруонан төлөөбүттэр. Онон үгүс үтүлүк ойуута быысыбайданар эбит буоллаҕына, Лена Федоровна оҥоһуга барыта – оҕуруо.
Хос эбээтин оһуорун сөргүтэр
Бүлүүттэн сылдьар Марина Колтовская – география учуутала. Хотуна былыргы бэргэһэ чопчуурун бэлэхтээбит. “Бу бэлэхтэн сылтаан дьабака бэргэһэни тигиэхпин баҕарбытым. Ураты ойуулаах хос эбээбиттэн кэлбит оһуордаахпын. Былыргы иис, ханна да атыттарга суох. Ол ону сиэннэрбэр анаан сөргүтэн оҥоруохпун баҕаран, бастакы быысыбайы манна ойуулаан оҥорбутум. МайКуота Васильевна мин өр көрдөөбүт маастарым эбит. Бастаан хаппардары тигэргэ үөрэннибит. Быысыбайга араас сииги оҥорорго үөрэнэбит. Мин “тамбурнайы” талан быысыпкалаатым. Хаппарга тугу барытын укта сылдьаҕын. Былыр дьахталлар кус баттаҕын имитэн, былатыак оҥостоллор эбит. Быысыпкалыырга анаан үс арааманан мас ыстаныак оҥорбутум”, – диэн тыа сирин учуутала санаатын үллэстэр.
Эр киһиэхэ убаастабыл бэлиэтэ
Уус Алдантан төрүттээх Галина Чибыева чопчуурун көрдөрдө. “Миэнэ барыларыттан олох атын тиэхиньикэ. “Прикреп” диэн. Чопчуур иннэ эр киһи бэлиэлээх. Бу олус дириҥ суолталаах ис хоһоонноох – саха дьахтара эр киһиэхэ убаастабыла көстөр. Кини дурдата-хаххата, киэн туттуута”, – диэн билиһиннэрэр иистэнньэҥ.
Түмүк
Түмсүүгэ сылдьар Далбар хотуттар иискэ эрэ буолбакка, тириини таҥастыырга, имитэргэ эмиэ үөрэнэллэр. Кинилэр 19-с үйэтээҕи таҥастартан 21-с үйэ дьахталларын аныгылыы, нууччалыы эттэххэ, “стилизованнай” таҥастары тигэн, айан таһаараллар.
… Ити курдук, Өрөспүүбүлүкэ күнүн көрсө кылгастык “Өбүгэ ситимэ” түмсүү бүгүҥҥү үлэтин-хамнаһын билиһиннэрдим. Хас биирдии талааннаах, мындыр толкуйдаах киһи норуот маастара МайКуота Ноговицына курдук бэйэтин сатабылыттан бар-дьонугар “бэристэҕинэ”, сахалыы тыыммыт уһуктан, өбүгэ саҕаттан кэлбит үгэспитин сайыннара уонна байыта туруо этибит буоллаҕа.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: