Салгыы
Өбүгэ үгэһигэр — уһуйаантан

Өбүгэ үгэһигэр — уһуйаантан

21.11.2024, 18:30
Бөлөххө киир:

Бу күннэргэ Нам улууһун Партизан нэһилиэгин “Кустук” уһуйааныгар Байанай ыйыгар анаммыт тэрээһини ыыттылар.

Бу туһунан Нам улууһун Партизан нэһилиэгин баһылыгын солбуйааччы Полина Скрябина маннык сырдатта:

Саха киһитэ өбүгэ саҕаттан кыстыкка киириитигэр биир сүрүн дьарыга — күһүҥҥү муҥха. Эдэрдиин-эмэнниин күргүөмүнэн муҥхаҕа бараллар. Бу бэйэтэ биир ураты көстүүлээх, ис хоһоонноох саха төрүт үгэhинэн буолар дьарык.

“Кустук” уһуйаан иитээччилэрэ Оксана Винокурова, Ульяна Григорьева уонна физкультура инструктора Иван Гуляев «Күнчээн» бөлөх оҕолоругар сибиэһэй салгыҥҥа Байанай ыйыгар анаммыт «Муҥха күрэҕин» тэрийдилэр. Кырачааннар хаар күрдьэн, «ойбон алларан”, «муҥхалаан», бэрт элбэх “собону” хаптаран, сибиэһэй салгыны тот-хана “сиэн”, уһуйааннарыгар сүргэлэрэ көтөҕүллэн, үөрэн-көтөн киирдилэр.

Иитээччилэр кырачааннарбытын патриотическай тыыҥҥа иитэн, Ийэ дойдуга бэриниилээх буоларга өбүгэ үгэһигэр бу маннык тэрээһиннэртэн саҕалаан уһуйаллара хайҕаллаах суол.

+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
21 ноября
  • -31°C
  • Ощущается: -31°Влажность: 76% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: