Салгыы
«Өбүгэ үгэһин сөргүтэн». Мытаахха туризм күүскэ сайдар

«Өбүгэ үгэһин сөргүтэн». Мытаахха туризм күүскэ сайдар

Ааптар:
15.07.2024, 10:50
Хаартыскаҕа Артур Егоров түһэриитэ
Бөлөххө киир:

Горнай улууһугар Мытаахха ыытыллар «Өбүгэ үгэһин сөргүтэн» болҕомтону тардар бырайыак.

Бу бырайыагы иккис төгүлүн «Мытаах музей-галерея» МБТ үлэһиттэрэ,  СӨ култууратын туйгуннара,»Горнай улууһун сайдыытыгар киллэрбит кылааттарын иһин» бэлиэ хаһаайыттара —  дириэктэр Артур Николаевич Егоров, научнай сотрудник Лидия Семеновна Григорьева, СӨ ТХ үтүөлээх үлэһитэ Серафим Серафимович Григорьев ситиһиилээхтик тэрийэн ыыттылар, дьон-сэргэ махталын ылыахтарын ыллылар.

Тэрээһин туһунан А.Н.Егоров бу курдук сырдатта:

—Уопсайа аҕыс күн ыытыллыбыт тэрээһиҥҥэ оҕотуттан аҕам саастаах дьонугар тиийэ сэргээн, сэҥээрэн сырыттылар. Барыта 120 киһи кэлэн барда. Сунтаартан, Бүлүүттэн, Хаҥаластан, Дьокуускайтан, Бэрдьигэстээхтэн уонна улууспут атын нэһилиэктэриттэн. Үүт, кымыс истилэр. Сылгыһыт, кымысчыт Серафим Серафимович Григорьев сылгы, кымыс туһунан лиэксийэтин сэҥээрэн иһиттилэр, бэртээхэй кэпсэтии таҕыста. Ыалдьыттар түмэли, галереяны көрөн сөхтүлэр, астыннылар.

Онон бу Горнай улууһугар туризм сайдарыгар биир төһүү бырайыак  буолара билиннэ. Быйыл иккис төгүлүн ыыттыбыт. Бастакыбытын 2021 сыллаахха тэрийбиппит. Онно эмиэ үгүс киһи сэҥээриитин ылбыта. Амматтан, Намтан, Хаҥаластан тиийэ кэлэн биэ ыан астынан, үөрэн-көтөн барбыттара. Бу да сырыыбытыгар эмиэ оннук тэрийэн махталы ыллыбыт.

Аны туран, икки төгүл аахсыйанан нэһилиэкпит ытык саастаах дьонугар биэ үүтэ түҥэтилиннэ.

Дьэ, ити курдук бу бэртээхэй бырайыак дьону түмүөн түмэр, сонурҕатыан сонурҕатар. Өссө далааһыннанар чинчилээҕэ үөрдэр.

Хаартыскаларга Артур Егоров т үһэриитэ

+1
2
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
7 декабря
  • -22°C
  • Ощущается: -28°Влажность: 77% Скорость ветра: 2 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: