Өбүгэлэрбит күнү-дьылы эндэппэккэ билэллэрэ

Share

Өбүгэлэрбит хайдах күн-дьыл кэлиэн туох даҕаны куйаар ситимэ суох эндэппэккэ билэллэрэ. Тулалыыр эйгэни, көтөрү-сүүрэри өйдөөн-дьүүллээн көрөллөрө, онон сирдэтинэллэрэ, сылыктыыллара.  

И.Сосин, И.Неустроев 1992 с. таһаарбыт “Сахалыы күнү-дьылы билгэлээһиннэр” кинигэлэриттэн кыһыҥҥы ыйдарга сыһыаннаахтары бэчээттиибит.

— Ахсынньыга тымныы, хаара суох буоллаҕына, бэс ыйыгар кураан буолар,

— ахсынньы хаардаах уонна сылаас буоллаҕына, сайын саҕаланыытыгар тымныйар,

— ахсынньылаах тохсунньуга тыалырдаҕына, бэс уонна от ыйдарыгар тоҥоруулар (хаһыҥнар) түһүөхтэрэ,

— барабыайдар кыһын дьиэ эбэтэр атын да тутуулар үрдүлэригэр саҥата-иҥэтэ суох иһийэн олордохторуна, соторунан былытырар, хаардыыр,

— Баһылайап күнэ (тохсунньу 14 күнэ) үүнэр түүнүгэр халлаан хойуу суолустаах буоллаҕына, элбэх дьэдьэннээх, отонноох, үтүө сайын кэлэрин күүтэллэр,

— Дьүкээбил уота күһүҥҥү түүн умайдаҕына халлаан тымныйар,

— кураан, куйаас сайын кэлэригэр кыһына чараас хаардаах уонна тымныы буолар,

— халлаан сотору тымныйыах буоллаҕына, куоска оһох үрдүгэр сытар,

— күһүн хаар түһэр кэмиттэн хойутаатаҕына, кэлэр саас эрдэлиир,

— кыһын буурҕалаах буоллаҕына, сайына ардахтаах буолар,

— кыһын илинтэн эбэтэр соҕурууттан тыалырдаҕына, сотору кэминэн хаар түһэр, оттон арҕааттан эбэтэр хотуттан тыалырдаҕын, тымныы уҕараабат, күүһүрэр,

— кыһын кырыалаах буоллаҕына, сайына ардахтаах,

— кыһын ойбон уута модьоҕотун таһынан тамныыр буоллаҕына, кэлэр сайын ардахтаах буолар.

— кыһын саҥа ый уһуга кылааннаах буоллаҕына, үүммүт ый тымныы буолар,

— кыһын үргэл үөһэнэн сырыттаҕына, сайын кураан буолар,

— кыһын хаар көмнөҕө маска элбэх буоллаҕына, сааһыгар үрэхтэргэ, алаастарга уу элбэх буолар,

— кыһыҥҥы таҥаралар былыттаах кэмҥэ кэллэхтэринэ, эһиилигэр ардахтаах, өҥ сайын буолар,

— Миитэрэйэп саҕана (сэтинньи 8 күнэ) халлааҥҥа чүмэчи курдук былыттар таҕыстахтарына, чэбдик кыһыны, оттон халлааҥҥа үдүк-бадык уонна сырдыктыҥы будулҕан былыттар устар буоллахтарына, тымныы кыһыны күүтүллэр,

— ойбон томточчу тоҥор буоллаҕына, уулаах саас, оттон хотойон тоҥор буоллаҕына, уута суох саас кэлэр,

— өрүс турарыгар кыдьымаҕа элбэх буоллаҕына, эһиилги сааһыгар өрүскэ уу элбэх буолар,

— өрүскэ тааҥ элбэхтик таҕыстаҕына, саас халаана улахан буолар.

Хаартыска: Мария ВАСИЛЬЕВА (СИА).

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Сыымахха Васильевтар үлэлэригэр атынан сылдьаллар

Бу күннэргэ Мэҥэ Хаҥалас улууһугар Сыымахха командировкаҕа сылдьан,  киһи кэрэхсиир түгэнин көрөн, сырдатарга сананным. Васильевтар…

7 часов ago
  • Куонкурус
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Айсен Николаев Марат Хуснуллины кытта көрүстэ

Көрсүһүүгэ сүрүн болҕомто Саха сиригэр национальнай бырайыактары уонна РФ Бэрэсидьиэнин сорудахтарын олоххо киллэриигэ уурулунна. "Айсен…

7 часов ago
  • Интэриэһинэй
  • Сонуннар

Сэрии кэмигэр тутуллубут өстүөкүлэ собуота

Аҕа дойдуну көмүскүүр сэрии уустук сылларыгар тыыл үлэтэ байыаннай балаһыанньа ыйарынан былааннанара. «Барыта фроҥҥа, барыта…

8 часов ago
  • Интэриэһинэй
  • Сонуннар

Билиэн-көрүөн баҕалаахха: куоска минньигэс амтаны билэр дуо?

Маны билэҕит дуо? Куоска минньигэс амтаны билэр дуо? Оттон саамай улахан кинигэ төһө ыйааһыннаах буолуо…

8 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

«Мин Сахам сирэ XXI үйэҕэ» хамсааһын 25 сыла!

Бүгүн, ахсынньы 11 күнүгэр, Бырабыыталыстыба дьиэтигэр, Өрөспүүбүлүкэ саалатыгар "Мин Сахам сирэ XXI үйэҕэ" үтүө дьыала…

8 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Быйыл 6 муоста тутулунна

2024 сылга Саха сиригэр «Безопасные качественные дороги» бырагырааманан алта муостаны туттулар. Бу туһунан массыына суолун…

9 часов ago