Өбүгэлэрбит үҥкүүлэрин бииргэ толоруохпут
Быйыл күһүн “Кындыкаан” айар холбоһук “Һээдьэ” (“Хэдьэ”) эбээн ырыатыгар социальнай видеокилииби таһаарбыта. Килиип биһирэмэ Владивостокка Илиҥҥи экэнэмиичэскэй пуорум кэмигэр буолбута. Ырыа ааптара – Кэбээйи улуһун Сэбээн Күөл сэлиэнньэтин олохтооҕо Петр Кейметинов.
Килиип куоракка көһөн кэлбит уол төлөпүөнүнэн тордоххо олорор ийэтин кытта кэпсэтиититтэн саҕаланар. Куорат эйгэтигэр киирбит уол ийэтин кытта ыксаан, ситэ кэпсэппэккэ хаалар. Кини туруупкатын ууран баран үлэҕэ “төбөтүн оройунан” түһэр уонна эмискэ киниэхэ төрөөбүт бэлиэлэрэ уонна уобарастара көстөллөр – офиска бииргэ үлэлиир кэллиэгэтин моонньугар эбээн амулета, куорат устун национальнай таҥастаах күүлэйдии сылдьар эбээтэ уонна балта. Кинини бу дьикти көрүүтэ күнү быһа батыһа сылдьар уонна хойут, түүҥҥү кулуупка эмиэ, танцполга эмискэ эбээн көстүүмнээх кыыһы көрө түһэр. Кылаабынай дьоруой киниэхэ ыкса кэлэн, эмискэ һээдьэ төрөөбүт үҥкүүтүгэр киирэр. Дьоруой кутаа уотун аттыгар эбээн кэрэ кыыһын кытта үҥкүүлүү сылдьан, эмискэ балааккаҕа уһуктар. Онтуката баара-суоҕа түүл эрэ эбит – кини тордоҕор сылааска бигэнэн сытар, аттыгар тапталлаах ийэтэ баар. “Куорат уола буолбуппун диэн түһээтим”, – диэн ийэтэ соһуйбутугар этэр уонна табатын көлүйэн, төрөөбүт сирин-уотун көрө барарга сананар.
Килиип сюжетын уонна “Һээдьэ” (“Хэдьэ”) ырыа устуоруйатын туһунан ааптар Петр Кейметиновы кытта кэпсэттибит.
– Айар үлэҥ уонна бэйэҥ тускунан кэпсээ эрэ.
– Мин Кэбээйи оройуонун эбээн норуота түөлбэлээн олорор Сэбээн Күөл сэлиэнньэтигэр күн сирин көрбүтүм. Биһиги хоту дойду аҕыйах ахсааннаах төрүт норуоттарыгар киирэбит. Сэлиэнньэбитигэр бары кэриэтэ кыратыттан улаханыгар диэри төрөөбүт эбээн тылынан саҥараллар. Бу олус ураты, тоҕо диэтэххэ, атын оройуоннарга уонна дойду эрэгийиэннэригэр эбээннэр төрөөбүт тылларын симэлитэр туруктаахтар, онно төрөөбүт тылларынан биир эбит киһи саҥарар.
Ламыҥхатааҕы эбээн национальнай нэһилиэгэр ЫБМ исписэлииһинэн үлэлиибин. Оттон ырыа – таптыыр дьарыгым. Оҕо сааспыттан ыллыырбын сөбүлүүбүн. Кыра эрдэхпинэ дьиэ кэргэн уонна сэлиэнньэ бырааһынньыктарыгар олоппоско туруоран, таптыыр ырыаларбын ыллыырбар көрдөһөллөрө. Куонкурустарга кыттааччыбын. Тугу көрбүппүн тутатына хоһуйан ыллааччыбын, хомойуох иһин, тиэкиспин суруйбат этим.
2015 сыллаахха “Туундара уонна тайҕа өй дуораана” (“Эхо тундры и тайги”) диэн Хоту дойду аҕыйах ахсааннаах төрүт норуоттарын ырыаны айааччыларын бэстибээл-куонкуруһугар кыттарга ыҥырбыттара. Куонкуруска кыттаары “Хэдьэ” национальнай үҥкүүбүт туһунан ырыаны суруйбутум.
Тыла-өһө баара-суоҕа балтараа чаас иһинэн бэлэм буолбута, салгыы итиннэ муусукатын толкуйдуур уустук соҕуһа. Ырыабын бэлэмнээн баран, “Тунгус рекордс” звукозапись устуудьуйатын төрүттээччилэри Дьулустаан Сидоровы уонна Александр Константиновиһы кытта билсибитим. Кинилэр миэхэ аранжировкатыгар көмөлөспүттэрин, ырыабын босхо уһулбуттарын иһин махтанабын. Ол кэмтэн ыла айбыт ырыаларбын уһултаран, толорор буолбутум. Ити курдук айар үлэм саҕаламмыта. Эбээннии үс ырыалаахпын.
– Һээдьэ туһунан тоҕо ыллыырга сананныгыт? Бу ырыа туох суолталааҕый уонна туох туһунан ылланарый?
– Бу үҥкүүнү эбээннэр бары билэллэр. Һээдьэ – бу өбүгэлэрбит былыргы сиэр-туом үҥкүүлэрэ. Үгэс курдук Саҥа дьылы көрсүүгэ, айылҕа уһуктуутун көрсүүгэ үҥкүүлүүллэр. Бу үҥкүү – норуоппут түмсүүтүн бэлиэтэ. Үҥкүү таһаарааччы “Хэдьэ! Һуруйа! Хандэ!” диэн этэрин, атыттар үтүктэллэр. Бу аҕам саастаахтар, дьахталлар уонна эр дьон түмсүүлэрэ. Күн тахсыытынан илии-илииттэн ылсан, үҥкүүлүүллэр. Бастаан бытааннык саҕаланан баран, хас саҥардахтарын аайы түргэтээн барар. Билигин дискотекаларга ыччат һээдьэлиир, ол иһигэр мин ырыабынан эмиэ. Кимиэхэ эрэ бу көннөрү үҥкүү, оттон кимиэхэ эрэ сакральнай суолталаах. Сэлиэнньэбитигэр кэлэр көлүөнэҕэ хаалларар туһугар һээдьэҕэ анаммыт тэрээһиннэр ыытыллаллар.
Ырыабын эбээн тылыттан тылбаастаатахха маннык тыллар бааллар: “Өбүгэлэрбит үҥкүүлэрин толоруохха. Аҕам саастаахтар, чэгиэн буолуҥ, оттон эдэрдэр миигинниин ыллааҥ! Чугас дьоҥҥутун харыстааҥ, бары бииргэ буолуоҕуҥ! Илии-илииттэн ылсан һээдьэни үҥкүүлүөҕүҥ уонна бырааһынньыкка күн сардаҥаларын уруйдуоҕуҥ!”
Бу ырыабар килиип уһултарар баҕалааҕым. Ол эрээри идиэйэни олоххо киллэрэргэ үбүлээһин наада. Кимтэн да көмө көрдөспөтөҕүм, идиэйэбин эппэтэҕим. Миэхэ биир дойдулаахтарым билиниилэрэ олус суолталаах, хоту дойду аҕыйах ахсааннаах норуоттарыгар бу ырыа өрөспүүбүлүкэҕэ уонна тас өттүгэр тарҕаммыта.
Сайын “Кындыкаан” бырайыак ааптара Маргарита Попова эрийбитэ. Мин ырыабын эбээннэргэ уонна хоту дойду норуоттарыгар киэҥ суолталаах хит диэн, килиип уһуларга этии киллэрбитэ. Онтон олус үөрбүтүм уонна сөбүлэспитим. Бу иннинэ мин “Кындыкаан” бырайыак сайдыытын кэтээн көрбүтүм, хоту дойду култууратын тэнитиигэ уонна харыстааһыҥҥа, төрүт норуоттар кыһалҕаларыгар дьону түмүүгэ кинилэр санааларын өйүүбүн. Мин аҕа ууспар Кындыкаан курдук устуоруйа эмиэ баар. Хос эһээбин уоспаттан олоччу эстибит тордохтон булбуттар. Ону Кейметиновтар ииппиттэр.
Маргарита суруйбут сценарийа толкуйбун, санаабын кытта сөп түбэспитэ. Сюжета социальнай сытыы хайысхалаах. Хоту дойду аҕыйах ахсааннаах төрүт норуоттарын ыччата төрөөбүт сирдэриттэн, култуураларыттан, үгэстэриттэн тэйиилэрин туһунан тиэмэни таарыйар. Үгүс эдэр ыччат түөлбэлээн олорор национальнай сэлиэнньэлэриттэн куораттарга үөрэнэ бараллар, төрөөбүт дойдуларыгар эргиллэн, төрүт дьарыктарынан, хаһаайыстыбаларынан дьарыктаныахтарын баҕарбаттар. Бу Хоту дойду олохтоохторугар улахан кыһалҕанан буолар.
– Килииби ханна, хайдах устубуккутуй? Онно эн көстүбэккин дии, ким сүрүн дьоруой буолбутай?
– Бастаан килиипкэ сүрүн дьоруой буолуохтааҕым. Сэбээн Күөлгэ уонна Дьокуускайга устуу күнэ-дьыла чопчуламмыта. Хомойуох иһин, ардахтан уонна тумантан бөртөлүөттэр уонна сөмөлүөттэр рейстэрэ уларыйан, былааны барытын уларыппыта. Сэбээн Күөлгэ суолунан сырыы суоҕа олохтоохторго улахан кыһалҕанан буолар. Мин сэлиэнньэттэн үс нэдиэлэ кыайан айаннаабатаҕым.
Миигин кэтэһэр табыллыбат этэ, онон оонньуур киһини көрдөөбүттэрэ. Онуоха Дьокуускайга олорор бырааппын Бориһы оонньотуҥ диэбитим. Кини видеороликка олус бэркэ киирэн биэрбитэ, бэл, артыыс быһыытынан кэрэхсээбиттэрэ. Эбээн кыыһын балтыбыт оонньообута. Түүҥҥү кулуупка үҥкүүнү уһулууга “Айулна” эбээн ансаамбыла кыттыбыта.
Сүрүн дьоруой ийэтин кытта сюжета саҕаланыытын Өймөкөөн “Осикат” таба иитэр хаһаайыстыбатын сиригэр-уотугар уһулбуттара.
Владивостокка килиип премьератын баттаһа тиийбитим. Килиип биһирэмэ Илиҥҥи экэнэмиичэскэй пуорум кэмигэр буолбута. Онон пуорум сүрүн сыанатыгар “Душа России. Север” бэстибээлгэ “Кындыкаан” айар холбоһук көмөтүнэн толорбутум, ол иһин махталым муҥура суох. ВЭФ сценатыгар аҕыйах ахсааннаах төрүт норуот бэрэстэбиитэлэ бу иннинэ тахса илигэ.
– Килииби оҥороргутугар ким көмөлөспүтэй?
– Килииби устууну Кэбээйи улууһун “Маяк” кыһыл көмүһү хостуур хампаанньа успуонсардаата. Кинилэр килиип сюжетын уонна социальнай аналын сөбүлээбиттэрэ.
“Маяк” хампаанньа биһиги оройуоммутугар олус көмөлөһөр. Быйыл Сэбээн Күөл ууга барбытыгар уонна ойуур баһаарын умулларыыга гуманитарнай көмөнү оҥорбуттара, табаны иитэр ыстаадаларга уонна сүппүт табаһыттары көрдүүргэ куруук көмөлөһөллөр. Маны сэргэ социальнай тэрилтэлэргэ инвентары атыылаһар, Табаһыт күнүн эҥин курдук бырааһынньыктары өйүүллэр, дьоҥҥо куруук көмөлөһөллөр.
Мин дьиэ кэргэним “Маяк” хампаанньаҕа уонна “Кындыкаан” айар холбоһукка эбээн култууратын сайыннарыытын, миигин төрөөбүт тылынан ырыаһыт быһыытынан таһаарбыттарын иһин махтанар.
– Төрөөбүт норуоккут айар талааннаах дьонугар туох баҕа санаалааххын?
–Төрөөбүт тылгытынан кэпсэтэргититтэн кыбыстымаҥ. Кыайан саҥарбат буоллаххытына, дьарыктаныҥ. Төрөөбүт тылгытынан хоһоон уонна ырыа тыла өйгүтүгэр киирэн кэллэҕинэ, булгуччу сурукка тиһиҥ. Төрдүгүтүн-уускутун умнумаҥ, төрүт үгэстэргитин ытыктааҥ. “Кындыкаан” айар түмсүү ону бэйэтин холобурунан туоһулуур. Миигин өйүүргүт айар чыпчаалга дьулуһарбар көмөлөһөр.
Мария Алексеева.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: