Өбүгэлэрбит ытык ыллыктарынан
Бэҕэһээ өрөспүүбүлүкэ экологияҕа, айылҕаны туһаныыга уонна ойуур хаһаайыстыбатыгар министиэристибэ үлэһиттэрэ уонна Дьокуускай куорат уопсастыбаннаһын көхтөөх олохтоохторо миниистири бастакы солбуйааччы Дьулустан Хон салалтатынан Эркээни хочотугар ытык ыллык устун сатыы хаамтылар.
Сатыы хаамыы Бүтүн Арассыыйатааҕы Хаамыы күнүгэр ананна. Бу туһунан СӨ экологияҕа, айылҕаны туһаныыга уонна ойуур хаһаайыстыбатыгар министиэристибэтин пресс-сулууспата иһитиннэрэр.
Сатыы хаамааччылар былыр-былыргыттан сахалар түөлбэлээн олорбут Кууллатыы сиригэр тохтоон, бу дойдуга сүгүрүйэн аастылар. Кууллатыы – бу Өлүөнэ өрүс илин уһугар түһэр Ытык хайалар тэллэхтэринэн устар хочо. Учуонайдар уонна кыраайы үөрэтээччилэр сабаҕалыылларынан, былыыр-былыр манна саха норуотун бастакы баһылыга Тыгын аҕата, хаҥыл хаҥаластары тэниппит-ууһаппыт Мунньан Дархан олорбут.
2019 сыллаахтан манна туристическай маршрут оҥоһуллубута. Кууллатыынан сатыы хаамыынан дьарыгырар дьон сөбүлээн сылдьаллар.
— Биһиги нэһилиэстибитин мэлдьи өйдүүбүт уонна үлэттэн быыс булан айылҕаны кытта алтыһарга, дуоһайа сынньанарга дьулуһабыт, — диэн бэлиэтээтэ Дьулустаан Иванович. – Былыр-былыргыттан икии атахтаах тулалыыр эйгэни, айылҕаны кытта ыкса ситимнээх. Маннык ытык сирдэринэн сатыы сылдьар дьон доруобуйатыгар туһалааҕын таһынан, ис туругун бөҕөргөтөр, айылҕаны өйдүүрүгэр көмөлөһөр.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: