Өбүгэлэрбит ытык ыллыктарынан

Share

Бэҕэһээ өрөспүүбүлүкэ экологияҕа, айылҕаны туһаныыга уонна ойуур хаһаайыстыбатыгар министиэристибэ үлэһиттэрэ уонна Дьокуускай куорат уопсастыбаннаһын көхтөөх олохтоохторо миниистири бастакы солбуйааччы Дьулустан Хон салалтатынан Эркээни хочотугар ытык ыллык устун сатыы хаамтылар.

Сатыы хаамыы Бүтүн Арассыыйатааҕы Хаамыы күнүгэр ананна. Бу туһунан СӨ экологияҕа, айылҕаны туһаныыга уонна ойуур хаһаайыстыбатыгар министиэристибэтин пресс-сулууспата иһитиннэрэр.

Сатыы хаамааччылар былыр-былыргыттан сахалар түөлбэлээн олорбут Кууллатыы сиригэр тохтоон, бу дойдуга сүгүрүйэн аастылар. Кууллатыы –  бу Өлүөнэ өрүс илин уһугар түһэр Ытык хайалар тэллэхтэринэн устар хочо. Учуонайдар уонна кыраайы үөрэтээччилэр сабаҕалыылларынан, былыыр-былыр манна саха норуотун бастакы баһылыга Тыгын аҕата, хаҥыл хаҥаластары тэниппит-ууһаппыт Мунньан Дархан олорбут.

2019 сыллаахтан манна туристическай маршрут оҥоһуллубута. Кууллатыынан сатыы хаамыынан дьарыгырар дьон сөбүлээн сылдьаллар.

— Биһиги нэһилиэстибитин мэлдьи өйдүүбүт уонна үлэттэн быыс булан айылҕаны кытта алтыһарга, дуоһайа сынньанарга дьулуһабыт, — диэн бэлиэтээтэ Дьулустаан Иванович. – Былыр-былыргыттан икии атахтаах тулалыыр эйгэни, айылҕаны кытта ыкса ситимнээх. Маннык ытык сирдэринэн сатыы сылдьар дьон доруобуйатыгар туһалааҕын таһынан, ис туругун бөҕөргөтөр, айылҕаны өйдүүрүгэр көмөлөһөр.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Степан Аржаков туһунан дойдубут тэбэр сүрэҕэр…

Быйыл Саха сирин үрдүнэн биллиилээх судаарыстыбаннай уонна бэлитиичэскэй диэйэтэл Степан Аржаков төрөөбүтэ 125 сылын бэлиэтээтибит.…

34 минуты ago
  • Куонкурус
  • Сүрүн
  • Уопсастыба

Юрий Трутнев Москваҕа кэллиэгийэҕэ кытынна

Москваҕа Муора кэллиэгийэтин Арктикаҕа РФ национальнай интэриэстэрин көмүскүүр Сэбиэтин бастакы мунньаҕа буолан ааста. Арктикаҕа РФ…

58 минут ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн
  • Үөрэх

Атахпыт анныгар харалла сытар түҥ былыргы олохтон

Ирбэт тоҥ дойдуга олорорбут биир үчүгэйэ, атахпыт анныгар түҥ былыргы олох харалла сытар. Таба тайаннахха,…

1 час ago
  • Култуура
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Өрөйүҥ-чөрөйүҥ, олоҥхо истэр кэм кэллэ

“Бүгүҥҥү күҥҥэ саамай улахан ситиһиибитинэн олоҥхону толорор ыччаппыт, эр дьоммут элбээбитэ буолар. Кинилэри түүн да…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Абхазияҕа туох буолла?

Абхазияҕа ааспыт нэдиэлэттэн өрө туруу баран, бэрэсидьиэннэрин быыбара болдьоҕун иннинэ ыытыллар буолла. Сэтинньи 15 күнүгэр…

3 часа ago
  • Итэҕэл
  • Куонкурус
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Күн-дьыл туруга: сэтинньи 23 күнэ

Бу күннэргэ күн-дьыл туруга хайдаҕый? Күнү-дьылы кэтээн көрөөччүлэр туох дииллэрий? Өрөспүүбүлүкэ арҕаа, хотугулуу-арҕаа улуустарыгар, Өлүөнэ…

4 часа ago