“Өбүгэм сириттэн тэйимээри”
Булчуттары кытта кэпсэттэххэ, “бастаан аҕабытын батыһан булка сыстыбыппыт” диэн кэпсээнтэн саҕалааччылар. Бу да сырыыга ыраах Абый улууһун Сутуруоха бөһүөлэгин олохтооҕо, Саха Өрөспүүбүлүкэтин “Гражданскай килбиэн” бэлиэтин хаһаайына Михаил Стручков хайдах булчут буолбутун туһунан кэпсииригэр аҕатын Семен Михайлович туһунан истиҥ тылынан ахтан ааста.
Михаил Семенович оччотооҕу ыччат сиэринэн 1980 с. Үрүҥ Хайа орто оскуолатын бүтэрэн оробуочайдаабыт, сибээскэ мончуордаабыт. Онтон “Абый” сопхуоска харабыллаабыт. Ол сылдьан аҕатын кытта күһүҥҥү балыкка барсыбыт. Онно сылдьан хапкаан туруоран, бултаан, сыыйа булт абылаҥар ылларбыт. Итинтэн сиэттэрэн эдэр уол 1984 с. бэйэтэ туспа бултуу барар буолбут.
– Абыйга кадровай булчутунан сылдьыбытым. Урут даҕаны, билигин даҕаны кииһи бултуубун. Ол саҕана сопхуоска биирдии булчукка 20 кииһи, кырсаны, атын түүлээҕи туттарарга былаан түһэрэллэрэ. Кииһи эккирэтэ сылдьан бултааччыбыт суох. Хапкаан иитэр этибит. Билигин аймахпар “И.Полушкин” ИП-гар баарбын. Ол курдук, кыһын түүлээхтиибит уонна балыктыыбыт. Былааммыт наһаа элбэҕэ суох. Биһиги 40 тыһ. гектар сирдээхпит-уоттаахпыт. Бу “ИП” сирэ аҕам төрөөбүт сирэ-уота буоллаҕа, онон өбүгэм сириттэн тэйимээри, манна сыстан сылдьабын. Абыйга киис баарын баар, арай сирбит кыра буолан, лиссиэнсийэбит аҕыйах. Ол лиссиэнсийэбитин кыылы-сүөлү кыһыҥҥы ааҕыы (ЗМУ) түмүгүнэн көрөн, биэрэллэр. Бу учуот үлэтигэр бэйэм эмиэ кыттааччыбын, – диэн балыктыы бараары бэлэмнэнэ сылдьар Михаил Семенович кэпсээнин саҕалаата.
Кини кэпсээнин быыһыгар сопхуос саҕанааҕы булчуттары хааччыйыы хайдаҕын эмиэ ахтан-санаан ылла. Ол курдук, ити кэмнэргэ түүлээхситтэри, бэл, тиийэн эрдэттэн бэлэмнэнниннэр диэн, бөртөлүөтүнэн кытта тиэйэн бултуур сирдэригэр илдьэн түһэрэллэр эбит.
– Дьэ, билигин буоллаҕына, “бураммытыгар” олорон, Сутуруохаттан алта чаас кэриҥин тохтообокко айаннаан, бултуур сирбитигэр тиийэбит. Биһиги Аллайыаха кыраныыссатыгар чугаһыыбыт, аатырар Ожогино күөл бэтэрээ өттүгэр тиийэбит. Күөллэрбит уулара түһэн, киириилэрэ-тахсыылара олус ыарахан буолла. Кэнники сылларга андаатар хойуута бэрт. Сэбиэскэй кэмҥэ элбэхтик бултууллар этэ да, аҕыйаабат. Онон күөлбүтүн хаһан кэбиһэр. Кырдьык, билигин, андаатар туттарыллар сыаната чэпчэки диэн ким да бултаабат буолла, ол баар чахчы, – диэн салгыы кэпсээтэ сорсуннаах булчут.
Урут даҕаны, билигин даҕаны кииһи бултуубун. Ол саҕана сопхуоска биирдии булчукка 20 кииһи, кырсаны, атын түүлээҕи туттарарга былаан түһэрэллэрэ. Кииһи эккирэтэ сылдьан бултааччыбыт суох.
Михаил Семенович билигин балыктыы бараары бэлэмнэнэр. “Эбэбит алтынньы 12 күнүн диэки биирдэ туруоҕа” диир.
Балыктыыр учаастактарыгар үлэ элбэх, илимнэрин көрөн, мастанан хайаан, күн биллибэккэ ааһыаҕа. Хата, сайыҥҥы өттүгэр балыктыыр сирдэрэ чугас эбит. Билигин ахсынньы ыйга диэри 3 туонна кэриҥэ балыгы бултуохтаах. Сопхуос саҕана 12-14 т туттарар эбит.
– Хайа да булчут, балыксыт бултуур базатын үчүгэйдик тэринэргэ кыһанар. Бэл, эдэр эрдэхпинэ, 1986 с. ыла бултуур сирдэрбэр дьиэ тутта сатыыр этим. Сопхуос саҕаттан балыктыыр сирдэрбэр дьиэлэрдээхпин. Ол сирдэри билигин барытын тендеринэн урбаанньыттарга (ИП-ларга) үллэрбиттэрэ. Бултуур да базабыт үчүгэй дьиэлээх-уоттаах, гараастаахпыт. Онтон ордук туох наада буолуой, тыаҕа сылдьар киһиэхэ. Хаардаах дьылга уһуннук сылдьааччыбыт. Хаара суохха суол-иис ыарахан, элбэҕи тиэйбэккин. Бириэмэбит да тиийбэт курдук буолааччы, – диир Михаил Семенович баары-баарынан.
Уонна түмүгэр Абый удьуор булчута билигин “буран” көлө сыаната, уматык олус ыараабытыттан хараастар.
1992 с. М.Е.Николаев киниэхэ кыһыл көмүс чаһылаах наҕараада туттарбыт. Ол киниэхэ, булчут киһиэхэ, олус күндү наҕараада. “Кырымах” ГУП сорсуннаах булчута Норуоттар дьыалаларын министиэристибэтиттэн грамоталаах. Ил Түмэн, СӨ Тыатын хаһаайыстыбатын министиэристибэтиттэн ылбыт наҕараадалара кини таһаарыылаахтык үлэлээбит сылларын кэрэһилииллэр.
Хаартыскалары М.Стручков ыытта.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: