Өбүгэм ырыата (ВИДЕО)
Норуот сүрэҕин таарыйбыт ырыа,
тустаах кэмэ да аастар, сүппэт аналлаах.
Софрон Данилов
Билсиҥ, «Саха сирэ» саайтка «Өбүгэм ырыата» саҥа бырайыак.
Хайа да омук сайдарыгар, үүнэн-үрдээн тахсарыгар ханна даҕаны кирилиэһин маҥнайгы үктэлэ буолара — норуот ырыата, норуот олоҥхото диэн Былатыан Ойуунускай бэлиэтээн турар.
Бүгүн биһиги итинтэн сиэттэрэн таҥалай, мурун, хабарҕа ырыаларын тустарынан кыратык да буоллар сэгэтэн саҕалыахпыт. Чахчыта, норуот ырыата-тойуга үөрэтээччилэр-такайааччылар, дьоҥҥо-сэргэҕэ иһитиннэрээччилэр баар буоланнар, уостан-уоска бэриллэн, бүгүҥҥү күҥҥэ тиийэн кэллэҕэ.
Ийэм барахсан дууһата иэйдэҕинэ эбитэ дуу, оҕо сааһын санаан эбитэ дуу, таҥалай, мурун ырыатын ыллыыра. “Оҕо сылдьан биирдэ эмэ ийэм ыллыырын истэрим”, — диирэ. Аны санаатахха, ураты дьикти, кэрэ эбит. Сыл-хонук ааспытын кэнниттэн, көр, киһи оннук ырыалары истиэн баҕаран кэлэр эбит ээ. Ол иһин сэҥээрэн, дьонтон ыйыталаһан көрбүтүм, сорохтор (ордук эдэр ыччат) хаһан да итинник ырыаны истибэтэхтэрин, сорохтор төрүт билбэттэрин, оттон биир эмэ киһи истиэн баҕарарын, хаһааҥҥыта эрэ истибитин этэр. Дьиҥэр, өбүгэбит барахсан ырыата-тойуга былыр-былыргыттан арыт күүс-сэниэ биэрэн, кыараабыт көхсүлэрин кэҥэтэн, өйөөн, араҥаччылаан, сырдыгы саҕан, санааларын сааһылыырга көмөлөһөн биэрдэҕэ…
Итинэн сибээстээн, арай, хаһыатынан, саайтынан ааҕааччы киэҥ араҥатыгар таҥалай, мурун, хабарҕа ырыаларын тарҕатыһарбытын сонургуохтара дуу диэн санаа күөдүйбүтэ балачча ыраатта. Баҕар, ким эмэ хаһыаты тутан олорон куйаар-куодунан киирэн истиэ, үөрэтиэ. Сорохтор саайтка киирэн видеону көрөн олорон тэҥҥэ ыллаһыахтара. Баҕар, өбүгэлэрин ырыатын билиэхтэрин, үөрэтиэхтэрин баҕараннар эдэр ыччаттар үөрэх кыһатыгар туттарсыахтара. Хайа эрэ улууска, нэһилиэккэ үчүгэйдик ыллыах дьоҕурдаах оҕо сырыттаҕа диэн, маннык ньыманан холонон, тарҕатыһан көрөргө толкуй киирбитэ.
Ырыа дьиэрэйэр дьиэтигэр
Дьэ онон, култуура кэллиэһигэр сылдьан, музыканы, ырыаны-тойугу үөрэтээччилэр санааларын истэн, ааҕан, норуот ырыаларын толорооччулары, үөрэтээччилэри кытары алтыһан, ыйыталаһан баран, өбүгэлэрбит, дьоммут-сэргэбит барахсаттар бэйэлэрин кэмнэригэр аргыс оҥостубут ырыаларын-тойуктарын кэнчээри ыччакка туһалаах буолуо диэн уонна билигин ыллыыр дьону-сэргэни билиһиннэрэргэ, кинилэр толорууларын ааҕааччыларга тиэрдэргэ холонуубутун саҕалыыбыт. Маҥнай үөрэх кыһатыгар кэпсэтиибитин билиһиннэриэххэ.
Оҕолор ыллыыллара ыраахтан дьиэрэйэн иһиллэр. Бу А.Д.Макарова аатынан Култуура уонна ускуустуба кэллиэһигэр кэлэн СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитин, төрүт култуура салаатыгар преподавателлиир Михаил Николаевич Винокуровы көрсөбүн.
-1988 с. театральнай салааҕа артыыс буолар киһи сахалыы ырыаны-тойугу сатыахтаах диэн ирдэбил турар. Саха тыйаатырыттан СӨ үтүөлээх артыыһын, РФ култууратын үтүөлээх үлэһитин, алгысчыт, бөлүһүөк Афанасий Семенович Федоровы ыҥыран, сүбэлэһэн, санаатын истэн, оҕолору үөрэттэрэллэр. Итинник саҕаламмыт, Саха сиригэр аан бастакынан арыллыбыт үөрэх бу салаата. Бу салааны 1990 сыллаахха Анатолий Иванович Васильев салайбыта.
Мин манна 1992 с. үөрэнэ киирбитим. Оччолорго хас биирдии оҕо биирдии норуот ырыатын хайаан да билиэхтээҕэ. Онуоха тыа сирдэригэр былыргы ырыаны, оһуохайы үчүгэйдик билэр кырдьаҕастар бааллара үөрэтэргэ көмөлөстөҕө.
Ыччакка үөрэтии
-Эдэр ыччат өбүгэлэрбит ыллаабыт ырыаларын, чуолаан мурун, таҥалай, хабарҕа ырыаларын хайдах ылынарый? Онуоха күннээҕи дьарык туохтан, хайдах саҕаланарый?
-Норуот тылынан уус-уран айымньытын, фольклору сэргиир, сэҥээрэр оҕолор кэлэллэр. Онон наһаа кыһаллаллар. Хас биирдии күннээҕи дьарык эрчиллииттэн саҕаланар. Эккэ-хааҥҥа, куоласка, кылыһахха, тыыныыга. Ол кэнниттэн ыллыырга үөрэтэбит.
Устудьуон толорооччу быһыытынан ырыаны истэн, арааран билиэхтээх. Биһиги үөрэтэ сылдьан киниэхэ бу ордук табыллар, тахсар эбит диэн чопчулуубут.
Биллэн турар, бастаан утаа үөрэтэргэ кыаллыбат, табыллыбат курдук буолуон сөп. Онно санааны түһэрэр табыллыбат. Холобур, биһиги үс сыл сыралаһан сүрүнүн син билбиппит. Киһи барытын эмискэ сатаабат, олоҕун устата үөрэнэр. Отутугар тойуктуон, биэс уонугар оһуокайдыан, сэттэ уонугар олоҥхолоон туруон сөп. Сатабыла, дьоҕура, дьонуттан бэриллибитэ сыыйа ситэн-хотон тахсан кэлэр буоллаҕа. Холобур, Бүлүүгэ Степан Наумов диэн ытык кырдьаҕас 79-пар тойуксут буоллум диэбитэ. Убайа улахан тойуксут эбит. Онон биһиги ыччаттары билэн-көрөн, үөрэнэн, сайдан истинэр диэн куонкурустарга, тэрээһиннэргэ кытыннарабыт.
Куту-сүрү эмтииллэр
-“Ырыа, мин санаабар, итэҕэл биир салаата эбит: киһини турукка киллэрэр, кутун-сүрүн эмтиир” диэн СӨ үтүөлээх үлэһитэ, СӨ норуодунай артыыската Анастасия Варламова этэн турар. Итиннэ эн санааҥ?
-Чахчы, өбүгэлэрбит ырыалара уратылаахтар. Түгэнинэн туһанан, манныгы ахтан ааһыахпын баҕарабын. 2011 сыллаахха Кураһаай диэн оһуохайдьыт таһыгар алҕас киирэн хаалбыттаахпын. Онно аан бастаан уус-уран тыл умсулҕанын эппинэн-хааммынан билбитим. Искэр сөҥө сылдьар баҕаҕын, иэйиигин уһугуннарар, киһи атын турукка киирэн, уратытык көтөҕүллэн хаалар эбит. “Өссө оһуохайдаабыт киһии” диэн саныыр буолар эбиккин.
Ити иһин этэллэр буоллаҕа, норуот ырыатыгар баар, ийэ тыл умсулҕана, оһуор тыл уратыта диэн. Холоон, хоһуйан, ситимнээн таһаарар диэн наһаа атынын, уратытын сөҕөбүн. Бииртэн-биир кэрэ тыл сыыйа тахсан иһэрэ киһини, чахчы да, ураты турукка сиэтэн киллэрэр курдук.
Кинилэр курдук ыллыахпыт дуо?
-Норуот ырыатыгар (таҥалай, мурун) биир ырыаны атын-атыннык толороллорун истиэххэ эмиэ сөп. Итини быһаарыаҥ дуу?
— Ининнэ бастатан манныгы этиэм этэ. Кырдьаҕастар ыллыылларын 1970-1980 сыллардаахха устубуттарын биэрбиттэрэ. Ону иһиттэххэ дьүрүһүтүүлэрэ, тардыылара олох ураты, атын. Ол аата, ол иннинэ өссө атын буолуон сөп эбит дии саныыбын. Биһиги көлүөнэ оннук кыайан ыллаабаппыт.
Иккиһинэн, былыр биир киһи толоруутун истибит киһи атыннык ылынар, толорор. Оҕордук уостан-уоска бэриллэн барар. Онон норуот ырыата хас да көрүҥэ эбиллэн, сайдан, уратылаһан иһэр буолуон сөп. Ол курдук, биир тойугу уон киһи уон араастык толоруон сөп. Аны, бу киһи ыллаабытын дьон сэҥээрдэҕинэ, сүргэтэ көтөҕүллэн, ыллыыр баҕата улаатар. Тылын-өһүн, матыыбын чочуйар. Ити курдук, ыллыыр киһи мунньунан баран “ыанньыйбытын” тоҕо тардар. Ону “Ыаҕастаах уунан кутар курдук” диэн этэр буоллахтара.
Манна таҥалай ырыатыгар тохтуохха. Итиннэ туох уратылаһардаах буолар эбитий? Холобур, Бүлүүгэ, Илин эҥээргэ тылларын таҥалайдарыгар лаппаччы охсон ыллыыллар. Оттон хотулар тылларын хоппочу тутан таҥалайга охсон ыллыылларыттан атыннык иһиллэр эбит.
Хабарҕа ырыата, дьэ, уустук. Арааһа, айылҕаттан анаммыт эрэ киһи толорор быһыылаах. Умнуллубута да бэрт эбит. Арай, хабарҕа тойуга, мурун тойуга дьааҥыларга, эбээн бытантайдарга хаалан хаалбыта биллэр. Кинилэр киин сиртэн ыраах, арыыланан олорбуттарын түмүгэр умнубакка илдьэ сылдьар буолуохтарын сөп.
Биһиги өссө да элбэҕи билиэхпитин, үөрэтиэхпитин наада. Таҥалай, мурун тойуга, хабарҕа ырыата, о.д.а. Итиннэ гуманитарнай чинчийиилэр институттара, ырыаны-тойугу, тылын-өһүн, матыыбын арааран үөрэтэллэрэ кэрэхсэнэр.
Үрдүк таһымҥа, улахан өйөбүлгэ
Өбүгэлэрбит, дьоммут-сэргэбит барахсаттар ыллаабыт ырыаларын билигин биһиги, ырыаны эт кулгаахпытынан истээччилэр, төһө билэбитий? Үөрэх кыһатыгар үөрэммит оҕолор тарҕатыһа, тэнитиһэ сылдьалларын төһө сэргиибитий? Өбүгэбит ырыатын үөрэтээччилэр, чинчийээччилэр туох дииллэрий? Онно болҕомтобутугар уурабыт дуо? Оттон, арай, олоҥхоҕо, оһуохайга курдук, таҥалай, мурун, хабарҕа ырыаларыгар улахан күрэс тэрилиннин, өйөбүл оҥоһулуннун? Ааҕааччы, итини туох дии саныыгын?
Саха норуодунай суруйааччыта Софрон Данилов “Норуот сүрэҕин таарыйбыт ырыа, тустаах кэмэ да аастар, сүппэт аналлаах” диэбитэ, мээнэҕэ буолбатаҕа чахчы. Маныаха ити кэлиҥҥи ырыаларга эрэ буолбакка, өбүгэбит ырыатыгар-тойугар эмиэ туһаайыллар дии саныыбын. Биһиги, көннөрү истээччилэр да буоллахпытына, кэнчээри ыччакка хайдах кыалларынан тиэрдиһэн, кэпсээн, сырдатыһан, үйэлэри уҥуордуур үйэтитиигэ кыратык да кыһамньыбытын ууран көмөлөстөҕө буолуоҕуҥ дуу.
Бүгүн ааҕааччыларбыт култуура кэллиэһин устудьуоннара толорбут ырыаларын истэҕит.
Аныгыскы сырыыга норуот ырыатын толорооччуну кытары сэһэргэһиини ааҕыаххыт, ырыаны эмиэ истиэххит.
Сардаана Баснаева,
Хаартыскаларга ааптар түһэриитэ.
Видеоҕа Евгений Петров устуута.
Монтаж Каролина Босикова.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: