Эчэйии ылан кэлбит дьоммут этэҥҥэ салгыы олорууларыгар эппиэтинэс улахан
Байыаннай эпэрээссийэ буойуттарыгар уонна кинилэр дьиэ кэргэттэригэр өйөбүл, көмө үлэтин, эчэйии ылан дойдуларыгар төннөн кэлбит буойуттар эйэлээх олоххо этэҥҥэ олорууларын тэрийии боппуруостарын тула Хаҥалас улууһун 1 Малдьаҕар нэһилиэгин баһылыгын Айталина Ивановна Васильеваны кытта кэпсэттибит.
— Байыаннай эпэрээссийэҕэ кыттар буойуттарбытыгар уонна кинилэр дьиэ кэргэттэригэр бүддьүөттэн уонна уопсастыбаннай пуондабытыттан 12-лии тыһыынча солкуобай көмө харчы көрүллэн төлөммүтэ. Дьиэ кэргэттэри кытта үлэлиир куратордарбыт бастаан нэдиэлэ ахсын, онтон кэлин ый ахсын анал хамыыһыйабытыгар туох көмө, өйөбүл наадатын дьүүлгэ көтөҕөллөр. Ол быһыытынан быһаарыылар ылыллан, көмө үлэтэ бара турар. Олох-дьаһах бүппэт кыһалҕата элбэх, онно хаһан да аккаастаабаппыт. Байыаннай сулууспалаахтарбыт оҕолоруттан лааҕырга баҕалаах өттүлэрэ баран сынньанан кэлбиттэрэ.
Улууспут психологическай сулууспатын кытта бииргэ үлэлиибит, дьоммутугар уйулҕа туругун тупсарыыга, чөлгө түһэриигэ көмөлөөх сүбэлэр өрүү наадалар. Маны таһынан араас боппуруостарга үөскүүр юридическай боппуруостары тутатына быһаарар үлэ ыытыллар. Уоппускаҕа кэлбит уолаттарбытын кытта көрсүһүүлэргэ 10-нуу тыһыынча солкуобайы кытта нэһилиэкпит былааҕын бэлэх туттарабыт.
Эчэйии ылан кэлбит уолаттар доруобуйаларын чөлүгэр түһэрэр реабилитацияҕа сылдьыбыттара. Массажист кэпсэтэн, маассаастатыы ыытыллан, бу үчүгэй дьайыылааҕа биллибитэ. Маны сэргэ өссө психолог үлэтин өссө тупсарар, күүһүрдэр сөп эбит диэн түмүккэ кэлбиппит. Уолаттарбыт барахсаттар махталлара улахан. Кинилэргэ эйэлээх олоххо төннүүлэригэр көмөлөһөр баҕаттан анал бырайыак толкуйдаабыппыт. Ол быһыытынан айылҕа кэрэ көстүүлэрдээх Өлүөнэ очуостарыгар, Тукулааннарга, Кыһыл Элэһининэн, Буотаманан сырытыннаран уонна алаас күөлүгэр илимнэтэн сынньаттыбыт.
«Школа лидера” диэн нэһилиэк оҕолоругар лааҕырдаахпыт. Лааҕырбыт үлэтигэр психолог сылдьыспыта. Оҕолор байыаннай дьайыыга сылдьар уонна сылдьан кэлбит дьоммут чахчы дьоруой буолалларын билиэхтээхтэр уонна оннук ылыныахтаахтар диэн патриотическай ис хоһоонноох үлэ барар. Бырайыакпыт бастакы күнүгэр оҕолорбут бэйэлэрин кэнсиэртэрин көрдөрбүттэрэ. Бырайыакпытыгар биһиги буойуттарбыт эрэ буолбакка, улуустан, Чурапчыттан, Амматтан кэлэн биэс хонукка барыта биэс буойун кыттыбыттара, сынньаммыттара. Бу үлэбитин «Волонтеры Саха-Питер» хамсааһын актыбыыстара уонна психолог арыаллыыллар. Сынньатар айаннара Булгунньахтаахтан саҕаламмыта: алгыһынан арчылааһын, нэһилиэги билиһиннэрэр экскурсия кэнниттэн сылаас баанньык, ол кэннэ бырайыак былаанынан салгыы сынньатыы. Уолаттар бу айантан айылҕа барахсан сүдү эмтиир, уоскутар күүһүттэн ис дууһаларынан сынньанан, дуоһуйан, астынан кэлбиттэрэ.
Биһиги сыалбыт-сорукпут диэн – кинилэр олохторун салгыы хайдах тэринэллэригэр былаан оҥостоллорун өйөөһүн, көмөлөһүү. Ити бырайыакпыт кэмигэр сылдьыспыт эп-эдэр уолаттар ити хайысхаҕа санааларын балачча аһаҕастык этиммиттэрэ үөрдэр. Нэһилиэкпит эчэйэн кэлбит уолаттарыгар үлэ булууга үлэлии олоробут. Эчэйии ылан демобилизацияланан кэлбит дьоммут этэҥҥэ салгыы олорууларын туһугар эппиэтинэспит улахана бэрт – ол баар саамай сүрүнэ.
Ити бырайыакпытын ийэлэр, кэргэннэр уонна дьаһалта үлэһиттэрин күүстэринэн тэрийбиппит, кинилэргэ улахан махтал. Ону сэргэ дьоммут биэс күн тото аһыылларын хааччыйбыт Ил Түмэн дьокутаата, “Якутцемент” дириэктэрэ Алиш Мамедовка, Өлүөнэ очуостарын, Буотама, Булгунньахтаах баазаларыгар, Булгунньахтаах лодочниктарыгар уонна Тонуһай алааска илимнэппит, кустаах, хаастаах, индюктардаах уо.д.а. хаһаайыстыбатыгар сырытыннаран сынньаппыт Петров Пан Семеновичка, дьаһалта үлэһиттэрэ кэпсэтии үлэтин барытын ыытан тэрийбиттэригэр махталбыт улахан.
Ийэлэр, эбээлэр барахсаттар барытыгар көмөлөһөн, өйөбүл-тирэх буолаллар. Байыаннай сулууспаҕа сылдьар биир дойдулаахтарбытыгар анаан аптечкалары тикпиттэрэ, маскировочнай сиэккэни оҥорууга хаста да Дьокуускай куоракка киирэннэр, оҥорон көмөлөспүттэрэ. Итинтэн да атын күүс-көмө араас үлэтэ бара турар.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: