Эдэр артыыс Миша Слепцов оҕолору кытта көрүстэ
«Кыталыктаах кырдалым» киинэ сүрүн дьоруойа, 11 саастаах Миша Слепцов «Сосновый бор» лааҕыр оҕолорун кытта көрүстэ. Көрсүһүүнү «ДТК — центр чтения» бибилэтиэкэ тэрийдэ.
«Кыталыктаах кырдалым» киинэ «Золотой ворон» Арктикатааҕы норуоттар икки ардыларынааҕы киинэ бэстибээлин гран-при бирииһин, оттон сүрүн дьоруой Миша Слепцов анал бирииһи ылбыттара. Улахан экрааҥҥа тахсыбытын көрөөччүлэр олус сөбүлээбиттэрэ.
Киинэни Амма улууһугар устубуттара. Оҕолору лааҕырга икки ый артыыстыырга үөрэтэн баран, күһүөрү устубуттара көмөлөөх буолбута. Режиссер Михаил Лукачевскай этэринэн, оҕолору устар уустук, онтон бу идэтийбэтэх артыыстар, оҕолор олус бэркэ оонньообуттарын көрөөччүлэр бэлиэтээбиттэрэ.
Миша Амма улууһун Чакыр сэлиэнньэтигэр олорор, бэһис кылааска үөрэнэр. Уһуллар кэмигэр 8 саастааҕа. Кини оҕолорго хайдах уһуллубутун кэпсээтэ. Бастакы гонорарынан саҥа төлөпүөнү уонна таҥаһы-сабы атыыласпыт. 10 сылынан кини артыыс буолуом диэн этэр.
Кини билигин Лукачевскай «Триумф» диэн саҥа киинэтигэр уһулла сылдьар. Саамай сөбүлүүр кинигэтэ — Бодо Шефер «Пес по имени Мани». Миша сайын «Сосновый бор» лааҕырга кэлэн, биир сезоҥҥа сынньаныаҕа.
Оҕолор саастыылаахтарын кэпсээнин олус интэриэһиргээн иһиттилэр. Ол кэнниттэн алгысчыт Тайаана көмөтүнэн, дьол көтөрдөрүн — кыталыктары кумааҕыттан кырыйдылар.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: