Эдэр чунуобунньук ипотека көмөтүнэн дьиэлэниэҕэ
20.11.2024, 13:30
Хаартыска: Андрей Сорокин, СИА.
Бөлөххө киир:
Чугастааҕы 2,5 сылга судаарыстыбаннай сулууспалаахтары ипотека көмөтүнэн дьиэнэн хааччыйар холоон көрүү буолуоҕа.
Уурааҕы бырабыыталыстыба ылынна диэн иһитиннэрэр “Российская газета”. Чунуобунньук эдэр, грамоталардаах, атын да ситиһиилэрдээх буолуохтаах.
Холоон көрүү болдьоҕо 2024 сыл от ыйын 15 күнүттэн 2027 сыл олунньу 1 күнүгэр диэри барар. Манна Үп, Үлэ, Тутуу министиэристибэлэрин, федеральнай түһээн сулууспаларын, Федеральнай казначейство территориальнай уорганнарын сулууспалаахтара кыттыахтарын сөп. Болдьох устатыгар бырагыраама кыттыылааҕынан 90 киһи буолуоҕа, ол аата 2024 уонна 2025 сылларга хас биирдии биэдэмэстибэттэн тоҕустуу киһи.
+1
+1
+1
+1
+1
+1
+1
1
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: