(Сэрииттэн эргиллибэтэх суруналыыс, бэйиэт Василий Кустуктуурап туһунан)
Мин иннибэр сытар, мэлдьи толкуйдатар сэрии иннинээҕи саһарбыт хаартыскаҕа алта саха киһитэ түспүт. Бу Бүлүү оройуонун аатырбыт Н. С. Таппаҕаарап бэрэссэдээтэллээх Сталин аатынан холкуос биэс чилиэнэ уонна уҥа кытыыга биһиги соторутааҥҥа диэри билбэт эдэр киһибит хонтуораҕа сүбэлэһэ олороллор. Холкуостаахтары биир дойдулаахтара барыларын билэллэр, уос номоҕо оҥостоллор. Бары сэрии кыттыылаахтара, ким да билигин суох! Киһи долгуйбакка эрэ көрбөт хаартыската.
Оттон уҥа кытыыга олорор куудара баттахтаах, олус кыраһыабай эдэр киһи кимий? Ирдэһэн, ыйыталаһан билбиппит, сэрии толоонугар охтубут суруналыыс, бэйиэт Василий Ксенофонтович Иванов‑Кустуктуурап эбит. Кини бу холкуос, оччотооҕу дьон охсуулаах үлэлэрин туһунан элбэхтэ суруйбут-сырдаппыт буолан, бииргэ түһүспүт. Онон, кылгас да буоллар, чаҕылхайдык олорон ааспыт биир идэлээхпитин ахтансанаан ааһарга, дьоммутугар-сэргэбитигэр кэпсииргэ быһаарынныбыт.
Василий Ксенофонтович Үөһээ Бүлүү Ороһутугар 1909 сыллаахха төрөөбүт. Айар псевдонимынан кини төрөөбүт түөлбэтигэр баар Кустук диэн күөл аатын ылыммыт. Маҥнай кылгас кэмҥэ Хотой Кустуур дэнэ сылдьыбыт. Бүлүүтээҕи педагогическай техникуму бүтэрэн учуутал идэтин ылбыт. Онно норуодунай суруйааччыбыт Николай Якутскайы кытта бииргэ үөрэммит. Олус доҕордуулар, бастакы айымньыларын бэйэ-бэйэлэригэр ааҕаллар, ырытыһаллар эбит. Биир интэриэһинэйэ баар, Василий Ксенофонтович — норуодунай бэйиэт Петр Тобуруокап таайа. «Баһылай хоһоон суруйууга миигин элбэххэ үөрэппитэ, холобур буолбута», — диэн бэйиэт инникилээн иһэр аймаҕын туһунан ахтара эбитэ үһү.
Москва суруналыыһа сэҥээрэ билсибитэ
Эдэр киһи педтехникуму бүтэрээтин, дойдутугар ананан, начаалынай оскуоланы төрүттээн, бастакы сэбиэдиссэй буолбут. Онтон 1931–1933 сылларга — Мастаах оскуолатын учуутала. Ол кэмҥэ Кустуктуурап Бүлүүгэ актыыбынай селькор, хоһоонньут быһыытынан биллибит. Өрөспүүбүлүкэ хаһыаттарыгар «Кыымҥа», «Социалистическая Якутияҕа» уонна «Хотугу сулус» сурунаалга эмиэ бэчээттэнэрэ.
Биир идэлээхпит кылгас олоҕун биир кэрэ-бэлиэ түгэнин кэпсиим. Москва суруналыыһа Борис Лунин «По следам Вилюйского узника» диэн кинигэ суруйбута биллэр. Онно кини Н. Г. Чернышевскай туһунан Сунтаартан илиҥҥи оройуоннарга диэри айаныгар уонна кырдьаҕастар ахтыыларыгар олоҕуран кэпсиир. Ол айаҥҥа Борис Лунин суруналыыс, бэйэт, худуоһунньук доҕоро Василий Беляевтыын 1931–1932 сылларга сылдьыбыттар. Мастаахха учууталлыыр кэмигэр Кустуктуурабы көрсөн кэпсэппиттэрин туһунан кинигэҕэ балачча миэстэ бэриллэр. Саха поэта, учуутал киэҥ интэриэстээҕин, билиитэ-көрүүтэ дириҥин, арахсыбакка ыйыталаһарын, кинигэтэ элбэҕин кэлии суруналыыс кэрэхсээн суруйбут.
Кустуктуурап, бастакы үөрэхтээх сахалартан биирдэстэрэ, норуотун олоҕо тупсарын туһугар туох-баар билиитин-көрүүтүн, эдэр эрчимин барытын анаабыта: нэһилиэнньэни ааҕарга-суруйарга үөрэтэрэ, өрөспүүбүлүкэҕэ, дойдуга баар балаһыанньаны, туох буола турарын кэпсиирэ. Тыа дьонун култууратын үрдэтиигэ ахсаабат кыһамньытын уурара. Бу барыта тустаах учууталлыыр үлэтин таһынан.
Онтон В. К. Иванов‑Кустуктуурап 1933–1937 сылларга «Холкуос суола» (билигин «Олох суола») хаһыат эрэдээктэринэн ананан үлэлээбит. Оччотооҕу холкуостар чулуу үлэһиттэрин — удаарынньыктары, ыстахаанабыстары, бастыҥ уопуту, саҥа олох ситиһиилэрин сырдатыыга Бүлүү умнаһын соҕотох хаһыата сыламтата суох үлэлээбит. Эдэр бэйиэт быһыытынан Василий Кустуктуурап 1934 сыллаахха Саха сирин суруйааччыларын бастакы кэмпириэнсийэлэригэр ыҥырыллан сылдьыбыт.
Тылланан туран сэриигэ барбыта
Онтон Василий Иванову 1937 сыллаахха Өлүөхүмэ оройуонун хаһыатын эрэдээктэринэн ыыппыттар. Онно көһөрүгэр ортоку уолун Артуру биир араспаанньалаах, типографиятыгар үлэлээбит доҕоругар хаалларбыт. Кинилэр бастаан оҕото суохтар эбит. Бэйэлэрин оҕолоро кэлин төрөөбүттэр. Саҥа сиргэ эдэр ыал элбэх доҕоттордоммуттар, араас сирдэртэн табаарыстара киниэхэ бултуу-сынньана кэлэн бараллара. Василий Ксенофонтович эдьиийдэрэ эмиэ үөрэхтээхтэр эбит. Дарья Омскайга театральнай студияны бүтэрэн актриса буолан Саха тыйаатырыгар үлэлээбит. Иккис эдьиийэ Анна — учуутал, сэрииттэн эргиллибэтэх быраатын оҕолорун иитэн сүһүөхтэригэр туруорбут сүдү үтүөлээх. Бары мэлдьи сибээстэһэллэрэ, Өлүөхүмэҕэ кэлэ сылдьаллара.
Суруналыыс кыыһа Валентина Васильевна Иванова кэлин суруйбутунан, Василий Ксенофонтович Өлүөхүмэ хаһыатын эрэдээктэринэн бэрт үчүгэйдик үлэлии олордоҕуна, сэрии саҕаланыа биэс-алта ый иннинэ, өйдөммөт быһыы тахсыбыт. Ким эрэ Бүлүүттэн Өлүөхүмэҕэ партия оройкуомугар Кустуктуурап убайа репрессияламмытын, «Беломорканал» тутуутугар ыытыллыбытын туһунан суруйбут. Оччотооҕу сиэр-майгы быһыытынан, эрэдээктэри тута үлэтиттэн босхолоон, биир нэһилиэк оскуолатын дириэктэринэн ыыппыттар. Төһө да сөбүлэспэтэр, санааҕа ыллардар, суруналыыс кырдьыгын булунарыгар бириэмэтэ тиийбэтэҕэ, сэрии саҕаламмыта. Ол курдук, аймахтара ахталларынан, Василий Ксенофонтович Ийэ дойдутун көмүскүү тылланан (көрдөһөн) фроҥҥа аттаммыта.
Аҕаларын чаҕылхай олоҕун салҕаан
Баартыйалаах уонна үөрэхтээх буолан, Кустуктуурап Иркутскайга бэлитиичэскэй састаап анал куурсун бараат, эписиэр — младшай политрук быһыытынан инники кирбиигэ ыытыллыбыта. Фроҥҥа барарыгар кини Ленскэйгэ олорор эдьийигэр Аннаҕа улахан уолун Васяны эргиллэн кэлиэр диэри бэйэтигэр ылан иитэригэр көрдөһөн суруйбут. Үөрэҕэ, анал идэтэ суох кэргэнэ Анисия оҕолорун барыларын иитэр кыаҕа суоҕун быһаарбыт. Анна Ксенофонтовна быраатын кэриэһин аһара толорон, үс оҕотун бэйэтин оҕолорун кытта бииргэ иитэн, үөрэхтээх дьон оҥорбутун киһи сөҕүөн эрэ сөп. Буолан баран, соҕотоҕун. Кэргэнэ эмиэ сэриигэ барбыт. Ивановтар ол курдук «сууласпытынан» араас ыарахаттары туораан, дьоллоох дьылҕаламмыттар. Аҕаларын чаҕылхай олоҕо үйэлэригэр ыҥырар сулус буолбута, бары үөрэхтэммиттэрэ, идэлэринэн ситиһиилээхтик үлэлээн-хамсаан ааспыттара.
Кустуктуурап кыыһа Валентина, уола Василий аҕаларын суолунан барарга быһаарынан пединститут филологическай факультетыгар үөрэнэ киирбиттэр. Валентина Васильевна өр сылларга университет кэтэхтэн үөрэниигэ салаатыгар методистаабыта. Үрдүк үөрэхтээһин салаатын бэтэрээнин элбэх көлүөнэ устудьуон өйдөөн хаалбыппыт. Оттон Василий үөрэҕин МГУга салҕаан, суруналыыс идэтин ылбыт. Кини «Кыым» хаһыакка уонна тэлэбиидэнньэҕэ идэтинэн айымньылаахтык үлэлээбит. Кыра уол Юрий эмиэ үөрэхтээх, спортсмен, тириэньэр.
Кэлин «50 лет Победы» спорткомплекс генеральнай дириэктэринэн үлэлээбит. Билигин үһүөн суохтар, олохтон туораабыттар.
Бүлүүгэ иитиллибит уоллара Артур Васильевич Иванов анал үөрэхтээх саха киһитэ Ньурбаҕа олорон 40‑тан тахса сыл Бүлүү өрүскэ маяктары көрөр сулууспа салайааччытынан (прораб путевых работ) үлэлээбит. Өссө Василий Ксенофонтович бииргэ төрөөбүт балта, Елена Ксенофонтовна Руфова (Иванова) 100 сааһын чугаһатыар диэри Дьокуускайга кыыһыгар олорбут эбит. В. К. Кустуктуурап кэргэнэ Анисия кыра уолугар Юрий Васильевичка олорон олохтон барбыт. Суруналыыс түөрт оҕотун оҕолоро, сиэннэрэ эһэлэрин, хос эһэлэрин кэриэстииллэр, кини чаҕылхай олоҕо ыччаттарыгар холобур буолар.
Суруналыыс, бэйиэт дьоно этэллэринэн, фроҥҥа охтубут сыла икки аҥы суруллубут: «Өйдөбүнньүк» кинигэ бастакы томугар (1992 с.) — өлбүт сыла 1942 сыл, «Якутяне — офицеры» (1995 с.) кинигэҕэ — 1943 сыллаахха сураҕа суох сүппүт диэн.
Ороһу оскуолата В. К. Иванов‑Кустуктуурап аатын сүгэр. Үөһээ Бүлүүгэ кини аатынан уулусса баар. Ити курдук өйдөөн-санаан аастахха, биир идэлээхпитин дьоно-сэргэтэ умнубат, олоҕо салҕанар.
Тамара КОРЯКИНА.
Бу күннэргэ Мэҥэ Хаҥалас улууһугар Сыымахха командировкаҕа сылдьан, киһи кэрэхсиир түгэнин көрөн, сырдатарга сананным. Васильевтар…
Көрсүһүүгэ сүрүн болҕомто Саха сиригэр национальнай бырайыактары уонна РФ Бэрэсидьиэнин сорудахтарын олоххо киллэриигэ уурулунна. "Айсен…
Аҕа дойдуну көмүскүүр сэрии уустук сылларыгар тыыл үлэтэ байыаннай балаһыанньа ыйарынан былааннанара. «Барыта фроҥҥа, барыта…
Маны билэҕит дуо? Куоска минньигэс амтаны билэр дуо? Оттон саамай улахан кинигэ төһө ыйааһыннаах буолуо…
Бүгүн, ахсынньы 11 күнүгэр, Бырабыыталыстыба дьиэтигэр, Өрөспүүбүлүкэ саалатыгар "Мин Сахам сирэ XXI үйэҕэ" үтүө дьыала…
2024 сылга Саха сиригэр «Безопасные качественные дороги» бырагырааманан алта муостаны туттулар. Бу туһунан массыына суолун…