Эдэр ийэлэр амарах санаалаах ийэ ыҥырыытын өйүүллэр (ВИДЕО)
Бу күннэргэ Уус Алдан улууһун Лөгөй нэһилиэгин Кэптэни бөһүөлэгин олохтооҕо, 50-ча сыл физика учууталынан үлэлээн баран, билигин сынньалаҥҥа олорор, волонтер Елизавета Аржакова байыаннай дьайыыга сылдьар уолаттарбытыгар блиндажнай чүмэчини оҥорон ыытарга ыҥырыы таһаарда.
Елизавета Николаевна байыаннай дьайыы саҕаланыаҕыттан ис дууһатыттан кыһаллан көмөлөһө сылдьар амарах сүрэхтээх, волонтер ийэлэртэн биирдэстэрэ. Кини Москваҕа оҕолоругар сынньана барарыгар госпитальга сытар уолаттарга аан бастаан сахалыы астары: хаан, буотарах, эт, арыы, барыанньа, сироп илдьибитин туһунан суруйан турабыт.
Ол кэннэ дойдутугар кэлэн «Аал-уот» түмсүү кыттыылаахтарын кытары сүбэлэһэн, ким төһө кыахтааҕынан, эт хомуйан Владивостокка ыыппыттара. Олох үөһүгэр сылдьар Елизавета Аржакова аны бу сырыыга блиндажнай чүмэчилэри оҥоруохха диэн бачыымы өйөөн, биир дойдулаахтарыгар ыҥырыы таһаарда.
«Бэҕэһээ блиндажнай чүмэчини оҥорон ыытыахха диэн ыҥырыыны көрөммүн, бэйэм биир дойдулаахтарбар эмиэ көмөлөһүөххэ диэн ыҥырыы таһаарбытым. Бастаан ыҥырыы таһааран баран, түүнү быһа дьон хайдах ылынара буолуой, чүмэчи маҕаһыыҥҥа баара дуу-суоҕа дуу диэн санаарҕаабытым. Хата, биһиги «Сардаана» маҕаһыыммытыгар чүмэчи баар эбит. Үөрбүтүм диэн, биһиги нэһилиэкит «Кэрэли» диэн эдэр ийэлэрбит түмсүүлэрэ ыҥырыыбын өйөөннөр, оҥоруохпут диэтилэр. Онон ыҥырыыны таһаарбыт киһи быһыытынан, 50 устуука чүмэчини уонна ыраас бааҥкалары аҕаллым. Кэлэр нэдиэлэттэн эдэр ийэлэр оҥоруохпут диэтилэр. Блиндажнай чүмэчи сырдатарга эрэ буолбакка, байыастарбыт астарын түргэнник сылытыналларыгар уонна иттэллэригэр эмиэ наада эбит. Онон мин ыҥырыыбын ылынан, Саха сирин бары олохтоохторун барыларын кыттыһарга ыҥырабын», — диэн Елизавета Николаевна кэпсиир.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: