Эдэр ийэлэр оҕоҕо аналлаах литературнай күрэһи тэрийэн ыыттылар
Төрөөбүт тылы кыра оҕолорго үөрэтии кыһалҕата сытыытык турар. Маныаха төрөппүттэр бэйэлэрэ да туох кыалларынан араас дьайыылары оҥорорго кыһаллаллар. Сахалыы остуоруйалар мобильнай сыһыарыыларын оҥоро сылдьар эдэр ийэлэр — Ольга Яковлева, Анастасия Павлова оҕоҕо аналлаах кэпсээннэри, остуоруйалары суруйар ааптардарга литературнай күрэһи тэрийэн ыыттылар.
Күрэс сыала-соруга: оҕоҕо саха тылын иҥэрии, суруйар идэлээх дьону көҕүлээн саҥа ааттары арыйыы, саха тылын эйгэтин кэҥэтии буолар. Күрэскэ ханнык баҕарар тиэмэлээх, оҕону сайыннарар, иитэр-үөрэтэр суолталаах, сахалыы саҥаны сайыннарар кэпсээннэри, остуоруйалары ыытан, кытыннылар.
Уопсайа күрэскэ 56 ааптартан 79 кэпсээн, остуоруйа киирбит. Кыайыылаахтар харчынан бириистэри туттулар.
Ол курдук, 1-кы миэстэни — Александра Жулева (Таатта) ылла.
2-с миэстэ — Бурхалей Степанович Макаров(Үөһээ Бүлүү).
3-с миэстэ — Айталина Афанасьева, «Айыы кыһата» оскуола 4д кылааһын үөрэнээччитэ.
— Күрэскэ киирбит олус сэргэх, оҕону иитэр-үөрэтэр, дириҥ ис хоһоонноох кэпсээннэри, остуоруйалары бэлиэтии көрдүбүт. Кэлин бу кэпсээннэр бары мобильнай сыһыарыыбытыгар тахсыахтара. Биһиги бу сыһыарыыбытыгар аныгы кэм ааптардарыттан саҥа кэпсээннэри, остуоруйалары түмэр сыалтан, бу күрэһи тэрийэн ыыттыбыт.
Оҕоҕо остуоруйалары ааҕан биэрэр сахалыы сыһыарыы тоҕо суоҕуй диэн санааттан, бэйэбит оҥорон көрөргө санаммыппыт. Оҕо эмньик сааһыгар сахалыы дорҕооннору истэн улаатыахтаах. Тула наар нууччалыы саҥаны истэр буоллаҕына, кини сахалыы саҥарарын да ыарырҕатар буолар. Сахалыы остуоруйалар оҕо саҥатын сайыннараллар, өбүгэлэрбит олохторун-дьаһахтарын билиһиннэрэллэр, төрүт үгэстэригэр үөрэтэллэр. Аныгы төрөппүт солото суох, киэһэ утуйаары сытан, сахалыы остуоруйаны холбоон кэбиһиэн сөп буоллаҕа. Интэриниэт эйгэтигэр сахалыы саҥа, ойуулуктар, киинэлэр, аныгылыы эттэххэ, “контент” элбиэн наада, кэҥээн, сайдан иһиэхтээх дии саныыбыт. Ол онно бэйэбититтэн тутулуктааҕы оҥоруохпутун, кыратык да буоллар, кылааппытын киллэриэхпитин баҕарабыт, – диэн ийэлэр кэпсииллэр.
Бу курдук төрүт тыл туһугар ис сүрэхтэриттэн ыалдьар, көҕүлүүр, ону-маны оҥорор дьон элбии турдун!
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: