Эдэр ийэлэр оҕоҕо аналлаах литературнай күрэһи тэрийэн ыыттылар

Share

Төрөөбүт тылы кыра оҕолорго үөрэтии кыһалҕата сытыытык турар. Маныаха төрөппүттэр бэйэлэрэ да туох кыалларынан араас  дьайыылары оҥорорго кыһаллаллар. Сахалыы остуоруйалар мобильнай сыһыарыыларын оҥоро сылдьар эдэр ийэлэр — Ольга Яковлева, Анастасия Павлова оҕоҕо аналлаах кэпсээннэри, остуоруйалары суруйар ааптардарга литературнай күрэһи тэрийэн ыыттылар.

Күрэс сыала-соруга: оҕоҕо саха тылын иҥэрии, суруйар идэлээх дьону көҕүлээн саҥа ааттары арыйыы, саха тылын эйгэтин кэҥэтии буолар. Күрэскэ ханнык баҕарар тиэмэлээх, оҕону сайыннарар, иитэр-үөрэтэр суолталаах, сахалыы саҥаны сайыннарар кэпсээннэри, остуоруйалары ыытан, кытыннылар.

Уопсайа күрэскэ 56 ааптартан 79 кэпсээн, остуоруйа киирбит. Кыайыылаахтар харчынан бириистэри туттулар.
Ол курдук, 1-кы миэстэни — Александра Жулева (Таатта) ылла.

2-с миэстэ —  Бурхалей Степанович Макаров(Үөһээ Бүлүү).

3-с миэстэ — Айталина Афанасьева,  «Айыы кыһата» оскуола 4д кылааһын үөрэнээччитэ.

Күрэскэ киирбит олус сэргэх, оҕону иитэр-үөрэтэр, дириҥ ис хоһоонноох кэпсээннэри, остуоруйалары бэлиэтии көрдүбүт. Кэлин бу кэпсээннэр бары мобильнай сыһыарыыбытыгар тахсыахтара. Биһиги бу сыһыарыыбытыгар аныгы кэм ааптардарыттан саҥа кэпсээннэри, остуоруйалары түмэр сыалтан, бу күрэһи тэрийэн ыыттыбыт.

Оҕоҕо остуоруйалары ааҕан биэрэр сахалыы сыһыарыы тоҕо суоҕуй диэн санааттан, бэйэбит оҥорон көрөргө санаммыппыт. Оҕо эмньик сааһыгар сахалыы дорҕооннору истэн улаатыах­таах. Тула наар нууччалыы саҥаны истэр буоллаҕына, кини сахалыы саҥарарын да ыарыр­ҕатар буолар. Сахалыы остуоруйалар оҕо саҥатын сайыннараллар, өбүгэлэрбит олохторун-дьаһахтарын билиһиннэ­рэллэр, төрүт үгэстэригэр үөрэтэллэр. Аныгы төрөппүт солото суох, киэһэ утуйаары сытан, сахалыы остуоруйаны холбоон кэбиһиэн сөп буоллаҕа. Интэриниэт эйгэтигэр сахалыы саҥа, ойуулуктар, киинэлэр, аныгылыы эттэххэ, “контент” элбиэн наада, кэҥээн, сайдан иһиэхтээх дии саныыбыт. Ол онно бэйэбититтэн тутулук­тааҕы оҥоруохпутун, кыратык да буоллар, кылааппытын киллэриэхпитин баҕарабыт, – диэн ийэлэр кэпсииллэр.

Бу курдук төрүт тыл туһугар ис сүрэхтэриттэн ыалдьар, көҕүлүүр, ону-маны оҥорор дьон элбии турдун!

What’s your Reaction?
+1
6
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Аллараа Бэстээх сыанатын киин куораты кытта тэҥнээтэххэ…

Бу күннэргэ Саҥа дьыл сүпсүлгэнэ саҕаланаары турар буолан, ас ырыынактарыгар испииһэк тутуурдаах дьон үксээбит. Өрүс…

10 часов ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Сонуннар

“Дьоруойдар кэмнэрэ” бырагыраамаҕа сайаапкалары ылыы иккис түһүмэҕэ саҕаланна

“Дьоруойдар кэмнэрэ” бырагыраамаҕа кыттар сайаапкалары почтанан ылыы саҕаланна. Бу -- бырагыраама иккис түһүмэҕэ. Сайаапкалары билигин…

10 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Дьоруой Федор Поповка пааматынньык туруоҕа

LETO куорат эйгэтин тупсаҕай оҥоруу киинэ Сэбиэскэй Сойуус Дьоруойа Федор Попов пааматынньыгын эскииһин оҥорууга күрэс…

11 часов ago
  • Сонуннар

Төрөөбүт, биһикпин ыйаабыт сирим — сүрэхпэр

Бу сыл ахсынньы 11 күнүгэр Былатыан Ойуунускай аатынан судаарыстыбаннас түмэлигэр киэн туттар биир дойдулаахпыт, комсомольскай,…

11 часов ago
  • Сонуннар

Соҕуруу дойду спортсменнара хаары уонна мууһу сонурҕуу көрдүлэр

Филиппиныттан уонна Таилантан ахсынньы 14 күнүгэр ыытыллар «Вызов Севера» күрэхтэһиигэ кыттар боксердар бүгүн Дьокуускайга  саамай…

11 часов ago
  • Сонуннар

«Забота» электроннай сервиһинэн 3474 киһи туһанна

Саха сиригэр анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар уонна кинилэр дьиэ кэргэттэригэр анаан "Е-Якутия" порталга «Забота» электроннай…

12 часов ago