Эдэр исписэлиистэр 50-тан тахса инновационнай бырайыагы билиһиннэрдилэр
Х эрэгийиэннээҕи научнай кэмпириэнсийэҕэ «Роснефть» НК ньиэби-гааһы хостуур комплекска киирэр «Таас-Үрэх Нефтегазодобыча» эдэр исписэлиистэрэ, ону сэргэ Мииринэйдээҕи политиэхиньиичэскэй институт устудьуоннара 50-тан тахса инновационнай бырайыагы билиһиннэрдилэр.
Сыллата кэмпириэнсийэ дьоһун суолталаах уонна сонун идиэйэлэри хамсатар түһүлгэни тэрийэр. Быйыл дойду инновацияларыгар наадыйыы болҕомто киинигэр буолла. Генеральнай дириэктэри оҥорон таһаарыыга солбуйааччы – сүрүн инженер Артем Демочкин маннык бэлиэтээтэ: «Эһиги бырайыактаргыт тас дойдулар технологияларыттан тутулуктаах буолууну аччатыахтара уонна кэнэҕэскитин күүстээх хардыылары биэриэхтэрэ диэн эрэнэбит».
Кэмпириэнсийэҕэ 68 дакылаатчыт 52 бырайыагынан кытынна. Кинилэр истэригэр М.К.Аммосов аатынан ХИФУ Мииринэйдээҕи политиэхиньиичэскэй институтун «Ньиэп-гаас дьыалата» базовай кафедратын 9 устудьуона баар.
– Мин аан бастаан РНТК кытынным уонна олус үчүгэй тэрээһин диэн сыаналаатым. Аһыллыыта уонна сабыллыыта чаҕылхай, үчүгэйдик толкуйдаммыт, – диэн санаатын үллэһиннэ Дарья Лях, 3 куурус устудьуона, «Ньиэп уонна гаас баайдаах сирдэри чинчийии» хайысхаҕа устудьуоннар сиэксийэлэригэр бастакы миэстэлээх.
– Моделированиены кытта сибээстээх мин сиэксийэбэр биир идэлээхтэрим үлэлэрин астынным, тоҕо диэтэххэ, бу тиэмэ миэхэ чугас. Кыайыым иһин научнай салайааччыбар Красков Иван Игнатьевичка махтанабын. Хас биирдии үлэни жюри ымпыгар-чымпыгар диэри сыаналаата. Технологическай оборудованиеттан саҕалаан тулалыыр эйгэни харыстааһыҥҥа, сайыннары-кыһыннары күөх үүнээйини олордууга автоматизацияны туһаныыга тиийэ бырайыактары дьүүлгэ таһаардылар.
– Бэйэ күөх үүнээйитин баайдаах сиргэ үүннэрии тиэмэтэ турбута ыраатта, ону биһиэхэ биир идэлээхпит Наталья Сосновская этии киллэрбитэ, – диэн Евгений Цукеры кытта холбоһуктаах бырайыактарын туһунан эдэр исписэлиис Алина Еремич кэпсээтэ.
– Бу тиэмэ олус суолталааҕынан, Евгенийы кытта бырайыагы торумнуурга быһаарыммыппыт. Биһиги автоматизациялаах пиэрмэлэри тутарга этии киллэрэбит.
Кэмпириэнсийэ түмүгүнэн 30 бырайыак салгыы кэлэр түһүмэххэ, Кустовой научнай-тиэхиньиичэскэй кэмпириэнсийэҕэ кыттыаҕа. Онон кыайыылаахтарга дьүүллүүр сүбэ ситиһиилэри баҕарда.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: