Салгыы
Эдэр исписэлиистэр 50-тан тахса инновационнай бырайыагы билиһиннэрдилэр

Эдэр исписэлиистэр 50-тан тахса инновационнай бырайыагы билиһиннэрдилэр

25.02.2024, 12:30
Хаартыска:
Бөлөххө киир:

Х эрэгийиэннээҕи научнай кэмпириэнсийэҕэ «Роснефть» НК ньиэби-гааһы хостуур комплекска киирэр «Таас-Үрэх  Нефтегазодобыча» эдэр исписэлиистэрэ, ону сэргэ Мииринэйдээҕи политиэхиньиичэскэй институт устудьуоннара 50-тан тахса инновационнай бырайыагы билиһиннэрдилэр.

Сыллата кэмпириэнсийэ дьоһун суолталаах уонна сонун идиэйэлэри хамсатар түһүлгэни тэрийэр. Быйыл дойду инновацияларыгар наады­йыы болҕомто киинигэр буолла. Генеральнай  дириэктэри оҥорон таһаарыыга солбу­йааччы – сүрүн инженер Артем Демочкин маннык бэлиэтээтэ: «Эһиги бырайыактаргыт тас дойдулар технологияларыттан тутулуктаах буолууну   аччатыахтара уонна кэнэҕэскитин  күүстээх хардыылары биэриэхтэрэ диэн эрэнэбит».

Кэмпириэнсийэҕэ 68 дакылаатчыт 52 бырайыагынан кытынна. Кинилэр истэригэр М.К.Аммосов аатынан ХИФУ Мииринэйдээҕи политиэхиньиичэскэй институтун «Ньиэп-гаас дьыалата» базовай кафедратын 9 устудьуона баар.

– Мин аан бастаан РНТК кытынным уонна олус үчүгэй тэрээһин диэн сыаналаатым. Аһыллыыта уонна сабыллыыта чаҕылхай, үчүгэйдик толкуйдаммыт, – диэн санаатын үллэһиннэ Дарья Лях, 3 куурус устудьуона, «Ньиэп уонна гаас баайдаах сирдэри чинчи­йии» хайысхаҕа устудьуоннар сиэксийэлэригэр бастакы миэс­тэлээх.

– Моделированиены кытта сибээстээх мин сиэкси­йэбэр биир идэлээхтэрим үлэлэрин астынным,  тоҕо диэтэххэ, бу тиэмэ миэхэ чугас. Кыайыым иһин научнай салайааччыбар Красков Иван Игнатьевичка махтанабын. Хас биирдии үлэни жюри ымпыгар-чымпыгар диэри сыаналаата.  Технологическай оборудованиеттан саҕа­лаан  тулалыыр эйгэни харыстаа­һыҥҥа, сайыннары-кыһыннары күөх үүнээйини  олордууга автоматизацияны туһаныыга тиийэ бырайыактары дьүүлгэ таһаардылар.

– Бэйэ күөх үүнээйитин баайдаах сиргэ үүннэрии тиэмэтэ турбута ыраатта, ону биһиэхэ биир идэлээхпит Наталья Сосновская этии киллэрбитэ, – диэн Евгений Цукеры кытта холбоһук­таах бырайыактарын туһунан эдэр исписэлиис Алина Еремич кэпсээтэ.

– Бу тиэмэ олус суол­талааҕынан, Евгенийы кытта бырайыагы торумнуурга быһаа­рыммыппыт. Биһиги автоматизациялаах пиэрмэлэри тутарга этии киллэрэбит.

Кэмпириэнсийэ түмүгүнэн 30 бырайыак салгыы кэлэр түһүмэххэ,  Кустовой научнай-тиэхиньиичэскэй кэмпириэнсийэҕэ кыттыаҕа.  Онон кыайыылаахтарга дьүүллүүр сүбэ ситиһиилэри баҕарда.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
15 декабря
  • -34°C
  • Ощущается: -41°Влажность: 68% Скорость ветра: 2 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: