Эдэр кыыс түөкүттэр угаайыларынан 712 тыһ. тахса солк. харчытын сүтэрдэ
27 саастаах кыыска ТГ-ханаалынан үрдүк хамнастаах чэпчэки үлэнэн дьарыктанарга этии киирбит.
Эмсэҕэлээччигэ маркетплейс үлэһитэ буолан кубулунан биллибэт дьахтар суруйбут уонна хас да сорудаҕы толороот, түргэнник үрдүк хамнаһы аахсарга этии көтөхпүт. Ол түмүгэр эдэр кыыс 712 тыһ. тахса солк. харчытын уордарбыт.
Бу сырыыга бастаан «үлэ биэрээччи» эдэр кыыстан баан каартатын нүөмэрин көрдөөбүт. Ити кэннэ хара санаалаах дьахтар кыыс каартатыгар кыра суума харчыны ыыппыт. Кыыс харчы киирбитин көрөн, түргэн хамнастаах үлэ буоларын итэҕэйбит, инникитин даҕаны атын соруктары толорон үлэлэһэргэ сөбүлэспит. Тутатына түөкүттэр үрдүк хамнастаах үлэ саҕаланыан иннинэ усунуос харчы ыытыахтааҕын туһунан иһитиннэрбиттэр. Ол курдук кыыс 712 тыһ. тахса солк. харчытын бэлэхтээбит.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: