“Эдэр педагогтары өйүөххэ, өйдүөххэ”

Share

Идэҕэ урутаан бэлэмниир киин сүрүн исписэлииһэ, Ыччат Бырабыыталыстыбатын чилиэнэ, өрөспүүбүлүкэтээҕи эдэр педагогтар ассоциацияларын саҥа талыллыбыт бэрэссэдээтэлэ Мотрёна Федосееваны кытта кэпсэттибит. 

Бакалавриат, магистратура, аспирантура…

— Мотрёна Семеновна, ааҕааччыларбытыгар кылгастык бэйэҥ тускунан билиһиннэрэ түһэриҥ буоллар. Ханна үөрэммиккиний? Туох идэлээххин?

— Дьокуускай куорат 17-с нүөмэрдээх оскуолатыгар, С.К.Макаров аатынан Чурапчы улууһун гимназиятыгар, Д.П.Коркин аатынан интэринээт-оскуолаҕа ох саа салаатыгар үөрэммитим. Тохсус кылааска учуутал идэтигэр туттарсыам диэн номнуо билэр этим. Оскуолабыт успуорт хайысхалааҕын быһыытынан, күҥҥэ иккилии эрчиллии быыһыгар педагогикаҕа ирдэнэр биридимиэттэргэ бэлэмнэнэрбэр, эрэпэтиитэргэ эбии дьарыктанарбар бириэмэ тиийбэт этэ. Онон 11-с кылааска төттөрү гимназияҕа көспүтүм.

2015 сыллаахха оскуоланы бүтэрээт да, Москватааҕы педагогическай судаарыстыбаннай университекка информатика уонна технология исписээлинэһигэр тус сыаллаах икки миэстэ көрүллүбүтүттэн биирдэстэригэр киирбитим. Гимназияҕа уонна интэринээт-оскуолаҕа олус талааннаах, идэлэригэр бэриниилээх учууталларга үөрэнэн, математикабын 100 баалга туттаран, үөрэххэ киирэрбэр туох да уустугу көрсүбэтэҕим. Учууталларым туһунан аҕыйах тылынан ахтан аастахха, интэринээт-оскуолаҕа математикаҕа учууталым Петр Петрович Флегонтов сүҥкэн оруоллаах, гимназияҕа көспүтүм да кэнниттэн эбии дьарыктыыра. Онтон физика биридимиэтигэр Арассыыйа үтүөлээх учуутала, Арассыыйа үөрэҕириитин туйгуна, бэтэрээннэргэ төрүт оҕунан ытыыга Арассыыйа чөмпүйүөнэ, кылааһым салайааччыта Гавриил Михайлович Яковлевка үөрэммит дьоллоохпун. Киниттэн холобур ыларым, кинини көрөн учуутал буолуохпун баҕарарым.

Бакалавриаты кыһыл дьупулуомунан бүтэрбитим. Маҥнай үөрэнэ киирэрбитигэр бөлөхпүтүгэр 17 этибит (соҕотох сахабын) эрээри, төрдүө эрэ буолан бүтэрбиппит. Преподавателлэрбит олус ирдэбиллээхтэрэ, бибилэтиэкэҕэ кытта хонор түгэннэрдээхпит.

Тус сыаллаах миэстэҕэ киирдэххэ, кырата үс сыл булгуччу сөбүлэҥ түһэрсибит тэрилтэҕэр үлэлиэхтээххин. Элбэх киһи итинтэн куотунар, итини сыыһа дии саныыбын. Саха сириттэн кынаттанан, бүддьүөт суотугар үөрэнэн баран, киһи бэйэтин дойдутугар төннөн сыратын ууруохтаах, иэһин төлүөхтээх диэн өйдөбүллээхпин. Тус бэйэм министиэристибэ ыйыытынан Уус Алдан улууһун Суотту орто оскуолатыгар информатика, технология учууталынан үлэлии тиийбитим. Уруогу таһынан “Точка роста” эбии үөрэхтээһиҥҥэ информатикаҕа сыһыаннаах хайысхаларынан куруһуок ыытарым.  Салгыы Арктика норуоттар икки ардыларынааҕы оскуолаҕа, онтон Чурапчытааҕы физическэй култуура, успуорт институтугар үлэлээбитим, оскуолатааҕы дьарыкпын сөргүтэн оҕунан ытарым, улууска аан маҥнай эрэпэтиитэр киинин арыйбытым. Ити кэмҥэ ХИФУга (управление инновационными процессами) магистратурабын бүтэрбитим уонна тута Бурятиятааҕы судаарыстыбаннай университет физическэй култуураҕа институтугар аспирантураҕа киирбитим. Билигин СӨ Идэҕэ урутаан бэлэмниир киин үөрэх бырагыраамаларыгар дириэксийэтигэр сүрүн исписэлииһинэн үлэлиибин.

Үөрэппит оҕолорбун, төрөппүттэрин кытта ситиммин тутабын, оскуоланы ахтабын. Онон аспирантурам кэнниттэн син биир оскуолаҕа төннөр баҕа санаалаахпын. Оскуолаҕа кыаллыбатаҕына, устудьуоннарга хайаан даҕаны.

Эдэр учууталлар

— Эдэр учууталлар ассоциациялара туох сыаллаах-соруктаах тэрилтэний? Өрөспүүбүлүкэҕэ төһө элбэх эдэр учуутал баар?

— Ассоциацияҕа үлэ ыстааһыттан тутулуга суох 35-гэр диэри саастаах педагогтар киирэллэр. Эдэр педагогтары өйүүр соруктаах өссө 1990-с сылларга тэриллибитэ биллэр. Күн бүгүн Саха сиригэр 30 444 эдэр педагог баар: 18 010 киһи – оскуолаҕа, 7822 – уһуйааҥҥа, 3018 – эбии үөрэхтээһин, 1594 – орто анал үөрэх тэрилтэтигэр үлэлиир. Итинтэн 41 % — тыа сиригэр, 59 % —  куоракка.

Күн бүгүн 19 улууска ассоциация салаата тэриллэн үлэлиир, бэйэлэрэ туспа бэрэссэдээтэллээхтэр. Бэйэ-бэйэлэрин икки ардыларыгар араас тэрээһиннэри ыыталлар, уопут атастаһаллар. Бэйэбит туспа бөлөхтөөхпүт, үөрэх эйгэтигэр саҥа сүүрээн, уларыйыы киирдэ даҕаны тута үллэстэн, ыытан иһэбит, күүс-көмө буолабыт, өйөһөбүт. Куоластааһын түмүгүнэн бу алтынньыга миигин бэрэссэдээтэлинэн таллылар.

— Аныгы кэмҥэ үөрэҕин саҥа бүтэрбит эдэр киһи учууталлыырыгар төһө уустугуй, судургунуй?

— Оскуолаҕа аан маҥнай учуутал быһыытынан үктэнэр эдэр киһи, бастатан туран, өскөтүн киниэхэ уһуйааччыны (наставник) анаабатахтарына, уустуктары көрсөр. Кэлин оскуолаларга хас биирдии эдэр педагогка уһуйааччы сыһыараллара олус туһалаах, үгүс уопуттаах учуутал ыйан-кэрдэн биэрэр. Үөрэнии диэн бастакы билсиһии, оттон чопчу оскуолаҕа тиийэн оҕолору кытта алтыһыы, уруогу ыытыы – букатын атын, эппиэтинэстээх. Ону таһынан, эдэр учууталга куруһуогу салайтараллар, кылаас биэрэллэр, оскуола, нэһилиэк иһинээҕи туох баар тэрээһиҥҥэ барытыгар кытыннараллар. Иккиһинэн, эдэр учуутал, өскөтүн бу оскуолаҕа соҕотоҕун үлэлии тиийбит буоллаҕына, уонунан сыллар тухары олохсуйбут кэлэктиипкэ киирэригэр уустуктары көрсүөн сөп. Сорох учууталлартан иһиттэххэ, бу ордук ыраах, тыа сирин оскуолаларыгар биирдиилээн да буоллар бэлиэтэнэн ааһар, ол эрээри, баар көстүү.

— Куоракка үлэлии хаалар эдэр учууталлар син аймахтарыгар кыбыллыахтара, хос түүлэһэн олоруохтара. Онтон тыа сиригэр үлэлии барар эдэр учууталлар туох кыһалҕалары көрсөллөрүй?

—  Ханнык баҕарар учуутал атын сиргэ үлэлии барарыгар, аан бастакынан, дьиэ-уот боппуруоһун туоһулаһар. Тыа сиригэр толору хааччыллыылаах дьиэ суох. Киин ититэр ситимҥэ холбоммут дьиэ, хос көрүөхтэрин сөп. Аны дэриэбинэҕэ уоспастыбаннай баанньык диэн суох. Иккиһинэн, улахан тэрээһин ыытыллыбат. Эдэр учуутал аралдьыйар, оскуолаттан ураты дьону кытта алтыһар сирэ – аһылык маҕаһыына. Ордук кыһыҥҥы кэмҥэ уустук буолар. Сарсыарда хараҥаҕа үлэлии барар, киэһэ хараҥаҕа оскуола аанын сабан тахсар.

— Оттон хамнас хайдаҕый? 

— Үөрэҕин саҥа бүтэрбит учуутал хамнаһа ортотунан 45 тыһ. солк. тэҥнэһэр. Куруһуок ыытар түгэнигэр кыратык эбиллиэн сөп. Онтон ыстаас эбилиннэҕинэ, кылаас салайааччытынан ананнаҕына, категорияланнаҕына хамнаһа үрдээн иһэр.

— Үөрэхтэрин саҥа бүтэрбиттэр куоракка хаалар баҕалаахтар дуу, тыа сиригэр талаһааччылар эмиэ бааллар дуу?

—  Биллэн турар, улахан аҥаардара киэҥ сиргэ куоракка хаалар баҕалаахтар. Саҥа үөрэхтэрин бүтэрбиттэр, эдэр учууталлар араас төлөбүрдэринэн туһанан улууска барыахтарын сөп. Холобур, “Земскэй учуутал” бырагырааманан биэс сылга дуогабар түһэрсэн тыа сиригэр үлэлии барар учууталларга 2 мөл. солк. көрүллэр. Ону таһынан, олорор дьиэнэн хааччыйыы бырагыраамата баар. Манна Арктика уонна хоту улуустар хапсаллар. Эмиэ 5 сылга сөбүлэҥ түһэрсэллэр, 1 хостоох кыбартыыра сууматын аҥаара төлөнөр. Итини сэргэ, “Арктика учуутала” бырайыак үлэлиир. Тустаах бырайыакка 13 Арктика улууһа киирсэр.

Оҕону идэҕэ 8-с кылаастан бэлэмниэххэ

— Эн санааҕар, учуутал тоҕо тиийбэтий уонна ити боппуруоһу хайдах быһаарыахха сөбүй?

— Дьиҥэр, педагогическай институттарга сыллата оҕо бөҕө туттарсан киирэр. Ааспыт нэдиэлэҕэ ыытыллыбыт эдэр педагогтар мунньахтарыгар ити боппуруоһу эмиэ көтөхпүттэрэ. Бакалавриакка учуутал идэтигэр үөрэммит киһи, магистратураҕа атын хайысханы талыан сөп. Ити идэҕэ эрдэттэн бэлэмнээһин үлэтэ мөлтөҕүттэн диэн көрөбүн. Оҕо бэйэтэ үөрэххэ киирбит эрэ киһи диэн киирэр. Учуутал үлэтэ ыараханын билэн баран салгыы магистратураҕа өҥө, атыы-эргиэн хайысхаларынан үөрэххэ туттарсар.

— Өскөтүн урукку курдук биэс сыл үөрэнэллэрэ буоллар, син идэлэринэн үлэлиэ этилэр дуо?

—  Үлэлиэххэ сөп. Ол да буоллар, оҕоҕо номнуо 8-с кылаастан идэҕэ сыһыарар үлэни ыытар ирдэнэр. Маҥнай тест ыытан баран, оҕо ханнык хайысхаҕа, эйгэҕэ сыстаҕаһын быһааран, быраактыкаҕа үлэни элбэтэр ордук көдьүүстээх быһыылаах. Холобур, педагогика өттүгэр сыстаҕас көрдөрүүлээх 10-с кылаас үөрэнээччилэрин уһуйааҥҥа эбэтэр алын кылаас үөрэнээччилэригэр илдьэн дьарык ыыттарыахха сөп. Педагогика хайысхатыгар туттарсааччылар “оҕону кытта үлэ миэхэ барсар эбит” эбэтэр “бу букатын мин идэм буолбатах” диэн быһаарыныах, түмүк оҥостуох этилэр. Тус бэйэм Арктика норуоттар икки ардыларынааҕы оскуолатыгар “Технология 2.0” бырайыагы үлэлэппитим. Бырайыак иитинэн оҕолор технология уруогун субуота ахсын орто анал үөрэх тэрилтэтигэр миэстэтигэр тиийэн үөрэнэллэрэ, преподаватель ыйыытынан-кэрдиитинэн аһылык астыыллара. Федеральнай судаарыстыбаннай ыстандаартан ырааппакка, бу курдук идэҕэ ыкса сыһыаран үөрэтии оҕо инники идэтин сөпкө таларыгар туһалаах дии саныыбын. Оҕоҕо көннөрү тылынан кэпсиир соччо-бачча ситэтэ суох, кини көрөн, тутан-хабан үөрэнэрэ быдан тиийимтиэ. Арай, кинилэр көрдөхтөрүнэ учуутал наһаа үчүгэйдик, бэрт судургутук уруогун ыытара буолуо. Ис дьиҥэр киирдэххэ, учуутал: “Дорооболоруҥ оҕолоор!” – диэн этиититттэн саҕалаан, уруогун хас биирдии мүнүүтэтигэр тиийэ аттарар, хас даҕаны былааны оҥорор. Бу туһунан оҕо билбэтэ чахчы. Ону быраактыкаҕа эмиэ көрдөрөр, билиһиннэрэр булгуччу наада.

Ыйытык түмүгэ

— Бүгүҥҥү туругунан эдэр учууталлар туох көмөнү эрэйэллэрий? Эдэр учууталлары кытта элбэхтик алтыһар киһи истэн эрдэҕиҥ.

— Сорох учууталлар бэрт элбэх идиэйэлээхпит, оскуолабыт салалтата ону өйөөбөт диэн этээччилэр. “Оҕолорго анаан тэрээһин ыытыахпытын баҕарабыт. Биллэн турар, ол үөрэх бүппүтүн кэннэ киэһэ эрэ кыаллар. Дириэктэр олус хойут, оҕолор дьиэлэригэр хайдах төннүөхтэрэй, туох эмэ буолар түгэнигэр эппиэтинэһи эн сүгэҕин дуо?” – дииллэр диэн этинээччилэр. Идиэйэм өйөммөтө диэн эдэр дьон маҥнайгы уоттаммыт харахтара сыыйа уостан хаалар түгэннэрэ эмиэ баар.

Бэрэссэдээтэлинэн талыллаат да, эдэр педагогтар күн бүгүн туох кыһалҕалаахтарын билээри ыйытык ыыппытым. Ыйытыкка өрөспүүбүлүкэ сүүрбэттэн тахса улууһуттан 332 эдэр педагог (83% кэрэ аҥаар, 17 % эр дьон) кыттыбыта. Онно көстүбүтүнэн, үлэҕитигэр туох сүрүн уустугу көрсөҕүт диэн ыйытыыга 332 киһиттэн: 132 киһи – профессиональнай уонна эмоциональнай “выгорание”, 100 киһи – бириэмэ тиийбэт диэбитэ. “Тугу сэҥээрэҕит?” диэн ыйытыыга улахан аҥаардара саатар сылга иккитэ идэ таһымын үрдэтэр кууруһу ааһыахтарын баҕаралларын биллэрбиттэрэ. “Ханнык ньыманан?” диэн ыйытыыга үгүстэр тэйиччиттэн (дистанционно) диэн хоруйдаабыттар этэ. Аны “Ханнык тиэмэҕэ?” диэн ыйытыыга баһыйар үгүс өттө “профилактика профессионального выгорания” диэн суруйбуттара. Бу эдэр учууталларга чахчы кыһалҕа буолла диэн бэлиэтиир оруннаах. Профессиональнай, эмоциональнай өттүнэн уостан хаалбыт учуутал оҕолорго билиини тириэрдиитэ туһата, көдьүүһэ суох буолар. Итини сэргэ, иккиһинэн, “ораторскай маастарыстыба” тиэмэтигэр куурус ааһыахтарын баҕаралларын биллэрбиттэрэ. Учуутал алтыс уруогун, бастакы уруогун хайдах күүстээхтик ыыппытай да, эмиэ оннук уоттаахтык-күөстээхтик кэпсиэхтээх, бүтэһик да паартаҕа олорор оҕо болҕомтотун тардыахтаах. Маныаха сөпкө саҥарыы, толкуйу тириэрдии кистэлэҥнэригэр, сатабылларыгар үөрэниэхтэрин баҕараллар.

Саха сирин кэскилэ, сайдыыта бүүс-бүтүннүү учууталтан тутулуктаах. Сарсыҥҥыны салайсар дьону бүгүҥҥү учууталлар иитэн таһаараллар. Онон эдэр учууталлары өйдүөххэ, өйүөххэ.

Хаартыска: Мотрёна Федосеева тус архыыбыттан.

What’s your Reaction?
+1
3
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Суоттулар БАМ тутуутугар

Сэбиэскэй Сойуус саҕана үйэ тутуутунан ааттаммыт Байкал-Амур тимир суол магистралын тутуу саҕаламмыта быйыл 50 сылын…

6 часов ago
  • Култуура
  • Сонуннар

Саамай көхтөөх кыттааччы — Вова Степанов

Бүлүүгэ ыытылла турар "Бүлүүлүү оһуохай дуорайдын" күрэскэ Бүлүү, Ньурба улууһуттан оскуола үөрэнээччилэрэ кытта сылдьаллар. Кинилэр…

7 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Олоҕу ылынабын махталынан

Бу күннэргэ Ньурба улууһун киин бибилэтиэкэтэ "Үрүҥ торуоска" ыйын чэрчитинэн Ньурбатааҕы көрбөттөр уопсастыбаларыгар "Олоҕу ылынабын…

7 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

«Финквиз» оонньууга хамаандалар күрэхтэстилэр

Уус Алдаҥ улууһугар С.Васильев – Борогонскай аатынан киин бибилэтиэкэ уонна улуустааҕы үп управлениетын тэрийиилэринэн "Финквиз" оонньуу…

7 часов ago
  • Интэриэһинэй
  • Сонуннар

“Тигиилээх сирэйдэр”

Сэбиэскэй иитиилээх дьон “татуировка” түһэриини олох сөбүлээбэттэр. Кинилэр санааларыгар эти-сиини ойууланыы аҥаардас хаайыыга олорбут дьон…

8 часов ago
  • Сонуннар
  • Чэгиэн

53 сыл доруобуйа харыстабылыгар

Бөһүөлэк соҕотох биэлсэрин санныгар омуннаабакка эттэххэ, сыалай поликлиника эбээһинэһэ сүктэриллэр. Кини барытын сатыахтаах. Биэлсэр, акушер,…

8 часов ago