«Идэһэ-2024» дьаарбаҥкаҕа олохтоох бородууксуйа хамаҕатык атыыланна

Share

Сэтинньи 15 күнүгэр Майа сэлиэнньэтигэр сылын аайы ыытыллар, дьон-сэргэ кыһыҥҥы аһын хаһаанар үгэскэ кубулуйбут «Идэһэ-2024» атыы-эргиэн дьаарбаҥката ыытылынна диэн биллэрэр «Эркээйи» хаһыат.

«Кыталык» уопсастыбаннай киин дьиэтигэр уонна аттынааҕы былаһааккаҕа тыа хаһаайыстыбатынан дьарыктанар тэрилтэлэр, бааһынай, кэтэх хаһаайыстыбалаах дьон бэйэлэрэ оҥорон таһаарбыт бородууксуйаларын атыылаатылар.

Тэрээһин үөрүүлээх аһыллыытыгар мустубут дьону улуус баһылыга Дмитрий Тихонов эҕэрдэлээтэ, дьаарбаҥкаттан сибиэһэй олохтоох бородууксуйаны хамаҕатык булунан, кыстыгы этэҥҥэ туоруулларыгар баҕарда.

Атыы-эргиэн дьаарбаҥкатыгар кэлбит дьону Майа дьаһалтатын кэрэ аҥаардара итии собо миининэн күндүлээтилэр.

Оттон эр дьоно, АХУМС уолаттара, сыллата буоларын курдук волонтердаан, аҕам саастаах атыылаһааччыларга, кэрэ аҥаардарга эттэрин-астарын массыыналар тохтуур сирдэригэр диэри илдьэн, көтөхсөн көмөлөстүлэр.

«Улууспут тыа хаһаайыстыбатын бука бары үлэһиттэригэр Майа олохтоохторун уонна тус бэйэм ааппыттан улахан махталбын тиэрдэбин. Сыспай сиэллээҕи, хороҕор муостааҕы элбэтэр дьоммутугар дьылбыт этэҥҥэ аастын диэн баҕарабыт», – диэн Майа сэлиэнньэтин баһылыга Алексей Неустроев иһитиннэрдэ.

Дьаарбаҥкаҕа Майа олохтооҕо Ирина Карпова атыыга аҕалбыт бородууксуйатын билиһиннэрдэ: «Бүгүҥҥү атыы-эргиэн күнүгэр биһиги дьиэ кэргэн ииппит көтөрдөрбүтүн уонна куруолуктарбытын аҕаллыбыт. Сайын устата индюк 16 киилэттэн, бройлер кууруссалар 6 киилэттэн тахса улааттылар. Атыы үчүгэйдик баран, бородууксуйам барыта бүтэн эрэр. Атыыласпыт дьоҥҥо барыларыгар махтанабын. Минньигэстик аһааҥ!»

«Үгэс буолбут «Идэһэ» дьаарбаҥканан Майа олохтоохторун уонна ыалдьыттарын эҕэрдэлиэм этэ. Дьаарбаҥка олус үчүгэйдик тэриллибит. Эбиэт диэки атыыга аҕалбыт арыыбыт бүттэ, эппит олус кыра хаалла. Тэрийээччилэргэ махталбытын тиэрдэбит», – диэн «Хорообут» ХЭУо дириэктэ Григорий Плотников санаатын үллэһиннэ.

Тэрээһинтэн эмиэ астыммытын туһунан «Хоту» ТХПК маҕаһыынын сэбиэдиссэйэ Нина Баишева эттэ: «Дьон-сэргэ бары кыстык астарын хаһааммыттара буолуо диэн эрэнэбит. Биһиги бүгүн эт уонна үрүҥ ас арааһын атыылаатыбыт, атыыбыт олус үчүгэйдик барда. Дьаарбаҥка бары кыттыылаахтарын эҕэрдэлиибит».

Бу тэрээһиҥҥэ маны таһынан тэрилтэлэр икки ардыларыгар хамаанданан уонна биирдиилээн бастыыр «Көрдөөх стартар» ыытылыннылар. Күрэхтэһии кыайыылаахтара мэтээллэринэн, бириистэринэн наҕараадаланнылар.

Иван Лукин

What’s your Reaction?
+1
6
+1
2
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Креативнай индустрия тэбэр сүрэҕэ – Саха сирэ

Саха сирэ Уһук Илин да, Арассыыйаҕа бүтүннүүтүгэр да айар-тутар салаалары сайыннарыыга биир бастыҥынан биллэр. Биһиги…

47 секунд ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн
  • Тыа хаһаайыстыбата

Бразилиянан эргийэр киэҥ сырыылаах эт

Саха сирин олохтоохторо тыйыс тымныылары этэҥҥэ туораары этинэн хааччыналлар, сүөһү-ас иитэр өттө идэһэлэнэр. Ол эрээри…

30 минут ago
  • Быһылаан
  • Сонуннар

Тааттаҕа 50 саастаах эр киһини быһаҕынан анньан өлөрбүттэр

Саха сиригэр суукка иһигэр уопсайа 3 буруйу оҥоруу тахсыбыта бэлиэтэммит. Бу туһунан СӨ Борокуратууратын пресс-сулууспата…

37 минут ago
  • Интервью
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Иоганн Матвеев: “Ырыаһыт аналын, дьэ, өйдөөн эрэбин”

Айылҕаттан айдарыылаах, көмүс куоластаах эдэр ырыаһыт Иоганн Матвеев Бүлүү улууһун Тылгынытыттан төрүттээх. Кини 2015 с.…

1 час ago
  • Сонуннар

Саахарынай диабет биллэрбэккэ «сиир»…

Марина Григорьевна Каратаева Саха судаарыстыбаннай университетын лечебнэй факультетын бүтэриэҕиттэн Эндокринология өрөспүүбүлүкэтээҕи киинигэр эндокринолог-бырааһынан үлэлиир. 2001…

2 часа ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Сонуннар

Үгүлээттэр аһымал кэнсиэр ыыттылар

Бу күннэргэ Бүлүү улууһун Үгүлээт нэһилиэгин «Үнээкээн аартыга» түөлбэ маннык кэмҥэ туора турбакка, тыылга баар…

2 часа ago