Эдэр-сэнэх буолуу кистэлэҥнэрэ
Үөрэх этэринэн, киһи орто сааһа 120 сыл диэн да, дьиҥэ, олохпут итинтэн быдан ырааҕынан кылгас. Быраастар, психологтар уонна диетологтар олоҕу уһатар уонна кырдьары кыйдыыр бэлиэтээһиннэри оҥорбуттар.
Бастатан туран, элбэҕи аһаамаҥ. Сорох күн күннээҕи нуормаҕытыттан кыраны аһаатаххытына, «куртаххытыгар сынньалаҥ күнэ» буолар, эккитин-хааҥҥытын чэбдигирдэҕит.
Аһыыр аскыт сааскытыгар сөп түбэһиэхтээх. Холобур, 30-рын ааспыт дьон эриэхэнэн уонна быарынан аһаатахтарына, сирэйдэрэ мырчыстаҕаһа суох буолар. 40 саастарын ааспыттарга бетакаротин, 50-ҥа уҥуохтарын кытаатыннарар туһугар кальцийдаах, магнийдаах аһылык туһалаах.
Эр дьон 40-рын аастахтарына сыыры уона бүөрү сиэхтэрин наада. Селен олох охсууларын уйарга көмөлөһөр, ньиэрбэни чөлүгэр түһэрэр. 50 сааскын аастыҥ да, балыгы сииргин умнума. Бу сүрэх, тымыр ыарыыларыттан харыстыыр.
Хайаан да иккиэ буолуохтааххыт! Таптал уонна бэйэ-бэйэҕэ сылаас сыһыан — саамай үчүгэй эмп. Күүстээх таптал киһиэхэ дьолтон атыны аҕалбат. Дьоллоохтук сананар киһи доруобуйата бөҕөргүүр, үйэтэ уһуур.
Сүүрүҥ-көтүҥ, элбэхтик хамсаныҥ! Күҥҥэ 8 мүнүүтэ устата успуордунан дьарыктаныы киһи олоҕун биллэрдик уһатар.
Сөрүүн хоско утуйуҥ! Сөрүүн хоско утуйар киһи итии хоско утуйар киһитээҕэр эдэрчи көрүҥнээх буолар. Ол тулалыыр эйгэ кыраадыһыттан тутулуктаах, эт-сиин эмэхсийиитэ бытааннык барар.
Сотору-сотору таптыыр аскытын-таҥаскытын атыылаһан бэйэҕитин маанылааҥ, манньыйыҥ. Саҥа таҥас, суумка, косметика хас биирдии киһиэхэ үөрүүлээх.
Кыыһырбыккытын искитигэр тутумаҥ, хайаан да таскытыгар таһаарыҥ! Этиҥ-тыыныҥ, тыаһааҥ-ууһааҥ. Хомолто санааны искэр өр тутан сылдьыы ыарахан ыарыыга тиэрдэр. Ол курдук ыарыыга ыалдьыбыт дьон үгүс өттө — санаа баттаабыт дьоно.
Кытаатан төбөҕүтүн үлэлэтиҥ! Кроссворда таайыҥ, элбэх киһилээх оонньууларга кыттыҥ, омук тылын үөрэтиҥ, ахсаанна суоттааҥ. Ахсааны туох да көмө тэрилэ суох өйгүтүгэр суоттааҥ. Төбөҕүтүн быыстала суох үлэлэтэр буоллаххытына, түөһэйиэххит суоҕа.
Эдэр-сэнэх, доруобуйа буолуҥ!
Үөрэ-көтө сылдьар дьону кытта алтыһыҥ.
Сөбүлүүр, сэҥээрэр дьарыккытын сэгэтиҥ, ылсыҥ. Холобур, көмпүүтэргэ үөрэниҥ, үүнээйини, оҕуруоту сэргиир дьон үүнээйи кистэлэҥин билэргэ дьулуһуҥ, олордуҥ. Уһаныан, иистэниэн баҕалаахтар маастар-кылаастарга сылдьыҥ, сүбэтэ-амата ылыҥ, бэйэҕит уһанан көрөргө, иистэнэргэ үөрэнэ сатааҥ.
Үөрэ-көтө сылдьыҥ, үчүгэйи санааҥ.
Уугутун астына, хана утуйарга кыһаллыҥ. Ол туһуттан биир кэмҥэ утуйарга, турарга кыһаллыҥ.
Бэйэҕитин иһиллэнэ, өйдүү үөрэниҥ. Сөптөөх хамсаныы, хаамыы туһалааҕын умнумаҥ. Ыксаабакка, ыгылыйбакка, наҕыллык, бэйэҕитигэр сөп түбэһэрдик көрөн хаамыҥ. Өрөбүлгүтүгэр маҕаһыыннары эрэ кэрийимэҥ. Пааркаҕа сылдьыҥ, көннөрү хаамыҥ, сибиэһэй салгыҥҥа сылдьыҥ.
«Доруобуйа – дьол» кинигэттэн, Саха ыалын халандаарыттан, 2016 с.
Интэриниэт ситимиттэн.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: