Эдэр суруйааччылар сүбэ-мунньахтара: Бастыҥнар билиннилэр

Share

24-с Эдэр суруйааччылар сүбэ-мунньахтара икки күннээх үлэтэ түмүктэннэ. Сиэксийэлэринэн кыайыылаахтар билиннилэр.

Быйыл сүбэ-мунньахха 19 улуустан 70-ча киһи ыҥырыллыбытыттан, ыраах улуустартан аҕыйах киһи кыайан кэлбэтилэр. Саха поэзиятыгар, прозатыгар, нууччалыы тыллаах литератураҕа, драмаҕа, кириитикэҕэ, оҕо литературатыгар, аҕыйах ахсааннаах хотугу норуоттар литератураларыгар биллэр суруйааччылар эдэрдэр айымньыларын икки күн устата ырыттылар.

Саха поэзиятыгар түмүгү Наталья Харлампьева таһаарда. Ол курдук, 4 киһини »Чолбон» сурунаалга бэчээттэнэллэригэр мэктиэлээтэ. Сорохтор төрдүс төгүлүн кытталлар эбит. Саха поэзиятын арыйыытынан Ньурбаттан Станислав Степанов-Хотоҕос ааттанна. »Эр киһилии дьоһуннаах, киһи чахчы астынар айымньылардаах бэйиэт», — диэн туран, кинигэтин таһаарарга мэктиэлээтилэр.
Маны тэҥэ, Сюзанна Кондакованы айар командировкаҕа барарыгар мэктиэлээтилэр. Римма Крылова Суруйааччылар сойуустарын бырабылыанньатыгар айар отчуоту уонна айар киэһэни ыытарыгар мэктиэлэннэ.

Саха прозатын сиэксийэтин үлэтин түмүгүн суруйааччы Данил Макеев таһаарда. Игнатий Слепцов, Варя Егорова, Сардаана Корякина »Чолбон» сурунаалга бэчээттэнэллэригэр мэктиэлэннилэр. Проза сиэксийэтигэр кинигэтэ тахсарын курдук, үчүгэй айымньылаах ааптары булбатылар.

Хаартыска: Ааптар түһэриилэрэ.

Норуодунай суруйааччы эдэрдэр итэҕэстэрин ыйан туран, »суруйар үлэ оҕо оонньуута буолбатах» диэтэ. Кини кэм ирдэбилинэн, эһиил Улуу Кыайыы 80 сылын көрсө сэрии, байыаннай дьайыы туһунан айымньыларынан хомуурунньугу оҥорон таһаарарга уолдьаста диэн эттэ.

Нууччалыы тыллаах литература сиэксийэтигэр 15 киһи кыттыбыт. Элбэх киһи хоһоон суруйар. Кэрэхсэбиллээҕэ диэн манна уолаттар элбэхтэр. Кинигэни таһаартарарга Илья Васильев мэктиэлэннэ.

Хаартыска: Ааптар түһэриилэрэ.

Аҕыйах ахсааннаах хотугу норуоттар сиэксийэлэригэр 6 киһи кыттыбыт. 2 киһи эбэҥки, 4 киһи эбээн тылынан айымньылары киллэрбиттэр. Кинилэри »Илкэн» хаһыакка бэчээттэнэллэригэр мэктиэлээтилэр. Матрена Голикованы кинигэтэ бэчээттэнэригэр мэктиэлээтилэр. Максим Дуткины »Айар» кинигэ кыһатын эһиилги былааныгар киллэрэргэ мэктиэлэннэ.

Драма сиэксийэтигэр 5 киһи 7 айымньытынан кытынна. Драма сиэксийэтин арыйыытынан »ҺӨҔҮҤ» пьеса ааптара Анжелина Ильина ааттанна. Кини айымньыта Саха тыйаатырыгар уус-уран ааҕыыга мэктиэлэннэ.

Хаартыска: Ааптар түһэриилэрэ.

Оҕо литературатын сиэксийэтигэр 6 киһи кыттыбыт. Слепцова Ольга айар командировкаҕа барар буолла. Мария Винокурова икки сиэксийэҕэ кыттыытын түмүгүнэн, »Алта» кинигэ кыһатыгар кинигэтэ бэчээттэнэригэр мэктиэлэннэ.

Кириитикэ сиэксийэтигэр 8 киһи кыттыбытыттан, 5 киһини »Чолбоҥҥо» бэчээттэнэргэ мэктиэлээтилэр. »Кэскиллээх кириитик» ааты Мария Захароваҕа иҥэрдилэр. Кинини кириитикэ сиэксийэтин арыйыытынан ааттаатылар, айар командировканан наҕараадаланна.

»Саха сирин суруйааччылара» Ассоциация салайааччыта Олег Сидоров »20 сыл устата биһиэхэ литературнай оскуола үөскээбит эбит. Биһиги саҕана маннык суох этэ», — диэн эттэ.

Эдэр суруйааччылар сүбэ-мунньахтара Доҕордоһуу киэһэтинэн түмүктэннэ. Манна ырыа-тойук дьиэрэйдэ, хомоҕой хоһоон ааҕылынна, эдэр ааптардар бэйэ-бэйэлэрин кытта билсэн-көрсөн, ыкса алтыстылар.

What’s your Reaction?
+1
4
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Бэрээдэк

Социальнай ситимнэргэ тарҕаммыт видеоҕа эдьиийдии-балыс айдаарсыбыттар

Бу күннэргэ социальнай ситимҥэ оҕотугар хаһыытыыр, охсуох буолан суоһурҕанар ийэ видеота киэҥник тарҕанна, онуоха быһылааны…

7 минут ago
  • Сонуннар

«Сахаэнерголар» табаҕы сакалаакка атастастылар

Бэҕэһээ, сэтинньи 26 күнүгэр, "Сахаэнерго" тэрилтэ үлэһиттэрэ "Табаххын атастас" диэн үгэскэ кубулуйбут Бүтүн Арассыыйатааҕы аахсыйаҕа…

15 минут ago
  • Хаартыска/Видео

ХААРТЫСКА: Хаарчаана аҕыс сааһын туолуоҕа

Ленинградтааҕы зоопарка Хаарчаана үрүҥ эһэ сэтинньи 30 күнүгэр аҕыс сааһын туолаары сылдьарын туһунан иһитиннэрэр. Хаарчаана…

15 минут ago
  • Бэрээдэк

23 саастаах уол төлөпүөн уоран көҥүлэ быһыллыбыт

СӨ борокуратууратын пресс-сулууспата иһитиннэрбитинэн, ааспыт сайын 23 cаастаах эдэр киһи Дьокуускайга баар "Шашлыкоф" кафеҕа арыгы…

45 минут ago
  • Сонуннар
  • Тыа хаһаайыстыбата

Сэбээн Күөлгэ Станислав  Слепцов үс бөрөнү бултаата

Таба иитэр хаһаайыстыбалары бөрөлөр буулаан, эрэйи көрдөрөллөр. Онон табаһыттар ыстаадаларын харыстаан, бу кыыллары сонордоһоллор. --…

1 час ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Административнай быраап туһунан сокуон чуолкайданна

Ил Түмэн онус пленарнай мунньаҕар норуот дьокутааттара «О внесении изменений в статьи 1 и 8…

2 часа ago