Эдэр суруйааччылар сүбэ-мунньахтарыгар сүүмэрдээһин саҕаланна

Share
Муус устар 3-5 күннэригэр Дьокуускайга XXIV Өрөспүүбүлүкэтээҕи эдэр суруйааччылар сүбэ-мунньахтара ыытыллыаҕа. Сүбэ-мунньах эдэр ааптардарга айымньыларын биллэр суруйааччыларга аахтаран, ырыттаран, инникитин айар үлэлэригэр сүбэ-ама ылалларыгар, киэҥ эйгэҕэ биллэллэригэр көмөлөөх.
Хаартыска: Р.Каженкин
Сүбэ-мунньахха 18-40 саастаах эдэр ааптардар айымньыларын ыытан, сүүмэрдээһини ааһан, кытталлар.
Кэтэхтэн түһүмэххэ олунньу 13 күнүттэн кулун тутар 15 күнүгэр диэри ederlit@mail.ru электроннай буостанан айымньылары туталлар.
Үлэлэри сиэксийэлэринэн туталлар:
саха поэзията — 7-10 талыллыбыт хоһоонунан айымньы;
саха прозата — 1-3 кэпсээн, эбэтэр, 1 улахан айымньы;
нуучча литературата: поэзия — 7-10 талыллыбыт хоһоон, проза — 1-3 кэпсээн, эбэтэр, 1 улахан айымньы;
аҕыйах ахсааннаах хотугу норуоттар литературалара: поэзия — — 7-10 талыллыбыт хоһоон, проза — 1-3 кэпсээн, эбэтэр, 1 улахан айымньы (манна сааһынан хааччахтааһын суох);
драма (сааһынан хааччахтааһын суох): 1  пьеса (сахалыы, нууччалыы, хотугу норуоттар тылларынан);
оҕо литературата: поэзия — 7-10 талыллыбыт хоһоон, проза — 1-3 кэпсээн, эбэтэр, 1 улахан айымньы (саха тылынан);
кириитикэ (сааһынан хааччахтааһын суох): саха тылынан 1-3 кириитикэ ыстатыйата, 2-3 рецензия.
Кыттааччы толору аатын, сааһын, олорор сирин, идэтин, үлэлиир сирин, төлөпүөнүн, кылгас биографиятын (үөрэҕин, үлэтин, ханна бэчээттэммитин, ханнык литературнай түмсүүгэ баарын) суруйан ыытар. Саха тылынан кыттааччылар айымньылара сахалыы сириибинэн бэчээттэммит буолуохтаах. Кыттааччы айымньыларын уонна бэйэтин туһунан дааннайдары биир файлга уган ыытыахтаах.
Киирбит үлэлэртэн талан, кулун тутар 18 күнүгэр сүбэ-мунньах кыттааччыларын быһаарыы түмүктэнэр.
Ыспыраапка: Эдэр суруйааччылар сүбэ-мунньахтарын Саха сирин Суруйааччыларын сойууһа тэрийэн ыытар. Аан бастаан сэбиэскэй кэмҥэ ыытыллар этилэр, ол эрээри, дойдуга уларыйыы-тэлэрийии буолан, 1987 сылтан ыытыллыбакка турбута. Наталья Харлампьева бэрэссэдээтэллээх сойуус 2004 сыллаахха Эдэр суруйааччылар сүбэ-мунньахтарын сөргүтэн, икки сыл буола-буола ыытан кэллэ. Бу кэм устата сүүһүнэн ыччат дьон кытыннылар, сүүрбэччэ киһи Саха сирин Суруйааччыларын сойууһун чилиэнэ буолла, кинигэлэрэ бэчээттэннэ.
What’s your Reaction?
+1
8
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Сүрүн

«Вместе с Айсеном Николаевым» биэрии саҥа таһаарыытын көрүҥ

Бүгүн, сэтинньи 24 күнүгэр,  19:00 чаастан  "Россия 24" телеханаалга  «ВМЕСТЕ с Айсеном Николаевым» биэриини көрүҥ.…

1 час ago
  • Интервью
  • Сонуннар

«Бугул»: «Олох онно барыбытыгар – биир»

Соторутааҕыта буолан ааспыт фашизмы утарыы пуорумугар байыаннай дьайыыттан 25 бастыҥ байыас инники кирбииттэн кэлэн кыттыбыта.…

2 часа ago
  • Сонуннар

Дьуһуурунай борокуруор: быһаҕынан анньыллыы, наркотигынан эргинии…

Ааспыт сууккаҕа буруйу оҥоруу 6 түбэлтэтэ бэлиэтэнэн, СӨ Борокуратууратын хонтуруолугар киирдэ. Уус Алдан улууһугар 1977…

3 часа ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Ил Дархан Арассыыйаҕа Ийэ күнүнэн эҕэрдэлээтэ

Ил Дархан Айсен Николаев Саха Өрөспүүбүлүкэтин салалтатын уонна тус бэйэтин аатыттан Ийэ күнүнэн  эҕэрдэлээтэ. -…

4 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Бүгүн сорох сиринэн хаар түһүөҕэ

Бүгүн, сэтинньи 24 күнүгэр, өрөспүүбүлүкэ арҕаа, соҕуруу өттүгэр  хаардыаҕа, сорох сиринэн сөкүүндэҕэ 9-14 м. түргэннээх…

4 часа ago
  • Култуура
  • Сонуннар

Көрөөччү санаата: «Кэрэҕэ тигистибит»

Кылаан Кындыл алгыһынан, тойугунан арыйда. ''Сэргэлээх уоттара'' култуура киинигэр эдэр ырыаһыт Иоганн Матвеев бастакы айар…

15 часов ago