Эдэр сылгыһыт үөрүүтэ

Эдэр сылгыһыт үөрүүтэ

07.06.2023, 15:30
Мэҥэ Хаҥалас улууһун дьаһалтатын пресс-сулууспатын хаартыската
Бөлөххө киир:

Быйыл саас I Баатара нэһилиэгэр үтүө үгэскэ кубулуйбут улуустааҕы «Сылгыһыт күрэҕэ» ыытыллыбыта. Бу тэрээһиҥҥэ «Саамай эдэр кыттааччы» үрдүк аатын I Наахараттан төрүттээх, 25 саастаах Герман Константинов сүкпүтэ.

Үөрүүлээх быһыыга-майгыга дьоһун-мааны бирииһи – икки саастаах борооскуга сэртипикээти «Өктөөбүр 50 сыла сопхуос» хаһаайыстыба аатыттан РНА Сибиирдээҕи салаатын Саха сиринээҕи билимин киинин генеральнай дириэктэрин уопсай боппуруостарга солбуйааччыта Тихон Скрябин туттарбыта. Ол туһунан Мэҥэ Хаҥалас улууһун дьаһалтатын пресс-сулууспата иһитиннэрэр.

Соторутааҕыта, саха сайыны көрсөр үтүө кэмигэр, мэктиэлэммит тыыннаах борооску бирииһин, I Наахара эдэр сылгыһытыгар Гермаҥҥа Тихон Скрябин сыа-сым курдук аҕалан, анаан-минээн туттарда.

«Бу кыһын бырабыыталыстыба отчуотугар тыа хаһаайыстыбатынан утумнаахтык дьарыктанан эрэр ыччаттарбытын өйүөххэ диэн этии киирбитэ. Бу бачыымы быһа гыммакка, тута өйөөн, аймах дьоммун кытта сүбэлэһэн баран, тус бэйэбит хаһаайыстыбабыт аатыттан бу төһүү бирииһи – борооскуну, эдэр киһиэхэ, өбүгэ ситимин салҕааччыга туттарарга санаммыппыт. Мэктиэлэммит бирииспин эт илиибинэн эдэр сылгыһыкка Гермаҥҥа үөрэ-көтө аҕалан туттардым. Ынах-сүөһү төрдө буоллун, уйгулаах-быйаҥнаах олоҕу аҕаллын диэн ис сүрэхпиттэн сахалыы алҕыыбын», — диэн Тихон Скрябин кэпсиир.

I Наахара нэһилиэгин олохтооҕо, Герман аҕата Родион Петров маннык кэпсиир:

«Сылын аайы ыытыллар «Сылгыһыт күрэҕэр» биһиги нэһилиэк аатыттан куруутун көхтөөхтүк кыттабыт. Быйыл эмиэ баран кыттан кэлбиппит, онно уолбут Герман «Саамай эдэр кыттааччы» аатын сүкпүтүттэн, соһуйбуппут даҕаны, үөрбүппүт даҕаны. Кини – сэттэ бииргэ төрөөбүттэртэн ыал улахан оҕото. Ол иһин кыра эрдэҕиттэн сүрүн эрэлбит, төһүү көмөбүт буолар. Бырааттарын-балыстарын көрөн-истэн, бүөбэйдэһэн, тыа сирин туох баар күүстээх үлэтигэр кыттыһан улааппыта. Биһиги 50 үөр сылгылаахпыт, олорбут үрэх баһыгар тураллар. Уолбунаан кэлэ-бара сылдьан көрөбүт-харайабыт. 20 төбө ынахтаахпыт, онтон баһыйар өттө ыанар. Онно эбии бу толуу тыһы борооску кэлбитэ, инникитин ньирэй ыларга, хаан уларытарга үчүгэй. Уолбар сүөһү төрдө буолуо. Хаҥаластан төрүттээх, биһиги улууспутун кытта бэрт үчүгэй доҕордуу сыһыаннаах Тихон Скрябин тус бэйэтин хаһаайыстыбатын аатыттан маннык дьоһун-мааны бириис туруорбутун мин хайҕыы көрдүм. Бу курдук өбүгэ төрүт дьарыгын салҕыыр, утумнуур сахабыт ыччатын өйүүр дьон баар буоллахтарына, эдэр дьон сүөһүгэ-сылгыга сыстыа, удьуор-утум салҕаныа диэн мин бүк эрэнэбин».

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
6 ноября
  • -22°C
  • Ощущается: -22°Влажность: 71% Скорость ветра: 0 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: