Эдэр учуонайдары элбэтиигэ дьаныардаах үлэ барар
Кэнники биэс сыл устата Саха сиригэр ыччат үлэлиир 13 научнай лабораториялара тэриллибиттэрэ. Онно 150-тан тахса эдэр учуонайдар үлэлииллэр.
Лабораториялар Саха сиригэр сыһыаннаах көстүүлэри уонна кыһалҕалары аныгы ньымаларынан быһаарыынан дьарыктаналлар. Чинчийии хайысхалара киэҥ далааһыннаах: ирбэт тоҥ иһигэр барар процесстары үөрэтии, салгын экологията, хотугу үүнээйилэр генетикаларын чинчийии, хотугу сирдэргэ туһалаах полимердары көрдөөһүн, радиация технологиялара уо.д.а.
Билим эйгэтигэр эдэр дьон кыттыытын элбэтэр сыаллаах “Саха сиригэр наука уонна технология эйгэтигэр 1000 лидер” диэн аатаах бырайыак үлэҕэ киириэҕэ. Бу бырайыак научнай каадырдары бэлэмнээһиҥҥэ туһаайыллыбыт үгүс үлэлэри бииргэ холбуоҕа.
СӨ Ил Дарханын уонна СӨ Бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: