Биир дойдулаахтарбыт «Боотур» этэрээккэ эминэн-томунан көмөлөстүлэр
Байыаннай дьайыыларга сылдьар уолаттарбытыгар өрөспүүбүлүкэ, уопсастыбаннас, биирдиилээн да дьон өттүттэн, төһө кыалларынан, тиһиктээхтик көмө оҥоһуллар.
Дьиҥэ, элбэх киһи бэйэтин ис санаатыттан көмөлөһөр. Ол гынан баран, ардыгар көмөлөһөр дьон биллэ-көстө сатаабаттар.
Бу күннэргэ Саха сириттэн көспүт, билигин Москваҕа олорор интернациональнай дьиэ кэргэн «Саха волонтердара» хамсааһыҥҥа «Боотур» этэрээт байыастарыгар диэн анаан, 21 тыһ. солк. суумалаах эми-тому атыылаһан тириэртэ. Бу эмтэргэ «Саха сирэ эйигин кытары» пуонда гуманитарнай көмөтүн эппиппит, бэртээхэй аптечка буолла диэн «Саха волонтердара» кэпсииллэр.
Баһыылкаҕа 40-ча араас эмп-томп баар. «Саха волонтердара» хамсааһын волонтера Мария Григорьева провизордуу сылдьыбыт буолан, киирбит эмтэри араартаан, ханнык ыарыыга, хайдах иһиллэллэрин, туохха туттуллалларын испииһэктии-испииһэктии суруйан аптечкаҕа угар. Кини медик үөрэҕэр үөрэнэр, травматолог идэтин баһылыа.
Бу курдук дьон бэйэтин баҕатынан, ис санаатыттан үтүөнү оҥорон байыаннай дьайыыларга сылдьар биир дойдулаахтарыгар көмөлөһөр, кыайыыны уһансар. «Саха волонтердара» биир дойдулаахтарыгар көмөлөрүн иһин махталларын тириэрдэллэр.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: