Хаартыска: УлусМедиа
Элбэх оҕолоох эдэр ыаллар дьиэ ылалларыгар бырыһыана суох кирэдьиити биэриэхтэрин сөп. «Известия» суруйарынан, сэтинньи 14 күнүгэр сокуон барылын Госдуумаҕа киллэрдилэр.
Эдэр ыаллар харчынан мунньунуулара суох эрээри, үлэлиир-хамсыыр буолан, дохуоттаахтар, кирэдьиити төлүүр кыахтаахтар. Ол эрээри, элбэх иитимньилээх буолан, туораттан көмөтө суох, улахан бырыһыаннаах ипотеканы ылаллара ыарахан.
— Статистиканы көрүҥ — 2022 сылга дойду нэһилиэнньэтин ахсаана 600 тыһыынча киһинэн көҕүрээтэ. 2021 сылга мөлүйүөнтэн тахса киһини сүтэрбиппит. Сыл аайы биирдии улахан куорат сүтэн иһэр курдук. Бу олус кутталлаах балаһыанньа. Онон демография боппуруостарын эдэрдэр уонна элбэх оҕолоох ыаллар көмөлөрүнэн быһаарыахха сөп, — диэн баартыйа баһылыга Сергей Миронов этэр.
Манна даҕатан эттэххэ, сотрутааҕыта Федерация Сэбиэтини бэрэссэдээтэлэ Валентина Матвиенко элбэх оҕолоох ыаллары НДФЛ дохуотуттан босхолуурга диэн этии киллэрбитэ.
Бу сокуон барылын Госдуума ылыннаҕына эрэ, күүһүгэр киирэр.
Өлүөнэни туоратар муостаны тутуу бигэргэммит кыраапыгынан ыытыллар. Генеральнай бэдэрээтчит уонна бэдэрээтчит тутар-таҥар үлэ комплексын хааччыйаллар.…
“Саха сирэ – Дьоруойдар дойдулара” – билиини уонна уопуту туһанарга уочараттаах хардыы, диир байыаннай дьайыы…
“Саха “ГТРК “Быһа биэрии” биэриитин эпииригэр Айсен Николаев буолан ааспыт олохтоох салайыныы уорганнарын түмүгүн туһунан…
Быйыл сайын Эбээн Бытантай улууһун Дьарҕаалааҕар от үүнүүтэ мөлтөҕүн да иһин, сүөһүлээх-астаах тыа ыаллара сыл…
Бу күннэргэ Өймөкөөн улууһугар толору оту тиэммит массыыналар "Халыма" федеральнай айан суолунан Өймөкөөн улууһун туһаайыытын…
Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дархана Айсен Николаев “Россия24” телеханаалга “Быһа кэпсэтии” бырагыраама эпииригэр Дьокуускайга тырааныспар ситимин…