“Эдэр ыччат — биир сомоҕо” култуурунай-спортивнай бэстибээл
Үгүлээт нэһилиэгэр “Эдэр ыччат-биир сомоҕо” култуурунай-спортивнай бэстибээл ыытылынна. Бу уопсастыбаннай диэйэтэл, бэлиитик Савва Михайлов кэриэһигэр ыытыллыбыт бэстибээл үрдүк таһымнаахтык буолан ааста.
Хомойуох иһин, буурҕа суолларын тибэн, 2 Күүлэт ыччаттара кэлэн иһэн аараттан төннөн улаханнык хомойдулар. Онон икки хамаанда кытынна. 1 Күүлэт уонна Үгүлээт эдэр ыччаттара. Барыта 40 киһи кытынна. Бэстибээл барылынан, күрэхтэһии түһүмэхтэрэ манныктар: “Көрдөөх старт”, канаат тардыһыыта, ГТО эстэпиэтэтэ, “Дойдум куолаһа” диэн ырыа күрэһэ, үҥкүү күрэхтэһиитэ, биисинэс-бырайыагы көмүскээһин, “Мин дойдум объектив нөҥүө” диэн уһуллубут видеороликтары көмүскээһин, “Перспектива в познании” эдэр педагогтарга аналлаах дьылабыай оонньуу киирдилэр.
Дьүүллүүр сүбэҕэ Федорова Елена Николаевна — социальнай уонна эдэр ыччат бэлиитикэтин отделын салайааччыта, Иванова Александра Алексеевна — М.Н.Жирков аатынан култуура дыбарыаһын мэтэдииһэ, Федорова Юлия Петровна — М.Н.Жирков аатынан култуура дыбарыаһын балетмейстера, Протопопова Валентина Валентиновна — Бүлүү улууһун спорткомитетын сүрүн исписэлииһэ, Иванов Валерий Валерьевич — Бүлүү улууһун спорткомитетын сүрүн исписэлииһэ, Егорова Сардана Алексеевна — Бүлүү улууһун бастыҥнар хамыыһыйаларын сүбэтин салайааччыта үлэлээтилэр.
Бастатан туран, күрэхтэһии саҕаланыан иннинэ Савва Михайлов кэриэһигэр, кини сырдык мөссүөнүгэр сүгүрүйэн биир мүнүүтэ хоҥкуйан саҥата суох турдубут. Салгыы Үгүлээт нэһилиэгин олохтоох дьаһалтатын баһылыгын солбуйааччытыгар, эдэр исписэлиис Федоров Виктор Витальевичка ыччат министиэрстибэтиттэн “СӨ ыччат бэлиитикэтин туйгуна” бэлиэ туттарылынна.
Күрэхтэһии аҕыс түһүмэҕинэн ыытылынна. Түмүккэ алта түһүмэххэ кыайан, Үгүлээт нэһилиэгин эдэр ыччатын хамаандата бастаата. Кыайыы өрөгөйө буолла. «Эдэр ыччат — биир сомоҕо» култуурунай-спортивнай бэстибээлгэ бастаабыт биһиги нэһилиэкпит ыччаттарын хамаандатыгар 10 тыһ. солкуобай харчынан бирииһи П.А.Петров аатынан Бүлүү оройуоннааҕы балыыһатын кылаабынай бырааһа, Ил Түмэн дьокутаата Егор Анатольевич Григорьевтан туттарылынна. Үөрэн-көтөн тураммыт Егор Анатольевичка улахан махталбытын тиэрдэбит.
Үгүлээт нэһилиэгин баһылыга Октябрь Иванович Лукин санаатын үллэһиннэ:
— Бүгүн биһиги нэһилиэккэ ыччат бэстибээлэ тэриллибитэ мээнэҕэ буолбатах. Биһиги ыччаттарбыт уруккуттан даҕаны араас тэрээһиннэргэ көхтөөхтүк кытталлара, элбэх саҥа сүүрээннэри айаллара биллэр. Уруккуттан холобур биир түгэни ылан кэпсээтэхпинэ, 90-с сылларга мин ыччат лиидэринэн үлэлии сырыттахпына, Бүлүү улууһугар биһиги нэһилиэкпит ыччат хамсааһыныгар бастыҥ үлэлээҕинэн биллэрэ. Оччолорго СӨ ыччат миниистирэ Виктор Петрович Ноговицын кэлэн үлэбитин-хамнаспытын көрөн-истэн барбыта. Өссө ол саҕана мээнэ көстубэт сыаналаах музыкальнай аппаратура бэлэхтээн үөрдүбүтэ.
Кэлин өссө Үөһээ Бүлүү 4 нэһилиэгин, Күүлэт түбэ 4 нэһилиэгин ыччаттарын түмэн, “Үөдүгэй” түмсүүтүн тэрийэммит, миигин салайааччынан талбыттара, күүстээх үлэни ыыппыппыт. Биир улахан тэрээһиммит 2002 сыллаахха, мин баһылыгынан саҥа ананан үлэлээн эрэр кэммэр этэ. Ол курдук Үгүлээттэн, 1 Күүлэттэн, Тылгыныттан ыччаттар Хохочойго хайыһарынан Үгүлээт — Сургуулук — Боотулуу — Маҥаас — Далыр, уопсайа 170 км курдук ырааҕы түөрт хонук айаннаабыппыт. Онно хас биирдии нэһилиэк аайы күрэхтэһэн, кэнсиэр көрдөрөн, оонньоон-көрүлээн сылдьыбыппыт. Үөһээ Бүлүү дьоно-сэргэтэ сүрдээх үчүгэйдик көрсүбүттэрэ. Билигин даҕаны ону истиҥник-иһирэхтик ахтабын-саныыбын. Мин билигин сөҕө саныыбын, ол саҕанааҕы ыччаттар сүрдээх эрчимнээх, кытаанах санаалаах эбиппит. Туох да эрчиллиитэ суох ычаттар 170 км хайыһарынан айанныыллара мээнэҕэ буолбатах дии саныыбын.
Билиҥҥи ыччаттарбыт үлэлэрин билиһиннэрдэххэ, Бүлүү улууһугар эмиэ бастакынан НКО тэринэн таһаарыылаахтык үлэлии сылдьыбыттара. Биир улахан тэрээһиммитинэн РНА СО биологическай кыһалҕаларга институтун учуонайдара кыттыылаах Түҥ өрүс устун мотуорунан научнай-экологическай эспэдииссийэҕэ айан буолар. Манна үс мотуорунан ыччаттарбыт айаннаан, сынньанан, балыктаан, ол быыһыгар сэлии уҥуохтарын, сэдэх таастары булан аҕалан түмэлгэ туттарбыттара. Институт учуонайдара ураты харыстанар сирдэри, күөллэри үөрэтэн, научнай чинчийии оҥорон, улахан улэни суруйан, бэчээттээн биэрбиттэрэ. Ити сүҥкэннээх элбэх улэ, тэрээһин ыытыллыбытыттан аҕыйаҕы холобурдаатым.
Быйылгы ыччат бэстибээлэ үрдүк таһымнаахтык ааста. Бүлүүттэн Елена Николаевна Федорова салайааччылаах хамыыһыйа кэлэн күрэхтэһиилэри тэрээһиннээхтик ыыттылар, сыаналаатылар. Хамыыһыйа таһыма үрдүк, күрэхтээүиилэри көрүү, сыаналааһын эрэ буолбакка, ыччаттарга элбэх субэ-ама биэрдилэр. Бу кэрэхсэбиллээх дьыала. Кэлбит ыалдьыттары биһиги кыргыттарбыт минньигэс астарынан күндүлээтилэр. Буфет арыйан үлэлэттилэр. Манна киирбит харчыларын байыаннай дьайыыга сылдьар уолаттарга уонна кинилэр дьиэ кэргэттэригэр диэн анал пуондаҕа туттараллар. Ыччаттарбыт маладьыастар. Иннигит диэки дохсуннук айаннааҥ, ханнык да харгыстан чаҕыйымаҥ, сыалгытын-соруккутун ситиһиҥ.
Лена Мандарова,
Үгүлээт.
Ааптар хаартыскаларга түһэриитэ.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: