«Эдэрдэр куоласкытын истиэхпитин баҕарабыт»

«Эдэрдэр куоласкытын истиэхпитин баҕарабыт»

04.04.2024, 13:55
Ааптар түһэриилэрэ.
Бөлөххө киир:

Муус устар 3 күнүгэр 24-с Эдэр суруйааччылар сүбэ-мунньахтара саҕаланна. 2-с №-дээх бырабыыталыстыба дьиэтигэр үөрүүлээх аһыллыыта буолла.

Ааптар түһэриитэ

Быйыл Эдэр суруйааччылар сүбэ-мунньахтара сөргүтүллүбүтэ сүүрбэ сыл буолла. Саха сиригэр маннык мунньахтар ааспыт үйэ 60-с сылларыттан ыытыллар буолбуттара. Бүтэһигин 1987 сыллаахха ыытыллыбыта уонна дьалхааннаах кэмҥэ түбэһиннэрэн, тохтоон хаалбыта.
Өр кэм буолан баран, 2004 сыллаахха Саха сирин Суруйааччыларын сойууһа, бэрэссэдээтэл Наталья Харлампьева көҕүлээһининэн,  сүбэ-мунньаҕы сөргүппүтэ, эдэрдэри кытта үлэтин саҕалаабыта.
Бу кэмтэн иккилии сыл буола-буола, уонча сүбэ-мунньах ыытылынна, 700-тэн тахса эдэр ааптар кытынна, сүүсчэкэ кинигэлэрэ, отучча хомуурунньук таҕыста, 24 киһи Арассыыйа Суруйааччыларын сойууһун чилиэнэ буоллулар.

Ааптар түһэриитэ

Мин, сүбэ-мунньаҕы көҕүлээбит киһи, бэйэбит үүннэрэн таһаарбыт оҕолорбут үүнү-тэһиини илиилэригэр ылан, бэйэлэрэ тэрийэр буолбуттарыттан үөрэбин эрэ. Сүбэ-мунньахха кыттыбыт 700-кэ киһи барыта суруйааччы буолбатаҕа, ол эрээри үгүстэр литератураҕа ылсан үлэлииллэригэр төһүү буолбута, үөлээннээхтэрин булсалларыгар, айар эйгэҕэ киирэллэригэр көмөлөспүтэ саарбаҕа суох, — диэн норуодунай суруйааччы Наталья Харлампьева эттэ.

Сүбэ-мунньах 17 сыл буолан баран сөргүтүллүбүтэ. Ол кэмтэн номнуо 20 сыл ааһа охсубут. Саха литературатыгар бүтүн  биир көлүөнэни иитэн таһаарарга улахан үлэ ыытылынна. Бу бэлиэ түгэн үлэбит үгэһигэр кубулуйда. Быйылгы сүбэ-мунньахха 70-ча киһи кыттар, 19 улуустан анаан айаннаан кэллилэр. Сорох улуустартан, Чурапчыттан, Кэбээйиттэн, Ньурбаттан 4-түү, Мэҥэ Хаҥаластан 3-түү, Тааттаттан, Сунтаартан 2-лии киһи кэлэн кыттар. Хотугу уонна соҕуруу улуустартан сорохтор кэлбэккэ хааллылар. Саамай элбэх — 21 киһи саха поэзиятын, 12 киһи — нууччалыы тыллаах литературатын сиэксийэлэригэр кытталлар. Маны тэҥэ, саха прозатыгар 8 киһи, драмаҕа — 7, кириитикэҕэ — 10, аҕыйах ахсааннаах хотугу норуоттар литератураларыгар — 6, оҕо литературатыгар — 6 киһи баар, — диэн Саха сирин Суруйааччыларын сойууһун бэрэссэдээтэлэ Гаврил Андросов эттэ.

Ил Түмэн спикерэ Алексей Еремеев урут ыччат миниистиринэн үлэлии сылдьыаҕыттан, эдэрдэри кытта үлэни өйөөбүтэ.

— Өрөспүүбүлүкэ, Ил Түмэн аатыттан эҕэрдэбин тиэрдэбин. Үгүс сойуустарга бэйэлэрин солбуктарын бэлэмнээбэккэ хаалаллар. Суруйааччылар сойуустарыгар Наталья Ивановна өҥөтүнэн, утумнаах үлэ ыытыллан, уонунан эдэр суруйааччылар үүнэн тахсыбыттара хайҕаллаах. Былаас уорганнара айар сойуустарга эмиэ көмөлөһүөхтээхтэр. Билигин олус уустук кэмҥэ олоробут — судаарыстыбалар эрэ буолбакка, бүтүн киһи-аймах салгыы барар суолун көрдөнөр кэмэ. Бу маннык кэмҥэ эдэрдэр, эһиги куоласкытын истиэхпитин баҕарабыт, — диэн кини эттэ.

Култуура министиэристибэтигэр айар сойуустары кытта үлэлиир исписэлиис Туйаара Тарабукина бэйэтэ эмиэ оҕо кинигэтин суруйбутун, онон айар үлэ диэн ыараханын, сыралааҕын өйдүүрүн туһунан кэпсээтэ.

Норуодунай суруйааччы Сэмэн Тумат: »21-с үйэҕэ саха литературата хайдах буолара эһигиттэн тутулуктаах,» — диэн туран, аныгы ааптардар мөлтөх өрүттэрин ыйда — уопсастыбаннай олоххо көхтөөх кыттыыны ылбаккыт диэн.
Варвара Белолюбская-Аркук аҕыйах ахсааннах хотугу омуктар литератураларын сиэксийэтигэр 4 эбээн, 2 эбэҥки суруйааччылара кэлэн кытталларын туһунан иһитиннэрдэ. Сорохтор хоту улуустартан кыайан кэлбэтилэр.

Салгыы сиэксийэлэринэн үлэ салҕанар. Саҥа тахсыбыт кинигэлэри сүрэхтээһин, көрсүһүүлэр, билсиилэр, ырытыһыылар, маастар-кылаастар буолуохтара.

+1
6
+1
0
+1
0
+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
24 ноября
  • -27°C
  • Ощущается: -34°Влажность: 76% Скорость ветра: 2 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: