Эдэртэн эрчимин, кырдьаҕастан сүбэтин ыл
Ааһан эрэр сылбыт Саха сиригэр Үлэ сылынан, оттон Арассыыйаҕа Педагог уонна уһуйааччы сылларынан биллэриллибитэ. Аныгы үйэҕэ сааһыран да баран, онно-манна барбакка-кэлбэккэ, дьиэ иһигэр олорон, билиҥҥи сайдыылаах кэмҥэ куйаар ситиминэн дойду иһигэр-таһыгар, өрөспүүбүлүкэҕэ туох буола турарын, сайдыы саҥа суолунан түбүктээх айанын туһунан сонуннары истэ-билэ олороҕун.
Ол даҕаны иһин буолуо, олохпутун барытын өрөспүүбүлүкэҕэ буолар тосту уларыйыылардаах сылларга, саҥа судаарыстыбаннаһы, аныгылыы экэниэмикэни тутууга Саха Өрөспүүбүлүкэтин бастакы Бэрэсидьиэнэ М.Е. Николаев ыыппыт реформаторскай үлэтигэр кыттыспыт, көмө буолбут кырдьаҕас бэтэрээннэр аныгы эдэр салайааччылар билиҥҥи кэмҥэ ситиһиилэриттэн долгуйа үөрэбит, итэҕэстэрин, туруоруммут соруктарын сиппэтэх-хоппотох тугэннэрин иһиттэхпитинэ сонньуйабыт. Онон төһө даҕаны дьыалаттан тэйиччи олордорбут, билиҥҥи көлүөнэ салайааччылары кытары тэҥҥэ кэриэтэ олох уларыйыытын кыттааччыларын курдук сананабыт. Ис кыаҕыҥ төһө да мөлтөөтөр дойдубар, дьоммор тугунан эмит туһалаатарбын диэн санааҕа ыллараҕын. Урукку олох, үлэ тэрээһинин үтүө өрүттэриттэн, туораттан да көрөн, үлэ-хамнас тупсарыгар баар ис кыаҕы ыйан-кэрдэн сэмэйдик ыччат дьоҥҥо, салайааччыларга тириэрдэр баҕа санаа үөскээн кэлэр.
Дьэ, итиннэ сытар эбит уһуйааччы (наставник) наадата. Итинник уһуйааччы оруола көлүөнэлэр ситиһиилэрин хааччыйыа этэ. Эдэргиттэн үлэҕэ эрчилиннэххинэ, туох баар күүскүн быһаччы дьыаланы сайыннарыыга уурдаххына, кэлин сааһыран даҕаны баран олоҕу-дьаһаҕы билэриҥ, үлэни-хамнаһы анаарарыҥ кэҥиир эбит.
Мин 19 сааспыттан үлэбин саҕалаабытым. Онтон уһун кэмҥэ араас эппиэттээх үлэлэргэ буспутум-хаппытым. Дьэ, ол тухары, салайар үлэҕэ олус даҕаны дьоҕурдаах, үрдүк талааннаах, үтүө санаалаах дьону кытары үлэлээн ааспыт эбиппин. Мин кинилэр үлэлэрин холобуругар тылларын истэн, сүбэлэрин ылынан салайааччы быһыытынан атахпар турдаҕым, дьоҕурбун сайыннардаҕым! Эдэр сааспар миигин таба көрөн, олоҕум суолугар туруорбут уһуйааччыларбар А.И. Афанасьевка, Д.С. Шепелевка, үлэбэр холобур оностубут салайааччыларбар В.Г. Павловка, Н.В. Шадриновка, С.М. Журавлевка, о.д.а дириҥник махтана саныыбын, күндүтүк ахтабын.
Дьалхааннаах 90-с сылларга саҥа Саха сирин тутуутун иилээбит-саҕалаабыт, Саха норуотун чулуу уола М.Е. Николаев хамаандатын иһигэр үлэлээбит бэтэрээннэр өрөспүүбүлүкэ саҥа суолунан сайдыытыгар туох баар күүспүтүн биэрбиппит. Михаил Ефимович Николаев бэйэтин көмөлөһөөччүлэрин иннигэр туруорар “норуот кэскилин туһугар айымньылаахтык, бэйэни харыстаммакка үлэлиэххэ” – диэн ыйыытын толорорго бэриниилээхтик үлэлээбиппит диэн Михаил Ефимович сырдык кэриэһигэр сүгүрүйэн туран этэр кыахтаахпыт. Ол үтүө түмүгэ бүгүҥҥү олохпутуттан көстөр.
Саха сирин бүгүҥҥү ыччатын билиитэ-көрүүтэ киэҥ, үлэ бары көрүҥэр дьоҕурдаах. Онтон биһиги бэтэрээннэр аныгы эдэр көлүөнэ салайааччыларга эрэлбит улахан, өрөспүүбүлүкэбит инники кэскилигэр санаабыт бөҕөх.
Ону мин бу күннэргэ өрөспүүбүлүкэ тыатын хаһаайыстыбатын миниистирэ Артем Александрович Александров тус бэйэтин ыҥырыытынан үлэлиир кабинетыгар атах тэпсэн олорон истиҥник кэпсэтиибиттэн итэҕэйдим.
Миниистир дуоһунаһыгар киирэригэр Артем Александровичка өрөспүүбүлүкэ Ил Дархана А.С. Николаев тыа сирин сайдыытыгар аналлаах дьаһаллары санаппыт. Ордук “Тыа хаһаайыстыбатын стратегическай хайысхаларын сайыннарыы” туһунан 2018 сыл ахсынньы 11 күнүгэр тахсыбыт ыйаах туолуута эн үлэҥ сүрүн туһаайыыта буолуохтаах диэн сорук туруорбут. Саҥа миниистир ол дьаһаллары үчүгэйдик ырытан тыа сирин сайыннарыы сүрүн соруктарын быһаарыынан үлэтин сагҕалаабыт.
Бу сотору кэминэн олохтоох табаары уонна өҥөнү онорууну сайыннарыыга Ил Дархан ыйааҕа тахсара күүтүллэр. Ити эппит хайысхаларым тыа сирин олохтоохторун дохуоттара үрдээһинин, нэһилиэнньэ ортотугар дьадайыыны суох оҥорууну хааччыйыаҕа диэн кэпсэтиибитин салҕаата. Онтон Артем Александрович чопчу холобурдары аҕалла: тыа сирин улуустарыгар 350-тэн тахса тыһыынча киһи олороруттан 62 тыһыынча эрэ киһи тыа хаһаайыстыбатынан дьарыктанар эбит. Ити 62 тыһыынча киһиттэн табаарынай бородууксуйаны оҥоруунан 7 тыһыынча киһи эрэ үлэлиирин, онтон 3300 эрэ киһи фермердиирин, бааһынай хаһаайыстыбалааҕын холобурдаата. Ол эбэтэр, тыа сиригэр дьиҥнээх төрүт тыа хаһаайыстыбатынан дьарыктаныы туругун үчүгэй диир табыллыбат, мөлтөх диэххэ сөп.
Ол иһин сүөһүбүт ахсаана эбиллибэт, төптөрүтүн аҕыйыы турар. Холобура, ынах сүөһү ахсаана 2020 сыллаахха 180190 эбит буоллаҕына, 2022 сыл түмүгүнэн 170400 диэри түстэ. Ыанар ынах ахсаана 2020 сылга 72102 эбит буоллаҕына, ааспыт сылга 71627 буолла.
Ол түмүгэр нэһилэнньэни олохтоох тыа хаһаайыстыбатын бородууксуйатынан хааччыйыы улааппат, биир кэмҥэ турар. Өрөспүүбүлүкэ нэһилиэнньэтин этинэн 27%, үүтүнэн — 55%, сымыытынан — 65%, хортуосканан — 60%, оҕуруот аһынан 36% хааччыйан олоробут.
Туттарыллар үүт лиитэрэтин сыаната ынах сүөһү төбөтүгэр төлөбүр, биллэн турар, тыа дьонун сүөһү иитиитигэр тардыстыытын күүһүрдэр. Манна миэстэтиттэн киирэр араас этиилэри экэниэмикэ министиэристибэтин кытары ырытан үөрэтиэхпит. Итиннэ бүтэһиктээхтик быһаарыыны өрөспүүбүлүкэ үрдүкү салайар уорганнара ылаллар.
Нэһилиэнньэттэн киирэр уонна туруорсуллар этиилэри болҕомтоҕо ылан, аныгы олох ирдэбиллэригэр сөп түбэһиннэрэн сөптөөх хайысхалары тобулар сорук туруорунабыт. Көрдөрөр-иһитиннэрэр, сырдатар эйгэни кытта ыкса үлэлиир, үлэ дьонун, саҥа кирбиилэри бириэмэтигэр нэһилиэнньэҕэ сырдатар үлэни, салҕыы тупсаран кэҥэтэн биэрэр былаан баар. Тыа хаһаайыстыбатынан дьарыгырар тэрилтэлэргэ, бааһынай хаһаайыстыбаларга көмө бэрээдэгинэн, грант чэрчитинэн тиэрдиллэр үбү-харчыны, сөптөөх сыалга туһаныытын хонтуруолун күүһүрдүөхпүт. Тыа хаһаайыстыбатын үөрэҕин бүтэрбит эдэр исписэлиистэр төрөөбүт дойдуларыгар төннөн тиийэн, олохсуйан, тыа сирин олоҕун-дьаһаҕын салайсан, үлэлиир-хамсыыр усулуобуйаларын тэрийэр улахан баҕа баар. Бу уонна атын да үгүс кыһалҕалаах, тыа сирин кэлимсэ сайдыытын боппуруостарын, нэһилиэк уонна улуус аҕа баһылыктарын кытта ыкса үлэлээн эрэ ситиһэр кыахтаахпыт.
Дьэ, ити курдук, тыа сирин сайдыытын быһаарар сүрүн көрдөрүүлэри тупсарар сорук турарын туһунан үлэтин саҥардыы саҕалаабыт миниистир Артем Александров бэйэтин киэҥ былааныттан быһа тардан кэпсээтэ. Кини тыа сиригэр үөскээн, нэһилиэк, улуус баһылыгыттан тыа хаһаайыстыбатын миниистирин солбуйааччытыгар тиийэ үлэлээбит буолан, тыа сирин кыһалҕатын, сайыннарыы суолларын үчүгэйдик билэр эбит диэн түмүккэ кэллим.
Итинтэн сиэттэрэн, сүбэ курдук маннык этиилээхпин:
1. Саҥа үйэҕэ, үлэни-хамнаһы, олоҕу-дьаһаҕы саҥалыы тэринэргэ киирбиппит 30 сыл буолла эрээри, бас билии туһунан өйдөбүл, бас билиилэх буолууга дьулуһуу тыа сиригэр өссө даҕаны мөлтөх. Бас билэр сирдээх-уоттаах, сүөһүлээх-сылгылаах, табалаах, хотонноох, араас оҥорон таһаарыыны тэрийэргэ тутуулаах буоларга дьон дьулуһарыгар интэриэһи үөскэтэр наада. Тыа сиригэр ааксыйа, паай, облигация, дивидент өйдөбүлүн иҥэриэххэ, тэрийиэххэ наада. Ырыынак — ити өйдөбүллэрэ суох үөскээбэт. Мэлдьэх буолбатах, үгүс сирдэргэ хаһаайыннааһын формалара аатыгар эрэ баар түбэлтэтэ элбэх. Миэстэтигэр хаһаайынааһын араас формалара дьиҥ интэриэһин үөскэтэр курдук дьиҥнээхтик үлэлииллэрэ наада. Кооперация, СХПК, фирма хас биирдии чилиэннэригэр ааксыйа, ирээт баар буолуохтаах, киирэр барыстан дивидент үллэһилиэхтээх. Ол барыта мунньаҕынан, сөбүлэһиинэн быһаарыллыахтаах. Оччоҕуна эрэ кини бас билии хаһаайына буоларын өйдүөҕэ. Баайыгар, ирээтигэр докумуоннаах буолуохтаах. Онтун син биир харчы курдук харыстаан, элбэтэргэ кыһаллыахтаах. Ол буолар — аныгы үйэ тыатын сирин олохтооҕо диэн. Манна улуустар, нэһилиэктэр салалталара, экэнэмиистэр, улуус бэчээтэ кыһаллан анал өйдөтөр үлэни ыытыахтаахтар.
2. Билигин тыа сиригэр хаһаайыннааһын аныгы, бөдөҥ формаларын тэрийэргэ тоҕоостоох кэм кэллэ. Агрофирмалары, агрохлдиннары Россия киин эрэгийиэннэрин тэрийтэлээн, кыахтаах бырамыысыланнай тэрилтэлэри инвестор быһыытынан туһанар буоллулар. Холобура, биһиэхэ бөдөҥ сир баайын хостуур бырамыысыланнай тэрилтэлэр социальнай эппиэтинэстэрин олохтоох соконунан үрдэтэн, тыа сирин сайыннарыыга үбүнэн-харчынан (инвестиция) көмөлөһөллөрүн ситиһиэххэ.
Итинник дьаһаллар олоххо киирэллэрэ буоллар, тыа дьоно өйө-санаата (менталитета) уларыйыа, үлэлииргэ, тыа сиригэр олохсуйарга интэриэс үөскүө этэ.
3. Бас билии уонна сиргэ сыһыан министиэристибэтинэн тыа хаһаайыстыбатыгар туһаныллар сирдэргэ мониторинг (бэрэбиэркэлээһин) оҥорор кэм кэллэ. Дьон этэринэн, туһаныллыбакка сытар сир, сокуоннайа суох туһаныллар сир кээмэйэ элбээтэ. Онон сибээстээн, дьарыктаах буолар баҕалаах дьоҥҥо сир тиксибэт түбэлтэтэ тахса турар. Хас нэһилиэк аайы сир учуотун, хайдах туһанылларын анализтаан көрүөххэ. Сири – сүрүн баайбытын хайдах туһанарбытын чуолкайдык билиэххэ, сокуону тутуһуохха: сири атын сыалга туһанар эбэтэр 3 сыл туһаныллыбатах буоллаҕына, сир олохтоох салалтаҕа төннөрүллүөхтээх. Ол суотугар анал пуонда тэриллиэхтээх уонна үлэлииргэ, нэһилиэккэ олохсуйарга баҕалаах дьоҥҥо түнэтиллиэхтээх.
Тыа сирин сайыннарыы сүрүн боппуруоһунан, биллэн турар, үбүлээһин наада буолар. Ити өрдөөҕүттэн турар боппурос даҕаны баччааҥҥа диэри оннуттан сыҕарыйбат. Быйылгы үбүлээһин (2024 сылга) Ил Дархан А.С. Николаев этиитинэн 500 мөл. солк. эбиллибитин үрдүнэн 15.8 млрд солкуобай көрүлүннэ, ол эбэтэр өрөспүүбүлүкэ бүддьүөтүн уопсай ороскуотун 4,27 % эрэ.
Бэрэсидьиэн В.В. Путин интервьютуттан истэн, Аан дойду балаһыанньата сытыырхайбытынан уонна Арҕаа Европа дойдулара Арассыыйаны утары тииһигирбиттэринэн сибээстээн, дойду экэнэмиичэскэй сайдыытыгар уустугуруу тахсарын билэн олоробут. Онон чугастааҕы сылларга тыа хаһаайыстыбатын сайыннарыыга бүддьүөт ороскуотун эмискэ улаатыннарыы кыаллыбата буолуо. Ити уустук боппуруос норуот хаһаайыстыбатын салааларын үбүлээһин стратегическай былааннарын хаттаан көрүүнү, уларыйыыны ирдиир. Ол эрээри, нэһилиэньэ араас араҥатын тэҥҥэ сайыннарар туһуттан бүддьүөтү оҥоруу уонна тыырыы бэлиитикэтин сыыйа уларытыы, тыа сирин сайдыытын өрө тардар наада буолла. Оччоҕуна тыа сиригэр нэһилиэнньэ үлэлээх уонна дохуоттаах буолуута, тыа нэһилиэктэригэр олохсуйуута тупсуо этэ.
Хоту сытар территориялары үбүлээһиҥҥэ Сэбиэскэй сойуус саҕана улахан дотация көрүллэрэ. 1 солкуобай оҥоһуллубут бородууксуйаҕа 4,5 солк. өйөбүл ылар этибит. Тиэхиньикэни, оборудованиены, эбии аһылыгы Саха сиригэр аҕалыы босхо буолара. Оттон 2023 с. тыа сирин кэлимник сайыннарыы бырагырааматын Федеральнай бүддьүөттэн үбүлээһин кээмэйэ баара эрэ 657,5 мөл. солк. буолла.
РФ Арктикаҕа министиэристибэтэ туруорсан Бырабыыталыстыба хамыыһыйатын Москваттан тэриттэрэн, миэстэтигэр Саха сирин тыйыс усулуобуйата тыа сирин сайыннарыыга төһө эбии үп ирдэнэрин быһааттарыахха, онон федеральнай бүддьүөт тыа сирин кэлим бырагырааматын федеральнай бүддьүөттэн кэлэр өлүүтүн улаатыннарар наада буолла.
4. Арктиканы сайыннарыы кэлим бырагыраамата оҥоһулларынан сибээстээн, хоту улуустарга таба иитиитин салгыы сайыннарарга, түүлээҕи бултааһыҥҥа, кыылы иитэр пиэрмэлэри (хара саһыл, киис) тэрийиигэ, балыктааһыны күүскэ сайыннарыыга өрөспүүбүлүкэтээҕи бырагыраамалары оҥорон олоххо киллэриэххэ. Таба этин, балыгы, түүлээҕи миэстэтигэр астааһын-таҥастааһын, хамаҕатык атыыланар бородууксуйаны оҥорон таһаарар кыаллыан сөп. Итиннэ 1987 сыллаахха тэриллибит “Агрокомбинат “Север” үлэтин холобура көрдөрөрүнэн, билиҥҥи усулуобуйаҕа Арктикм зонатын улуустарын барытын хабан бөдөҥ агрохолдины тэрийэн үлэлэтэр ордук көдьүүстээх буолуо этэ.
Эдэрдэр билиилэрин, эрчимнэрин, кырдьаҕастар сүбэлэрин холбоотоххо тыа сирин сайдыытыгар биһиги Ил Дархаммыт А.С. Николаев “Саха сирэ – иннибит диэки!” – диэн ыҥырыыта өссө ситиһиилээхтик туолуоҕа.
Климент Иванов, СӨ бочуоттаах олохтооҕо.
Ахсынньы ый 15 күнэ 2023 сыл.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: