Эдьигээн Бэстээҕэр итиини биэриини чөлүгэр түһэрии саҕаланна

Share

Бүгүн сарсыарда, тохсунньу 1 күнүгэр, Эдьигээн улууһун Бэстээҕэр  хочуолунай умайыыта туохтан тахсыбыта быһаарыллар. 

Сөптөөх быһаарыыны ылынар инниттэн СӨ Бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлин 1-кы солбуйааччы Дмитрий Садовников кыттыылаах мунньах буолла.

«Социальнай эбийиэктэри уонна чааһынай дьиэлэри уотунан ититиигэ холбоотубут. Тустаах үлэнэн быһаччы дьарыктар ОДьКХ ГУП ити боппуруоһу ылыста. Кыһыҥҥы суол баар.  15 туоннаҕа диэри ыйааһыннаах таһаҕаһы тиэрдии көҥүллэнэр. Онон саахалы туоратыыга аналлаах оборудованиелар тиэрдиллэр кыахтаахтар», — диэн  Дмитрий Садовников иһитиннэрдэ. 

Бэстээххэ саҥа хочуолунай баар, 80 %  ситэриллэн турар. Онон кэлэр оттук сезонугар ол саҥа хочуолунай үлэлиэ.

«Биһиги Саҥа дьыллааҕы уһун сынньалаҥ кэнниттэн оскуола-саад үлэлиирин уонна бу күннэргэ олорор дьиэлэр сылааһынан хааччыллыахтаахтарын ситиһиэхтээхпит. Билиҥҥи турук уустук соҕус эрээри, барыта быһаарыллар кыахтаах», — диэн Дмитрий Дмитриевич быһаарда. Суһал ыстаап мунньаҕа бүгүн 14 ч буолар. 

What’s your Reaction?
+1
4
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
2

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Күн-дьыл туруга: тохсунньу 7 күнэ

Күн-дьыл туруга бу күннэргэ хайдаҕый? Дьокуускайдааҕы УГМС тугу иһитиннэрдэ? Өрөспүүбүлүкэ соҕуруу өттүгэр кыралаан хаардыыр, сорох…

23 минуты ago
  • Интэриэһинэй
  • Сонуннар

Түүл туһунан чахчылар

Түүл туһунан тугу билэбитий? Киһи түүлүн 90 бырыһыанын умнар уонна 10 бырыһыанын эрэ өйдөөн хаалар.…

14 часов ago
  • Сонуннар
  • Сүбэһит
  • Уопсастыба

СҮБЭҺИТ: Үлүйбэт туһугар…

Саха сиригэр тыйыс-тымныы кыһыммытыгар киһи организма араас охсуулары ылар. Ол иһигэр үлүйүү биир саамай сүрүн…

15 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Ороһуоспа түүнүгэр кэлэр сайыны билгэлииллэр

Өбүгэлэрбит былыр-былыргыттан күн-дьыл туругун уонна инникитин хайдах буолуохтааҕын айылҕа уларыйыытынан, кыыл-сүөл, көтөр-сүүрэр хамсаныытынан кэтээн көрөллөрө…

15 часов ago
  • Култуура
  • Сонуннар

Быйыл «Почему мамонты вымерли» саҥа киинэ киэҥ экрааҥҥа тахсыа

Быйыл Арассыыйа саамай уһук сиргэ - Хотугу байҕал пордугар биир  артыыстаах уонна бэлэмэ суох сценарийдаах…

15 часов ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Эдьигээннээҕи квартальнай хочуолунай биир хочуолун үлэлэттилэр

Эдьигээн сэлиэнньэтин 6 №-дээх хочуолунайын үлэҕэ киллэриитин тэрээһинэ түмүктэннэ, оттон 4 №-дээх хочуолунай салгыы оҥоһуллар.…

16 часов ago