Салгыы
Эдьигээн быйыл эргиэн-логистика кииннэниэ

Эдьигээн быйыл эргиэн-логистика кииннэниэ

Ааптар:
18.07.2023, 16:30
Хаартыскаҕа Андрей Сорокин түһэриитэ, СИА
Бөлөххө киир:

Эдьигээҥҥэ быйыл эргиэн-логистика киинин үлэҕэ киллэриэхтэрэ.

Хаартыскаҕа Андрей Сорокин түһэриитэ, СИА

Ил Дархан Айсен Николаев от ыйын 18 күнүгэр, Эдьигээҥҥэ тутуу хаамыытын билистэ. «Эбийиэги болдьоммут кэмигэр, сэтинньи бүтүүтүгэр, үлэҕэ киллэрэр наада», — диэн Ил Дархан сыал-сорук туруорда.

«Якутоптторг» АУо бэрэстэбиитэлэ иһитиннэрбитинэн, эргиэн-логистика киинин биир ыскылаата бэлэм, онно 165 туонна социальнай суолталаах ас-үөл баар. Ону таһынан, өссө атырдьах уонна балаҕан ыйдарыгар табаар кэлиэхтээх.

Бырайыак 141 мөл солк. Сакаасчыт «Якутоптторг» АУо тутууга бэйэ матырыйаалларын атыылаһан аҕалар. Сирин-уотун тупсаран оҥоруу уонна эбии эбийиэктэри киллэрии сүрүн киин кэнниттэн салҕаныахтаах. Тутуу уопсай иэнэ —  578,49 кв м. Манна атыы-тутуу саалата, оҕуруот аһын хаһаанар сир, аһы сойутар, тоҥорор камералар, сылаас, тымныы  ыскылааттар баар буолуохтаахтар. Билигин тымныы ыскылааты тутар-монтажтыыр үлэ бүтэн эрэр, киин муостатын бетоннууллар, ититии ситимин сыбааркалыыллар, о.д.а. үлэ тиһиктээхтик салҕанар.

Санатан эттэххэ, Арктика оройуоннарыгар эргиэн-логистика кииннэрэ  Ил Дархан «О Стратегии социально-экономического развития Арктической зоны Республики Саха (Якутия) на период до 2035 года» ыйааҕынан тэриллэллэр. Айсен Николаев сорудаҕынан, 2025 сылга диэри өрөспүүбүлүкэ 13 арктическай оройуона эргиэн-логистика кииннэниэхтээх. Билиҥҥитэ биэс киин: Абыйга Белай Гораҕа, Усуйаанаҕа Усть Куйгааҕа, Аллараа Халымаҕа Черскэйгэ, Үөһээ Халымаҕа Зырянкаҕа, Анаабырга Сааскылаахха үлэлииллэр. Маннык кииннэр туһалаахтара көһүннэ. Ол курдук, социальнай суолталаах табаарынан хааччыллаллар, оҕуруот аһын уонна аһы-үөлү уһуннук хаһаанар сирдээхтэр.

СӨ Ил Дархан уонна Бырбыыталыстыба пресс-сулууспата

Хаартыскаҕа Андрей Сорокин түһэриитэ, СИА

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
6 ноября
  • -29°C
  • Ощущается: -29°Влажность: 76% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: