Эдьигээн табаһыта өссө тугунан соһутар?

Share

Эдьигээн улууһуттан төрүттээх Раиса Ильинова соторутааҕыта «Үлэ  кыбартаала» креативнай кластер аһыллыытыгар  үгүс дьону соһуппута.

 Дойду миниистирин  кытта көрсүү

Бастаан бу тэрээһини сырдатар суруналыыстар соһуйбуппут. Иннибитигэр кэрэ бэйэлээх эдэр дьахтар таба иитиитин сайыннарар санаалааҕын, ол инниттэн бэйэтэ община тэрийбитин, үгүс бырайыагы былаанныырын кэпсээбититтэн. Бу эрдэттэн бэлэмнэнэн кэлэн, нойосуустаан этии буолбатах этэ.

Омос көрөөт, киһи маннык кэрэ, нарын бэйэлээх Кэрэ куо ханнык эрэ муода тыйаатырын салайааччыта буолуо дии саныыра чахчы. Ити курдук, сурунаалтан түспүт кэриэтэ Эдьигээнтэн төрүттээх табаһыт сиэнэ Раиса Ильинова Уһук Илин уонна Арктика сайдыытын миниистирэ Алексей Чекункову кытта “Үлэ кластерын” арыйыы көрсүһүүтүн  биир арыйыытынан буолбута. Миниистир аҕыйах ахсааннаах норуоттары билиһиннэрэр муннукка кэлэн, «Кындыкаан» диэн айымньы дьоруойун кытта билсиһиитин түгэнигэр биһиги хаһыаппыт бүгүҥҥү дьоруойа бу маннык соһуччу баар буола түспүтэ.

Утарыта санаалар

 Иккис соһуйуу – Раиса Ильинова биир дойдулаахтарыттан уонна саастаах дьонтон этэ. “Саха сирэ” саайтка тахсыбыт матырыйаалым тута икки утарыта ис хоһоонноох кэмэнтээрийинэн туола түспүтэ: бастакыта – сөҕүү, иккиһэ – ылыммат буолуу. “Хаарыан, кэрэчээн да бэйэлээх кыыс таба иитиитигэр ылсыбыт…”; “Тыый, күүстээх санаалаах, хорсун да кыыс эбит”; “Бу маннык аныгы көрүүлээх ыччаттар олохпутун уларытыахтара, сайыннарыахтара”; “Ити Аполлон Константинович Ильинов, тыа хаhаайыстыбатыгар 60 сыл ыстаастаах салайааччы, удьуор табаhыт сиэнэ Раиса Ильинова эбит дии. Аныгылыы өйдөөх-санаалаах, сайдыылаах көрүүлээх ыччаты ыччаты тыа хаhаайыстыбатыгар сыhыаран үлэлэтэн  таhаарар санаалаах тапталлаах Эдьигээммит олохтооҕор – ситиһиини!” диэн күүһүрдүү бэлиэлээх этиилэр үгүс этилэр.

Ол эрээри  иккис өрүтэ киһини хомотор тыллардааҕа: “Ити хантан кэлбит сымыйа табаһыты суруйдуҥ? Кыстатыамҥа итинник ааттаах табаһыт суох ээ”; “ону-маны “бырайыак” дии-дии, харчы эрэ сиэри гынар дьон элбээбит”; “сатаан харчы ылаллар, сатаа да саһыл саҕалан  диэн этии сөп да эбит”; “таба иитиитэ, харайыыта сүрдээх ыарахан, мээнэ киһи ылсыбат үлэтэ. Итинник нарын кыыс кыайыа дуо?”; “биирдэ түбэһэ көрөөт, олус да арбаабыккын, бастаан саҕалаатын, бэйэтин көрдөрдүн”; “Этэҥҥэ үс кыстыгы аастын, ол кэннэ түмүгэ биллиэҕэ”; “үлэлии илигиттэн — лайф, лайк…”. Дьэ, ити курдук этэ бастакы ылыныы.

Кэскиллээх толкуй

Барыта бэркэ саҕаламмыта – Раиса Ильинова үрдүк сололоох салайааччылар иннилэригэр туран, табаһыт идэтин үрдүк таһымҥа таһаарыан, ыстаадатыгар интэриниэт киллэрэн, табаһыттар билиилэрин-көрүүлэрин үрдэтиэн баҕарарын эппитэ. Салайааччылар таба иитэр соруктаах община эдэр салайааччытыгар баҕа санаатын толороругар туох кыалларынан өйүөх буолан эрэннэрбиттэрэ. Мин өссө тохтобул кэмигэр итэҕэйбэккэ,  Раиса Ильиноваҕа чугаһаан: «Эн, кырдьык, табаһыккын дуо?» — диэн ыйытааччы буолбутум.

Кэрэ куо нарыннык мичээрдээт, «кырдьык» диэн хардаран баран, аныгы үйэ киһитин буоларын быһыытынан, аан дойдуну кытта ситимнээн,  табаһыттарын үлэтин куйаар ситимигэр киллэрэн сайыннарар былааннааҕын кэпсээбитэ:

—  Ыстаадабар интэриниэт  киллэриэм. Ыччаттар араас көмө, өйөбүл баарын олох билбэттэр. «Мин табаһыппын!» диэн ыарахан идэнэн киэн туттууну саҕыам, туризмы сайыннарыам. Өссө биир баҕам – 13 арктическай улууһу ситимнээһин. Ол инниттэн бу улуустары барыларын кэрийиэм.

Раиса Ильинова бу кэскиллээх санаатын истэн баран, СӨ инновацияҕа миниистирэ Анатолий Семенов, ыстаадатыгар сайдыыны саҕыан баҕалаах община салайааччытыгар интэриниэт киллэрэрин өйүөх буолбута. Онон мин «Саха сирэ» хаһыакка Эдьигээн кэрэчээн табаһыта Раиса Ильинованы  ыалдьыттата ыҥырарга сананан, хайаан да олус кэрэхсэбиллээх кэпсэтии тахсарыгар эрэммитим. Онтон Чурапчыга командировкаҕа баран хаалан, бу кэпсэтиибит сыыйа тохтоон хаалбыта.

«Эҥэси Халан» – аҕа ууһун күүһэ

Аны, Эдьигээн табаһыта аны Сыыппара эйгэтин пуорума буолаары турдаҕына, РФ Сыыппара, сибээс уонна маассабай коммуникация салайааччыта Максут Шадаевы кытта көрсөн былааннарын билиһиннэрэр санаатын истибит буолан, көрсүһүү хайдах барбытын билиэх санаам үүйэ-хаайа туппута. Онон кэскиллээх толкуйдаах Раиса Ильиновалыын кэпсиитиибитин дьон санаатын холобурдааһынтан саҕалаабытым.

— Раиса, эн ити дьон утары санаатын туох дии саныыгын?

— Билэбин, миэхэ чугас дьонум итинник санаалары эмиэ тиэрдибиттэрэ. Ол эрээри, итинник саҥалар тахсалларын эрдэттэн билэр буолан, бэлэмнээх этим. Кылаабынайа, мин “Үлэҕэ килбиэнин иһин” III истиэпэннээх уордьан кавалера, СӨ тыатын хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ, өр сылларга таба ыстаадатыгар биригэдьиирдээбит эһээм Аполлон Ильинов дьыалатын салгыыр бигэ санаалаахпын. Быйыл сайын төрөөбүт дойдубар тиийэ сылдьан күөстэн хоторуллубут эти сиэхпин наһаа баҕарбытым. Арай дьонум эт кэнсиэрбэтин хостоон, сылыттан сиэн бардылар. Оо, онно соһуйбуппуон… Хомойон ах баран хаалбытым. Аны билигин бэйэм табалаах хоту дойду киһитэ эрээри, Анаабыртан таба этин атыылаһан сиибин. Дьэ, ол да иһин, хайаан да эһээм ыстаадатын сайыннарарга санаммытым. Биллэн турар, докумуону толорууттан саҕалаабытым. 2022 сыл балаҕан ыйын 30 күнүгэр Аполлон Константинович Ильинов аатынан аҕыйах ахсааннаах норуоттар көһө сылдьар эбэҥки ”Эҥэси Халан” (Сила рода) общинатын докумуонун силигин ситэрэн оҥорторбутум. Билигин бу тэрилтэ салайааччытын быһыытынан араас тэрээһин үлэтигэр сүүрэ-көтө сылдьабын. Эһэм ыстаадата эстэ быһыытыйан, таба ахсаанын элбэтэр соруктаахпын. Ол инниттэн 300 табаны хоту улуустартан сүүрдэн илдьиэхпит. Билиҥҥитэ улууһун чопчу быһаара иликпин, кэпсэтэ сылдьабыт. Онно бэйэм хайаан да сылдьыһыам.

Миниистир табата чииптэниэҕэ

— Аны РФ сыыппара, сибээс уонна маассабай коммуникация миниистирэ Максут Шадаевы кытта көрсүһүүгүн кэпсээ. Туох диэн буолла түмүгэ?

— Миниистири кытта бастаан “Цифровой алмаз” пуорумҥа, онтон IT-пааркаҕа көрсүбүппүт. Онно олохтоохтук кэпсэппиппит. Ылсыбыт үлэбин, кэккэ бырайыакпын, былааммын истэн баран, олус сэргээбитэ уонна “сурукта суруйаарыҥ” диэн өйүөх буолбута. Максут Шадаевка таба сэртипикээтин бэлэхтээбитим. Ол табата общинабар сылдьыаҕа. Билигин саайт оҥоро сылдьабын, ыстаадам олоҕун барытын кэпсии-сырдата олороору. Сэртипикээт анал штрих-кодтаах, ол онон саайтка киирэн миниистир бэйэтин табатын, община олоҕун көрө-истэ сылдьыаҕа.

— Ол кини табата буоларын миниистир хайдах билиэй?

— Чиибинэн уонна пааспарынан. Билигин сайдыылаах дойдуларга табаларын чииптииллэр, пааспардыыллар. Ол оннук көрүҥү Арассыыйаҕа Ямалга киллэрбиттэрэ. Ол уопуту билсэ эһиил бу уокурукка анаан бара сылдьыаҕым уонна бу үлэ көрүҥүн бэйэм общинабар олоххо киллэриэм.

… Дьэ ити курдук, кэскиллээх толкуйдаах община салайааччытын туһунан тэлэбиисэринэн, социальнай ситимнэринэн көрөн баран, Раиса Ильиноваҕа Өлөөн, Анаабыр ыччаттара сибээскэ тахсыбыттар уонна “эйиэхэ үлэлиэ этибит” диэбиттэр. “Биир иитээччи идэлээх, ыстаадаҕа үөскээбит кыыс “бу мин идэм буолбатах эбит, санаам – тыабар, табаларбар” диэбитин истээт, ол кыыһы бэтэринээр үөрэҕэр үөрэттэрэн баран, общинабар ылаары сылдьабын. Ити курдук, ыччаттарга үлэлиир усулуобуйаларын тэрийэн иһиэм. Ахсынньы 20 күнүгэр Тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтэ аҕа уустар общиналарын салайааччыларын кытта көрсүһүү тэрийиэхтээх. Ол онно миигин билиһиннэриэх, санаабын истиэх буолбуттара. Билигин үлэбин кэтээн көрөр инниттэн саҕалааһыммын барытын түмэн, документальнай киинэ оҥорон эрэбин. Ити курдук, үлэм хаамыытын барытын докумуоҥҥа, киинэҕэ тиһэн, үйэтитэр былааннаахпын. Ол миигин саҥаттан саҥа саҕахха, сайдыыга сирдиэҕэ уонна көҕүлүөҕэ” диэн кэпсэтиибитин түмүктээтэ эбэҥки аҕа уустарын ”Эҥэси Халан” (Сила рода) общинатын салайааччыта Раиса Ильинова.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Култуура
  • Сонуннар

Көрөөччү санаата: «Кэрэҕэ тигистибит»

Кылаан Кындыл алгыһынан, тойугунан арыйда. ''Сэргэлээх уоттара'' култуура киинигэр эдэр ырыаһыт Иоганн Матвеев бастакы айар…

10 часов ago
  • Култуура
  • Куонкурус
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Тылгынылар Иоганн Матвеевка 100 тыһыынча солкуобайы бэлэх ууннулар

Бүгүн саха эстрадатын чаҕылхай сулуһа Иоганн Матвеев бастакы кэнсиэрэ буолла. Талааннаах уолларын биир дойдулаахтара, Бүлүү…

10 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Атамайга уһуйаан үбүлүөйүн үөрүүлээх тэрээһинэ

Горнай улууһугар Атамайга "Радуга" уһуйаан тэриллибитэ 65 сылын бэлиэтиир тэрээһин өрө көтөҕүллүүлээхтик буолла. Бу күн…

12 часов ago
  • Сонуннар
  • Сүбэһит
  • Уопсастыба

Кырачаан ханнык өҥү ордороруй?

Оҕо уруһуйугар болҕомтоҕутун ууруҥ диэн психологтар сүбэлииллэр.  Баһыйар өҥүнэн оҕо уйулҕатын туругун быһаарыахха сөп диэн…

12 часов ago
  • Интэриэһинэй
  • Итэҕэл
  • Сонуннар

Харчыга сыһыаннаах бит-билгэ

Былыр-былыргыттан дьон харчыга сыһыаннаах бити-билгэни итэҕэйэр, туһанар. Ол ханныктарый? Остуолга кураанах иһиттэр, вазалар, бытыылкалар туруо…

13 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

«Саюри» сайдар, кэҥиир

Дьокуускайга сылы эргиччи оҕуруот аһын, күөх үүнээйини үүннэриинэн дьарыктанар "Саюри" тэпилииссэ комплексыгар газовай электрстанция (ГПУ)…

13 часов ago