Эдьигээн улууһугар саҥа успуорт комплекса аһылынна

Share

Эдьигээн улууһугар  алтынньы 14 күнүгэр саҥа элбэх хайысхалаах успуорт комплекса аһылынна.

Эбийиэк «Российскай Федерация Арктическай зонатын социальнай-экэнэмиичэскэй сайыннарыыта» биир кэлим  судаарыстыбаннай бырагырааматын чэрчитинэн тутулунна.

Хаартыска: Андрей Сорокин, СИА

«Саҥа эбийиэк улуу спортсмен, Саха сирин бастакы Олимпийскай чөмпүөйүнэ Роман Михайлович Дмитриев аатын сүгэр. Кини 75 сылын көрсө успуорт эбийиэгэ аһыллыыта — бу саха норуотун чулуу уолугар сүгүрүйүү бэлиэтэ. Манна оҕолор уонна улахан дьон успуордунан дьарыктаныан баҕалаах элбэҕиттэн олус үөрэбин. Ол эрээри, биллэн турар, ордук күүскэ биһиги оҕолорбут үөрэллэр», — диэн Ил Дархан Айсен Николаев ТГ-ханаадыгар суруйда. Икки этээстээх дьиэҕэ успуорт бары  көрүҥнэринэн дьарыктанар кыах баар буолла, ону тэҥэ тренажернай уонна тустуу саалалара тэрилиннэ.

Санатан эттэххэ, 2024 сыл Эдьигээн улууһугар Роман Дмитриев сылынан биллэриллибитэ. Кини үбүлүөйүгэр анаан төрөөбүт улууһугар эмиэ саҥа этнокултуурунай киин аһыллыаҕа.

What’s your Reaction?
+1
2
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Култуура
  • Сонуннар

Тылгынылар Иоганн Матвеевка 100 тыһыынча солкуобайы бэлэх ууннулар

Тылгынылар уолларыгар 100 тыһыынча солкуобайы бэлэх ууннулар. Бүгүн саха эстрадатын чаҕылхай сулуһа Иоганн Матвеев бастакы…

31 минута ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Атамайга уһуйаан үбүлүөйүн үөрүүлээх тэрээһинэ

Горнай улууһугар Атамайга "Радуга" уһуйаан тэриллибитэ 65 сылын бэлиэтиир тэрээһин өрө көтөҕүллүүлээхтик буолла. Бу күн…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Сүбэһит
  • Уопсастыба

Кырачаан ханнык өҥү ордороруй?

Оҕо уруһуйугар болҕомтоҕутун ууруҥ диэн психологтар сүбэлииллэр.  Баһыйар өҥүнэн оҕо уйулҕатын туругун быһаарыахха сөп диэн…

2 часа ago
  • Интэриэһинэй
  • Итэҕэл
  • Сонуннар

Харчыга сыһыаннаах бит-билгэ

Былыр-былыргыттан дьон харчыга сыһыаннаах бити-билгэни итэҕэйэр, туһанар. Ол ханныктарый? Остуолга кураанах иһиттэр, вазалар, бытыылкалар туруо…

3 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

«Саюри» сайдар, кэҥиир

Дьокуускайга сылы эргиччи оҕуруот аһын, күөх үүнээйини үүннэриинэн дьарыктанар "Саюри" тэпилииссэ комплексыгар газовай электрстанция (ГПУ)…

3 часа ago
  • Сонуннар
  • Сүбэһит

СҮБЭҺИТ: Сылгы эмиһин хайдах быһаарабытый?

Сахаҕа сылгы сүдү суолталаах, ону кытта сылгы идэһэ биир мааны аһылыгынан биллэр. 1980–1990‑с сылларга тэҥнээтэххэ,…

4 часа ago