Эдьигээн улууһун Бэстээҕэр эдэр исписэлиистэргэ дьиэ тутуохтара

Эдьигээн улууһун Бэстээх сэлиэнньэтигэр «Мин Сахам сирэ XXI үйэҕэ» хамсааһын чэрчитинэн эдэр исписэлиистэргэ олорор дьиэ тутуллара былааннанар.
Билигин сэлиэнньэҕэ учууталларга бакаансыйалар бааллар, ол гынан баран, тупсаҕай оҥоһуулаах олорор дьиэ-уот суоҕа каадырдары аҕалыыны уустугурдар. Саха сирин бастакы вице-премьерэ Дмитрий Садовников Бэстээх сэлиэнньэтигэр Бырабыыталыстыба отчуотун кэмигэр 4 кыбартыыралаах дьиэ бырайыага олоххо киллэриллэрин туһунан эттэ.
Кини: «Исписэлиистэргэ олорор дьиэ хайаан да тутуллуоҕа. Дьаһалта эрдэттэн сир учаастагын биэриэхтээх уонна кииннэммит сылытыы боппуруоһун быһаарыахтаах», -– диэн эттэ.
Санатан эттэххэ, «Мин Сахам сирэ XXI үйэҕэ» хамсааһын 1999 сылтан Мэҥэ Хаҥалас улууһугар олохтоохтор көҕүлээһиннэринэн уонна СӨ бастакы бэрэсидьиэнэ Михаил Николаев өйөбүлүнэн саҕаламмыта.
Хамсааһын соругунан норуот көҕүлээһинигэр олоҕуран, социальнай суолталаах эбийиэктэри тутуу уонна өрөмүөннээһин буолар. 2020 сылтан хамсааһын «Тыа сирин сирин-уотун биир кэлим сайыннарыы» судаарыстыбаннай бырагыраамаҕа киллэриллибитэ. 2000-2024 сылларга хамсааһын чэрчитинэн, 1200-тэн тахса эбийиэк тутулунна. 2025 сылга «Мин Сахам сирэ XXI үйэҕэ» үтүө дьыала хамсааһын бырайыактарын олоххо киллэрэргэ өрөспүүбүлүкэ бүддьүөтүгэр 300-чэ кэриҥэ мөлүйүөн солкуобай көрүлүннэ.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: