Эдьигээҥҥэ Бэстээх сэлиэнньэтигэр уотунан ититиини холбуохтара

Share

Эдьигээн улууһугар Бэстээх сэлиэнньэтигэр хочуолунай умайбыта. Билигин онно уотунан ититиини холбууллар.

Бу туһунан СӨ Бырабыыталыстыбатын Бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччы Дмитрий Садовниковка буолбут уочараттаах мунньахха иһитиннэрдилэр.

Оскуола-уһуйааҥҥа уонна дьиэлэргэ сылааһы биэрэр тэриллэр уонна уотунан ититэр конвектордар холбоммуттар. Суукка устатыгар сэлиэнньэҕэ барытыгар уотунан ититии бэриллиэ диэн иһитиннэрэллэр.

Билигин миэстэтигэр СӨ ОДьКХ уонна энергетикатын миниистирэ Вячеслав Емельянов салалтатынан бырабыыталыстыба бөлөҕө үлэлиир. Саахал тахсыбытын туоратар, чөлүгэр түһэрэр үлэҕэ 25 исписэлиис тиийбит. Наадалаах матырыйааллар, тэриллэр, ол иһигэр 95 уотунан ититэр конвектор тиэрдиллибит.

—Атыылаһыллыбыт бары тэриллэр бүгүн түүннэри тиэрдилиннилэр. Билигин оскуола-уһуйааҥҥа, элбэх кыбартыыралаах дьиэлэргэ, дьон олорор дьиэтигэр монтажтыыр үлэлэр ыытыллаллар.  ОДьКХ уонна энергитикатын миниистирэ иһитиннэрбитинэн, бүгүн суукка устата үлэлээннэр сэлиэнньэни уотунан ититэр тэрилгэ холбуохтара. Салгыы эбийиэктэргэ уонна дьиэлэргэ температураны нуормаҕа киллэриэхтэрэ. Кэмигэр барыта оҥоһулуннаҕына, үлэ сарсыҥҥынан түмүктэниэ. Уотунан сылытыыга былааннамматах ороскуоттар баар буолалларынан, олохтоохтор уонна оскуола-уһуйаан салалтата энергетиктары кытары дуогабар түһэрсиэхтэрэ, — диэн иһитиннэрэр Дмитрий Садовников.

Бырабыыталыстыба Бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччы бэлиэтииринэн, улуус чахчытынан, нэһилиэнньэттэн үҥсүү суох. Дьону-сэргэни быстах түһэрэргэ бэлэмнээбит сирдэригэр, биэлсэр-акушер пуунугар, ким да наадыйарын биллэрбэтэх. Бары суһал сулууспалар үлэлии олороллор.

Санатан эттэххэ, Эдьигээҥҥэ Бэстээх сэлиэнньэтигэр 2025 сыл тохсунньу 1 күнүгэр сарсыарда эрдэ хочуолунай умайбыта. Оскуола-уһуйааны, биэс олорор дьиэни уонна гарааһы ититиинэн хааччыйан олорбут хочуолунай барыта умайан, чөлүгэр түһэрии хайдах да ыытыллар кыаҕа суох. Баһаар биричиинэтэ быһаарыллар.

СӨ Ил Дарханын уонна Бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Санаторийга барарга чэпчэтиилээх путевканы хайдах ылыахха сөбүй?

Санаторийга сынньана ОМС полиһынан босхо барыахха сөп. Ол туһуттан терапевтан направление ылар наада диэн объясняем.рф…

2 минуты ago
  • Сонуннар

СҮБЭҺИТ: Баҕа санаа хаартата

Билиҥҥи кэмҥэ үгүс дьон Баҕа санаа ­хаартатын оҥорорунан үлүһүйдэ. Баҕа са­нааҕын барытын толорор үһү диэн…

1 час ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

«Саханефтегазсбыт» бүгүҥҥүттэн бэнсиин сыанатын ыаратта

Бүгүҥҥүттэн, тохсунньу 5 күнүттэн, "Саханефтегазсбыт" хампаанньа бэнсиинин сыанатын үрдэттэ. Ортотунан сыаналар 4-6,5 солкуобайынан үрдээтилэр. Тэрилтэҕэ…

2 часа ago
  • Сонуннар

Орто Халымаҕа сүппүт ыал этэҥҥэ дьиэтин булла

Бүгүн, тохсунньу 5 күнүгэр, СӨ Быыһыыр сулууспата Орто Халымаҕа массыынанан айаннаан иһэр оҕолоох дьон сүппүттэрин…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Эдьигээҥҥэ Дьокуускайтан хочуолунай саппаас чаастарын илдьэ сөмөлүөт көтүөҕэ

Дьокуускайтан Эдьигээҥҥэ АН-26 сөмөлүөт хочуолунай үлэтин сөргүтэргэ саппаас чаастары илдьэ көтүөҕэ. Бу туһунан СӨ бырабыыталыстыбатын…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

ОЛОХ ОЧУРДАРА: Саҥа дьыл түүн

Саҥа дьыл тыына салгынныын ураты. Дьон үксэ туох эрэ үчүгэйи күүтэр. Арай түөрт уон сааһын…

3 часа ago