Эдьигээҥҥэ хочуолунайы бүгүн үлэҕэ киллэрэр былааннаахтар
Эдьигээҥҥэ «Кыайыы 65 сыла» хочуолунайга үлэ салҕанар.
«СӨ ОДьКХ» ГУП Ньурбатааҕы уонна Эдьигээннээҕи филиалларын икки биригээдэтэ төрдүс хочуолунайы оҥорон, бүгүн үлэҕэ киллэрэр соруктаахтар.
«Билиҥҥи туругунан алта хочуол үлэлии турар. Бүгүн, тохсунньу 7 күнүгэр, сарсыарда 09:30 ч. туругунан, «Кыайыы 65 сыла» хочуолунайга температурата 65 кыраадыһы көрдөрөр, «обраткатыгар» — 41 кыраадыс. Төрдүс хочуолунайы өрөмүөннээһин салҕанар. Бу хочуолунайга холбоммут эбийиэктэргэ кыраадыс оннун-сүнньүн булар, бигэтийэр«, — диэн иһитиннэрэр СӨ ОДьКХ уонна энергетикатын миниистирэ Вячеслав Емельянов.
Эдьигээн улууһун дьаһалтатын, Эдьигээн сэлиэнньэтин, ГПМ, МЧС, «Сахаэнерго» уонна «СӨ ОДьКХ» ГУП бэрэстэбиитэллэрэ күннэри-түүннэри дьуһуурустубалыыллар.
СӨ Ил Дарханын уонна Бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: