Эдьигээҥҥэ олимпийскай чөмпүйүөн Роман Дмитриев туһунан киинэни устан саҕалаатылар

Share

Эдьигээн улууһун Бэстээх сэлиэнньэтигэр олимпийскай чөмпүйүөн Роман Дмитриев туһунан уус-уран киинэни устан саҕалаатылар диэн мойбизнес14.рф саайт иһитиннэрэр. Бырайыагы режиссер Никита Аржаков салайар.

Киинэни устуу сүрүн үлэлэрэ бу сыл бэс ыйыгар ыытыллыбыттар. «Сарыал» култуура дьиэтин үлэһиттэриттэн хамаанда хомуллубут. Режиссер Никита Аржаков хамаандатыгар биэс киһи киирбит.

Хаартыска: мойбизнес14.рф
Хаартыска: мойбизнес14.рф
Хаартыска: мойбизнес14.рф

Эдэр артыыстар интэриэстээхтик уонна көхтөөхтүк киинэҕэ уһуллубуттар. Кырачаан Романы Альберт Анисимов, кини инитин Гаврил Дмитриевы Витя Гаврильев оонньууллар.

Саҥа киинэҕэ киинэни оҥорон таһаарыыга урбаанньыт, Эдьигээнтэн сылдьар Владимир Иванов кытынна. Кини устуу кэмигэр тэрийээччи быһыытынан сырытта уонна Роман Дмитриев аҕатын оонньоото.

Киинэ прокакка 2025 сылга тахсара былааннанар.

What’s your Reaction?
+1
3
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
1

Recent Posts

  • Быһылаан

Түөрт киһи тыыныгар турбут 60 саастаах киһи сууттанна

Мииринэй куорат 60 саастаах олохтооҕо түөрт киһини өлөрөн сууттанна. Бу туһунан СӨ Борокуратуурата иһитиннэрэр. 2023…

9 часов ago
  • Сонуннар

Ньидьили нэһилиэгэр “Эн, комсомол, мин дьолум” тэрээһин көхтөөхтүк ыытылынна

Хомсомуол үгүс көлүөнэ ыччакка эдэр саастарын аргыһа буолан, сыллар аастахтарын аайы күндүтүйэн иһэр өйдөбүл.  …

10 часов ago
  • Уопсастыба
  • Ыйыт - хоруйдуубут

ЫЙЫТ-ХОРУЙДУУБУТ: Төлүүллэр дуо?

— Оҕом Казахстаҥҥа төлөбүрдээх үөрэххэ киирбитэ. Онно нолуок вычетын хайдах төннөрүөххэ сөбүй? Төрөппүт ыйытыытыгар Арассыыйа ФНС…

11 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Тыл чөлүн тутааччы – сахалыы саҥабыт

Сэтинньи 6 күнүгэр үлэ бэтэрээнэ, СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ, Тыл билимин хандьыдаата, Арассыыйа Бэдэрээссийэтин Билимин…

12 часов ago
  • Сонуннар
  • Үөрэх

“Этнография улахан дьыктааныгар” ыҥыраллар

Норуоттар сомоҕолоһууларын күнүн көрсө, сэтинньи 2 күнүгэр “Арассыыйа – мин устуоруйам” түмэлгэ “Этнография улахан дьыктааныгар”…

12 часов ago
  • Сонуннар
  • Тыа хаһаайыстыбата

“Тарат” кэпэрэтиип тиҥэһэлэри атыыласта

Быйылгы кыстыкка Мэҥэ Хаҥалас улууһун “Тарат” кэпэрэтиибэ 64 тиҥэһэни атын хаһаайыстыбалартан атыыласта. Ол курдук, Бүлүүттэн…

12 часов ago