Эдьигээннээҕи квартальнай хочуолунай биир хочуолун үлэлэттилэр

Share

Эдьигээн сэлиэнньэтин 6 №-дээх хочуолунайын үлэҕэ киллэриитин тэрээһинэ түмүктэннэ, оттон 4 №-дээх хочуолунай салгыы оҥоһуллар.

Бу туһунан СӨ Ил Дарханын уонна Бырабыыталыстыбатын пресс- сулууспата иһитиннэрэр. «Тэхиниичэскэй уустуктартан биир хочуолунай былааннаммытыттан хойут үлэҕэ киирдэ. Бу кэннэ  балаһыанньа балачча тупсуохтаах, олорор дьиэлэринэн салгын температурата сыыйа үрдүөхтээх. Иккис хочуолунай үлэҕэ киириитэ эмиэ тэхиниичэскэй уустуктартан аныгыс сууккаҕа диэри көһөрүлүннэ. Бу болдьох кэмигэр биригээдэ үлэтин түмүктээн, хочуолунай үлэҕэ киириэҕэ диэн эрэнэбит», — диэн кэпсээтэ бастакы вице-премьер Дмитрий Садовников. Өрөмүөҥҥэ наадалаах матырыйаал барыта баар, миэстэтигэр  ОДьКХ уонна энергетика миниистирэ Вячеслав Емельянов салайааччылаах бырабыыталыстыба уонна аварийнай бөлөхтөр салгыы үлэлииллэр.

Бу иннинэ Дьокуускайтан уонна Ньурбаттан Эдьигээҥҥэ матырыйааллар, саппаас чаастара тиэрдиллибиттэрэ.

Санатан эттэххэ, Эдьигээҥҥэ киин хочуолунай умайан үлэтин тохтоппута. Онон сибээстээн Ил Дархан Айсен Николаев сэтинньи 5 күнүгэр аварийнай-чөлүгэр түһэрэр үлэлэргэ кэккэ соруктары туруорбута.

What’s your Reaction?
+1
3
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Эдьигээҥҥэ өссө биир хочуолунай үлэлээтэ

Эдьигээҥҥэ "Кыайыы 65 сыла" хочуолунайга 4 №-дээх хочуол үлэҕэ киирдэ. Билиҥҥи туругунан онно 7 хочуол…

9 часов ago
  • Култуура
  • Сонуннар
  • Хаартыска/Видео

«Умсулҕаннар» быыстапкаларыттан (ВИДЕО)

Уус Алдан улууһугар "Умсулҕан" кэллиэксийэньиэрдэр түмсүүлэрэ тэриллибитэ 30 сыл буолла. [gallery ids="180048,180049,180047"]   Түмсүүнү оҕо…

11 часов ago
  • Итэҕэл
  • Сонуннар

Сүллүүкүттэр хаһан тахсалларый? Ойбонтон хаһан уу ылабытый?

Тохсунньу Таҥха ыйынан биллэр. Сыл ахсын сүллүүкүттэр хаһан тахсар этилэрий, ойбонтон хаһан уу ылар этибитий…

11 часов ago
  • Сонуннар
  • Спорт

Бээдилэр ох саанан ытыыга күрэхтэстилэр

Түгэнигэр сөп түбэһиннэрэн ахтан аастахха, былыр өбүгэлэрбит тутта сылдьыбыт малларын уонна үгэстэрин сөргүтүү үгэскэ кубулуйда.…

12 часов ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Сонуннар

Өспөхтөр 187 хаххалыыр сиэккэни оҥордулар

Уус Алдан улууһун Өспөх нэһилиэгин олохтоохторо,"Доброволецтар" волонтердар хамсааһыннарын (сал. Светлана Архипченко, Дьокуускай к.) филиала, байыастарга…

13 часов ago
  • Итэҕэл
  • Сонуннар

Тохсунньу билгэлэрэ

Саха сиригэр будулҕан туманнаах тоһуттар тымныылар үгэннээн турар кэмнэрэ. Бырааһынньыктар түмүктэнэн, тулалыыр айылҕабытын кэтээн, тохсунньу…

13 часов ago