Салгыы
Эдьиий Дора: «Саха омук тыыннаах хаалар туһугар наар үчүгэйи, сырдыгы тутуһуохтаах»

Эдьиий Дора: «Саха омук тыыннаах хаалар туһугар наар үчүгэйи, сырдыгы тутуһуохтаах»

01.01.2023, 14:00
Бөлөххө киир:

Хас сыл аайы киһи барыта, улаханныын-кыралыын Саҥа дьылтан туох эрэ дьиктини, кэрэни күүтэр. Саҥа үүнэр сыл түүнүгэр, Саҥа дьыл алыптаах түүнүгэр киһи аймах саамай кистэлэҥ баҕа санаатын этэр, үчүгэйгэ, үтүөҕэ эрэнэр. Бары даҕаны бу күүтүүлээх, долгутуулаах кэлэр сыл хайаан да ааһан эрэр сыллааҕар ордук буолуо, кыһарыйыы, хомолто, аймалҕан кэннибитигэр хаалыаҕа диэн эрэнэр. Оттон бу кэлэр 2023 сыл тугу түстүүрүй, биһиги тугу кэтэһэбитий? Ол туһунан астрология, чараас эйгэ дьоно туох дииллэрий?

Эдьиий Дора, норуот эмчитэ:

– Бастатан туран, мин эһиэхэ до­­руобуйаны баҕарабын. Уһун тыыннаах, дьоллоох-соргулаах олоҕу. Бу турар-олорор сиргититтэн үс миэтэрэлээх радиустаах эргимтэҕэ наар үчүгэй биттээх буоларгытыгар баҕарабын, хас биирдии киһи. Биһиги бу саха омук сирбитигэр-уоппутугар тэһийэн олорорбутунан сибээстээн, дьиҥ бу күнтэн ыла сахалыы бэйэ бодотун тардынан, хас биирдии киһи олоххо сыаллаахтык-былаан­наахтык кырдьыы бэрээдэгэр киирэригэр сүбэ­лиибин. Дьиҥнээх олох, киһи киһиэ­хэ наада буолара дьэ кэллэ. Биһиги олорон хаалбыт эбиппит. Хас биирдии киһи бу күнтэн ыла уларыйан, дьүһүн кубулу­йуҥ диэбэппин, киһи быһыытынан улары­йаргытын этэбин. Олоҕу таптыахха, бэ­­йэни харыстаныахха наада. Биһиги харыстанньаҥ, эйэлээх, сомоҕолоһуулаах буолуохтаахпыт. Олох соҕотохсуйумаҥ, санааҕытын уларытаҥҥыт, төрөөбүт дойдугут диэки хайыһыҥ.

Хас биирдии киһи дьиэлээх-уоттаах, иитиллибит, төрөөбүт түөлбэлээх. Биһиги айылҕа оҕолоробут, онон тутахсыйымаҥ, кэхтимэҥ, мин соҕотохпун, тугум да суох диэн тылы отой туттумаҥ. Саамай бы­­йаҥнаах, байылыат олохтоох биһиги, манна уутуйан олорор саха омук, буолабыт. Хаһан даҕаны бэйэҕитин сэнэнимэҥ, куһаҕаннык саҥарсымаҥ, кыыһырсымаҥ, мөҕүттүмэҥ. Мөҕүттэр, кыыһырсар, сирэр-талар кэм буолбатах билигин – саҥа, бэйэҕэ бүгэр кэм. Биһиги быыһык кэмҥэ олоробут. Билигин биһиги наһаа да киэҥ сири баһылаан олорор эбиппит. Оҕолоргутун, ыччаттаргытын сахалыы иитиэххитин наада. Икки өрүттээх олох илэ-бодо тиийэн кэлбит эбит. Куттанарбыт, салларбыт, дьиксинэрбит да наһаа элбэх эбит, олоххо бэлэммит суох. Онон бу күнтэн ыла туохтан да куттаныа суохтаахпыт.

Аҕыйах сылынан алларанан да, үөһэнэн да элбэх омук кэлиэ. Аттыгар сүүс даҕаны омук кус-хаас тойугун туойан ааһар да кэмигэр куттаммытын, дьиксиммитин да биллэриэ суохтаах. Эр киһини эр киһи курдук, аҕаны аҕа курдук көрүөхтээхпит. Эр киһи дьахтары таптыахтаах, харыстыах­таах, хата бу мин биир бэйэм эйигин ылан биэс-алта буоллум диэн махтаныахтаах. Эр киһи наһаа кэбирэх, ону өйдөөх дьахтар сахалыы салайыахтаах. Онтон дьахтар аһа-үөлэ куруук бэлэм, таҥаһа-саба ыраас, дьиҥ сахалыы уопсайдыҥы дьаһаллаах, көрүүлээх буолуохтаах. Бу күнтэн ыла саха дьоно ыһыытаһан-хаһыытаһан, охсуһан-­этиһэн бүтүөххэйиҥ. Дьиэ олоҕо дьахтартан улахан тутулуктаах, онон бэйэ-бэйэҕитин харыстааҥ, таптааҥ, эйэлээх буолуҥ.

Саха омук тыыннаах хаалар туһугар наар үчүгэйи, сырдыгы тутуһуохтаах. Күн аайы саҥалыы дьаһанан олоруохтаахпыт. Биһиги, сахалар, элгээнтэн, олохтон тэйдибит. Биһиги уот иччитигэр, Байанай иччитигэр сүгүрүйэбит. Уот, байанай, эбэ, уу, суол, сир баайын, дьиэ иччилэрэ бааллар, ол курдук барыта баар, бу биһиги сиэрбит-туоммут. Биһиги ытык кэрэ сиргэ олоробут, онон от-мас лабаатын аннынан сэрэнэн кэпсэтэн ааһыахтаахпыт. Онон бары хомуллан, түмүллэн олоруоххайыҥ, өйбүт-санаабыт бигэ буоллун!

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
17 сентября
  • -2°C
  • Ощущается: -5°Влажность: 86% Скорость ветра: 2 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: