Хас сыл аайы киһи барыта, улаханныын-кыралыын Саҥа дьылтан туох эрэ дьиктини, кэрэни күүтэр. Саҥа үүнэр сыл түүнүгэр, Саҥа дьыл алыптаах түүнүгэр киһи аймах саамай кистэлэҥ баҕа санаатын этэр, үчүгэйгэ, үтүөҕэ эрэнэр. Бары даҕаны бу күүтүүлээх, долгутуулаах кэлэр сыл хайаан да ааһан эрэр сыллааҕар ордук буолуо, кыһарыйыы, хомолто, аймалҕан кэннибитигэр хаалыаҕа диэн эрэнэр. Оттон бу кэлэр 2023 сыл тугу түстүүрүй, биһиги тугу кэтэһэбитий? Ол туһунан астрология, чараас эйгэ дьоно туох дииллэрий?
Эдьиий Дора, норуот эмчитэ:
– Бастатан туран, мин эһиэхэ доруобуйаны баҕарабын. Уһун тыыннаах, дьоллоох-соргулаах олоҕу. Бу турар-олорор сиргититтэн үс миэтэрэлээх радиустаах эргимтэҕэ наар үчүгэй биттээх буоларгытыгар баҕарабын, хас биирдии киһи. Биһиги бу саха омук сирбитигэр-уоппутугар тэһийэн олорорбутунан сибээстээн, дьиҥ бу күнтэн ыла сахалыы бэйэ бодотун тардынан, хас биирдии киһи олоххо сыаллаахтык-былааннаахтык кырдьыы бэрээдэгэр киирэригэр сүбэлиибин. Дьиҥнээх олох, киһи киһиэхэ наада буолара дьэ кэллэ. Биһиги олорон хаалбыт эбиппит. Хас биирдии киһи бу күнтэн ыла уларыйан, дьүһүн кубулуйуҥ диэбэппин, киһи быһыытынан уларыйаргытын этэбин. Олоҕу таптыахха, бэйэни харыстаныахха наада. Биһиги харыстанньаҥ, эйэлээх, сомоҕолоһуулаах буолуохтаахпыт. Олох соҕотохсуйумаҥ, санааҕытын уларытаҥҥыт, төрөөбүт дойдугут диэки хайыһыҥ.
Хас биирдии киһи дьиэлээх-уоттаах, иитиллибит, төрөөбүт түөлбэлээх. Биһиги айылҕа оҕолоробут, онон тутахсыйымаҥ, кэхтимэҥ, мин соҕотохпун, тугум да суох диэн тылы отой туттумаҥ. Саамай быйаҥнаах, байылыат олохтоох биһиги, манна уутуйан олорор саха омук, буолабыт. Хаһан даҕаны бэйэҕитин сэнэнимэҥ, куһаҕаннык саҥарсымаҥ, кыыһырсымаҥ, мөҕүттүмэҥ. Мөҕүттэр, кыыһырсар, сирэр-талар кэм буолбатах билигин – саҥа, бэйэҕэ бүгэр кэм. Биһиги быыһык кэмҥэ олоробут. Билигин биһиги наһаа да киэҥ сири баһылаан олорор эбиппит. Оҕолоргутун, ыччаттаргытын сахалыы иитиэххитин наада. Икки өрүттээх олох илэ-бодо тиийэн кэлбит эбит. Куттанарбыт, салларбыт, дьиксинэрбит да наһаа элбэх эбит, олоххо бэлэммит суох. Онон бу күнтэн ыла туохтан да куттаныа суохтаахпыт.
Аҕыйах сылынан алларанан да, үөһэнэн да элбэх омук кэлиэ. Аттыгар сүүс даҕаны омук кус-хаас тойугун туойан ааһар да кэмигэр куттаммытын, дьиксиммитин да биллэриэ суохтаах. Эр киһини эр киһи курдук, аҕаны аҕа курдук көрүөхтээхпит. Эр киһи дьахтары таптыахтаах, харыстыахтаах, хата бу мин биир бэйэм эйигин ылан биэс-алта буоллум диэн махтаныахтаах. Эр киһи наһаа кэбирэх, ону өйдөөх дьахтар сахалыы салайыахтаах. Онтон дьахтар аһа-үөлэ куруук бэлэм, таҥаһа-саба ыраас, дьиҥ сахалыы уопсайдыҥы дьаһаллаах, көрүүлээх буолуохтаах. Бу күнтэн ыла саха дьоно ыһыытаһан-хаһыытаһан, охсуһан-этиһэн бүтүөххэйиҥ. Дьиэ олоҕо дьахтартан улахан тутулуктаах, онон бэйэ-бэйэҕитин харыстааҥ, таптааҥ, эйэлээх буолуҥ.
Саха омук тыыннаах хаалар туһугар наар үчүгэйи, сырдыгы тутуһуохтаах. Күн аайы саҥалыы дьаһанан олоруохтаахпыт. Биһиги, сахалар, элгээнтэн, олохтон тэйдибит. Биһиги уот иччитигэр, Байанай иччитигэр сүгүрүйэбит. Уот, байанай, эбэ, уу, суол, сир баайын, дьиэ иччилэрэ бааллар, ол курдук барыта баар, бу биһиги сиэрбит-туоммут. Биһиги ытык кэрэ сиргэ олоробут, онон от-мас лабаатын аннынан сэрэнэн кэпсэтэн ааһыахтаахпыт. Онон бары хомуллан, түмүллэн олоруоххайыҥ, өйбүт-санаабыт бигэ буоллун!
Кылаан Кындыл алгыһынан, тойугунан арыйда. ''Сэргэлээх уоттара'' култуура киинигэр эдэр ырыаһыт Иоганн Матвеев бастакы айар…
Тылгынылар уолларыгар 100 тыһыынча солкуобайы бэлэх ууннулар. Бүгүн саха эстрадатын чаҕылхай сулуһа Иоганн Матвеев бастакы…
Горнай улууһугар Атамайга "Радуга" уһуйаан тэриллибитэ 65 сылын бэлиэтиир тэрээһин өрө көтөҕүллүүлээхтик буолла. Бу күн…
Оҕо уруһуйугар болҕомтоҕутун ууруҥ диэн психологтар сүбэлииллэр. Баһыйар өҥүнэн оҕо уйулҕатын туругун быһаарыахха сөп диэн…
Былыр-былыргыттан дьон харчыга сыһыаннаах бити-билгэни итэҕэйэр, туһанар. Ол ханныктарый? Остуолга кураанах иһиттэр, вазалар, бытыылкалар туруо…
Дьокуускайга сылы эргиччи оҕуруот аһын, күөх үүнээйини үүннэриинэн дьарыктанар "Саюри" тэпилииссэ комплексыгар газовай электрстанция (ГПУ)…