Эдьиийбит олоҕун эдэр көлүөнэ үөрэтиэҕэ
Аан дойду таһымнаах норуот эмчитэ, көрбүөччү, уйулҕаһыт, сүбэһит, “Гражданскай килбиэн” бэлиэ хаһаайына, СӨ култууратын туйгуна Анисия Дмитриевна Левина биһиги кэккэбиттэн бу сыл муус устар 28 күнүгэр суох буолбута. Улахан эдьиийбит олоҕун эдэр көлүөнэ үөрэтиэҕэ. Мин кинини кытта чугастык алтыспыт, доҕордоспут дьоллоохпун уонна ахтан, санаан ааһарга суруйан холоннум.
Анисия Дмитиревна олус дьикти, ураты олоҕу олорон ааста. Кинини кытта алтыһыспыт дьон бука бары үтүөнэн, сырдыгынан саныыр буолуохтаахтар. Кини бу Ийэ сирбитин харыстыы, бүөбэйдии кэлбит курдуга. Анисия Дмитриевна төрөөбүт тоҕус томтордоох Чурапчы Арыылааҕыттан ситимнээх. Оҕолуу үөрүнньэҥ, элэккэй, аһыныгас, киһини харыстыыр, ураты истиҥ майгылааҕа. Улуу куйаар тыынын, Айыы Ийэ дойдубут ситимин, аар айылҕабыт аанын анаарар идэтинэн ыарахан балаһыанньаҕа түбэспит дьоҥҥо көмөлөһөрө, сүбэлиирэ.
Анисия Дмитриевна күннээҕи олоххо куруук үтүөнү эрэ кэрэхсиир киһи этэ. Мэлдьи «үчүгээй-үчүгэй» диэн саҥарара. Кэрэни сөбүлүүрэ, онно тардыһара. Арчы дьиэтигэр үлэтин курдук кэлэрэ. Сахалыы итэҕэлин бэйэтигэр илдьэ сылдьара уонна тутуһара. Остуолга уктааҕы, быһаҕы, мээнэ ууран баралларын сөбүлээбэт этэ, кистии уура сылдьара. Куһаҕан тылы кыбытан саҥарары олох сөбүлээбэт этэ. Уулуссаҕа дайбааттанан хааман иһэр ыччаттары көрдөҕүнэ, «Барахсаттар, ыаллар оҕолоро иһэллэр“ диэччи. Төрөппүттэргэ куруук: «Оҕолоргут хайдахтарый? Үөрэннинэр. Этэҥҥэ сырыттыннар», — диирэ.
2019 с. кэргэнинээн Яков Петровичтыын 50 сыл бииргэ олорбуттарын оҕолорунаан бэлиэтээбит дьоро түгэннэрин олус долгуйан кэпсээбитэ. Анисия Дмитриевна эрдэттэн анаан бэлэмнэммит этэ. Төрөөбүт Чурапчытын Арыылааҕын сириттэн аал уотун отторугар тырыыҥка мас аҕалбыт. Үлэлээбит, олорбут Ньурбатын сирин иччилэрин аһатан кэлбит. Мархаҕа ыал буолан олорбут тэлгэһэлэригэр сылгылар киирэ сылдьыбыттарыгар үөрбүтүн эппитэ. Уонна онно тоҕус бугулу туруоран иччилэригэр махтаммыт, кэргэнинээн ыал буолан олорбут дьиэлэригэр оҕолоро үөрүүлээх үбүлүөйдэрин тэрийбиттэрин астына кэпсээбитэ. Саҥа холбоспут урууларыгар бэриллибит бэлэхтэрин: иһиттэри, маллары быыстапка оҥорон туруорбуттар. Бу мантан көстөр, Анисия Дмитриевна сахалыы эйгэтин бэйэтин олоҕор тутан сылдьыбыта.
Анисия Дмитриевна көрөр-истэр, булар-талар дьоҕурунан аныгы кэм тэтимин тутуһан үлэлээбитэ. Онон норуокка киэҥник биллибитэ. 90-с сылларга Чечняҕа тиийэн саха саллааттарыгар көмөлөспүтэ. Милиция, ГАИ, борокуратуура үлэлэригэр, сүтүктээх, кыһалҕалаах дьоҥҥо үгүстүк сүүрэн-көтөн кыһалҕаларын быһаарсыбыта.
Бултуу барар дьоҥҥо суолларын-иистэрин ыйан биэрэрэ. Эдьиийбит элбэх доҕоттордооҕо. Бары араас эйгэҕэ үлэлииллэрэ уонна бука бары киниэхэ олус истиҥник сыһыаннаһаллара. Дьон дьиҥ кэрэлэрин бэлиэтии көрөрө. Ону кини ис кутунан иитиһэрэ. Култуура тэрээһинигэр кыттыбыт дьоҕурдаах киһиэхэ бэлэх биэрэрин сөбүлүүрэ. Норуот олоҕо тупсарыгар ис иһиттэн ыалдьара. Аан дойду киэҥ сирдэринэн сылдьан балаһыанньаны барытын билэн кэлиэн баҕарара. «Ханна даҕаны үлэ боппуруоһа ыарахан буолла. Норуот хайдах аһаан олороро буолла? Тыаҕа олорор сылгы, ынах көрөр дьоммутугар көмө наада. Бары алаастан кэлбит үгэспитин ийэбититтэн-аҕабытыттан иҥэринэн илдьэ сылдьар итэҕэллээхпит. Уруккубут курдук сүөһүлээх эрэ буоллахха олорор кэм кэллэ. Маннык түгэҥҥэ бука-бары ырааҕы толкуйдуурбут ирдэнэр. Саха сайдарын туһугар тыа сирин сайыннарыахха наада …», — диэн этэрэ.
Түөрт сыллааҕыта Арчы дьиэтигэр Анисия Дмитриевнаҕа анаан биэчэр оҥорбуппут. Аҕыйах хонук иһигэр ис-иһиттэн хомулла охсон, бэрт иһирэх, истиҥ, сэргэх киэһээ буолбута. Ыҥыртаабыт дьоно бука бары айылҕалаах Эдьиийдэрин үөрдээри байанай аһыттан, ырыа-тойук кэһиилээх кэлбиттэрэ. Анисия Дмитриевна аныгылыы тылынан эттэххэ, креативнай киһи этэ. Оннук да дьону сөбүлүүрэ. Кэрэни, үчүгэйи кэрэхсиирэ. Элбэх эдэр дьүөгэлэрдээҕэ.
Билигин санаатахпытына, киһи бэйэтин майгытынан, ытыктабыллаах сыһыанынан, судургу өйдөһүүнэн олохпут эйгэтин хайдах оҥостон олоруохтаахпытын үөрэппит, такайбыт эбит. «Аргыыйдык сылдьан дьыалаҕын оҥоро сырыт» диэн тыллааҕа. Хас биирдии киһи анал дьоҕурунан, сатабылынан, киһилии сыһыанынан, бэйэ-бэйэҕэ мэһэйдэспэккэ, сирдээх, дьиэлээх-уоттаах, сүөһүлээх-астаах аныгылыы олох тэтиминэн бу орто дойдуга олороругар, элбэх оҕону төрөтөн атаҕар туруорбут кырдьаҕас ыал маанылаах ыалдьыт быһыытынан ыһыах түһүлгэтигэр хааман киириэхтэрин баҕарара.
Үрүҥ күн сырдыгын, тунал ый долгураҥын, Айыы дойдубут силигин атын хараҕынан көрөр-билэр аналын толорбут, олох эридьиэһиттэн сатаан салайсан таһаарсыбыт улахан Эдьиийбит Анисия Дмитриевна үтүө, кэрэ аата мэлдьи ааттана, ахтылла туруоҕа. Үөһээ үрдүк Айыылар дойдуларыттан харысхал, көмүскэл буола сылдьыаҕа.
Анна Холмогорова
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: