Хаартыска: Дмитрий Садовников телеграм-ханаалыттан.
СӨ Бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччы Дмитрий Садовников байыаннай дьайыы зонатыттан эргиллэн кэлбит Эдуард Филипповтыын көрүстэ. Кини бу туһунан телеграм-ханаалыгар суруйда:
«Бүгүн Эдуард Егорович Арассыыйа бэрэсидьиэниттэн «Хорсунун иһин» мэтээли тутта. Бу үрдүк наҕараада кини хорсунун уонна бэриниилээх буолуутун билинии буолар.
Эдуард Егорович — ураты тулуурдаах киһи, дьиҥнээх патриот. Сунтаар нэһилиэгин баһылыгынан үлэлии сылдьан, төрөөбүт дойдутун социальнай-экэнэмиичэскэй сайдыытыгар сүҥкэн кылаатын киллэрбитэ. Ордук ОДьКХ уонна тутуу салааларыгар элбэҕи оҥорбута.
Билигин Эдуард Егорович байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын кытта «Саха сирэ — дьоруойдар дойдулара» бырагырааманан бэлэмнэниини ааһа сылдьар. Кини улахан инникилээҕэр бигэ эрэллээхпин!
Эдуард Филиппов курдук дьон — биһиги киэн туттуубут, өйөбүлбүт. Өрөспүүбүлүкэбитигэр маннык эппиэтинэстээх салайааччылар баалларыттан ис сүрэхпиттэн үөрэбин!».
Сиһилии сигэнэн билсиҥ.
Саха сиригэр 9514 оҕо төрөөтө. Саха Өрөспүүбүлүкэтэ 2014 сылтан нэһилиэнньэ ахсаана үрдүү турар Уһук Илин…
Саха сирэ хорсун-хоодуот дьонунан аатырар. Саха сирэ бэйэтин устуоруйатыгар элбэх дьоруойу бэлэхтээбитэ, олор истэригэр Аҕа…
Хата бу бэрт этии буолбут. Билигин киһиэхэ ханнык битэмиин тиийбэтин бэрэбиэркэлэтээри дьон хастыы да тыһыынчаны…
Мииринэй оройуонун суута Ленскэй оройуонун 39 саастаах олохтооҕун улахан уорууга буруйдаата. Буруйдаах киһи тралга суоппардаабыт…
Мэҥэ Хаҥалас улууһун Төҥүлү нэһилиэгин урбаанньыта Иван Иванович Борисов туһунан “Саха сирэ” хаһыат саайтын нөҥүө…
Аҕыс уон сыл анараа өттүгэр, аан дойдуну аймаабыт, харах уута тохтуулаах Аҕа дойду Улуу сэриитэ…