Эдуард Новиков «На краю света» саҥа киинэтин уһулуу салҕанар

Share

Сэтинньи 5-18 күннэригэр Хаҥалас улууһун Ой сэлиэнньэтигэр Эдуард Новиков саҥа уус-уран киинэтин уһулуута салҕаныа.

Саҥа киинэ Николай Лесков «На краю света» сэһэнинэн «Сахафильм» киинэ хампаанньатын көмөтүнэн уһуллар. Бу туһунан оройуон баһылыгын бастакы солбуйааччы Василий Андреевы кытта көрсүһүүгэ кэпсэттилэр диэн Хаҥалас улууһун дьаһалтатын пресс-сулууспата суруйар.

Хаартыска: Хаҥалас улууһун дьаһалтатын пресс-сулууспата

«Эдуард Новиков бырайыага Бэрэсидьиэн пуондатын култуурунай көҕүлээһинин иккис гранын кыайыылааҕынан буолбута. Киинэни уһулуу Чурапчы улууһугар саҕаламмыта уонна быйыл күһүҥҥүттэн Хаҥалас улууһугар салҕанар», — диэн бэлиэтээтэ «Сахафильм» хампаанньа салайааччыта Алексей Егоров. Саас муус устарга киинэ устар бөлөҕө Томпо улууһугар үлэлииргэ былаанныыр.

Киинэҕэ Сибииргэ эдэр сааһыгар олохсуйбут архиепископ устуоруйата кэпсэнэр. Бу иннинэ киинэ режиссера итэҕэл уонна религия тиэмэтэ бүгүҥҥү күҥҥэ олус интэриэһинэй диэн бэлиэтээбитэ. Эдуард Новиков Хаҥалас улууһун олохтооҕо, Арассыыйа кинорежиссердарын Сойууһун чилиэнэ, Арассыыйа кинорежиссердарын гильдиятын чилиэнэ. «Бог», «Свет во тьме», «Плисада», «Айыы уола», «Царь-птица» киинэлэр режиссера. Аан дойду үрдүнэн 2018 сылга кини «Царь-птица» киинэтин премьерата буолбута уонна Москватааҕы киинэ бэстибээлин сүрүн бирииһин ылбыта.

What’s your Reaction?
+1
5
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Култуура
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Өрөйүҥ-чөрөйүҥ, олоҥхо истэр кэм кэллэ

“Бүгүҥҥү күҥҥэ саамай улахан ситиһиибитинэн олоҥхону толорор ыччаппыт, эр дьоммут элбээбитэ буолар. Кинилэри түүн да…

18 минут ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Абхазияҕа туох буолла?

Абхазияҕа ааспыт нэдиэлэттэн өрө туруу баран, бэрэсидьиэннэрин быыбара болдьоҕун иннинэ ыытыллар буолла. Сэтинньи 15 күнүгэр…

1 час ago
  • Итэҕэл
  • Куонкурус
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Күн-дьыл туруга: сэтинньи 23 күнэ

Бу күннэргэ күн-дьыл туруга хайдаҕый? Күнү-дьылы кэтээн көрөөччүлэр туох дииллэрий? Өрөспүүбүлүкэ арҕаа, хотугулуу-арҕаа улуустарыгар, Өлүөнэ…

2 часа ago
  • Сонуннар

Госдуума элбэх оҕолоох ыалларга юрист өҥөтө босхо буолуохтааҕын биһирээтэ

Госдуума элбэх оҕолоох ыалларга юридическай көмө босхо буолуохтааҕын туһунан сокуон бырайыагын бастакы ааҕыыга ылынна. Көмөнү үс…

14 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Пушкин института 2024 сыл тылын быһаарда

А.С.Пушкин аатынан Нуучча тылын судаарыстыбаннай института 2024 сыл тылынан "Пушкин" диэн тылы ааттаата. Бу туһунан…

15 часов ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ

Екатерина Снежко: «Билиҥҥи кэмҥэ барыбыт кыһалҕабыт биир»

Бүгүн «Дьиэҕэ төннүү» сэминээргэ анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын уонна кинилэр дьиэ кэргэттэрин чилиэннэрин кытта сөптөөх…

16 часов ago